Ательелаах ийэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Нам олохтооҕо Прасковья Аммосова иистэнэргэ мастарыскыай арыйар баҕалаах, улууһугар дьарыктаах буолуу киинигэр биир кэмнээх көмөнү ыларга сайаапка суруйан киллэрбит.

Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа  мунньахха кини сайаапкатын көрөн биһирээбит. Бу туһунан СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин саайта суруйар.
Нам олохтоохторо Аммосовтар дьиэ кэргэн кэтэх дьиэлэригэр хаһаайка «Көмүс иннэ»  диэн ательетын тэрийбит.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан иистэнэ, туостан, оҕуруоттан киэргэллэри оҥоро үөрэммитин кэпсээбит. Сөбүлүүр дьарыгар оҕолоноругар уоппуска ылан олорон ылсыбыт.
Быйыл биисинэһин кэҥэтэр былааннаах улуустааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр сайаапкаламмыт. Биисинэс-былаана биһирэнэн, өйөбүл-тирэх ылан, ательелаах ийэ үлэтин сайыннарар. Маннык өйөбүл оҥоһуллара бэйэ дьыалатын тэрийнэр дьоҥҥо туһалааҕын бэлиэтиир.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0