АТАС ТУҺУГАР АТАХ ТОСТОР (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
17.07.2021
Бөлөххө киир:

Максим Ксенофонтов саҥа кэпсээнин ааҕыҥ эрэ. 

Алтыс «а» кылаас оҕолоро бүгүн уруок кэнниттэн хааланнар пионерскай сбор ыытан эрэллэр. Этэрээт баhаатайдара, тохсуска үѳрэнэр Мичил Петров уонна Шура Иванова иккиэн бааллар.

Тимуровскай командалар ыйдааҕы былааннарын оҥоруохтаахтар. Сборга үѳрэнэ кэлбэтэх Күннэй Егороваттан уонна Алик Баппыровтан уратылар бары бааллар.

Сбор түмүгүнэн, этэрээт быhаарыыта маннык буолла. Маҥнайгы звено тимуровецтара сэрии ветерана Ойуурап кырдьаҕаска оттук маhын хайытыахтаах. Иккис звено бэкээринэ маhын, уутун бэлэмнииргэ кѳмѳлѳhүѳхтээх. Υhүс звено үлэ ветерана Агафия Сергеевна тиэргэнин хаарын күрдьэн биэриэхтээх. Оттон тѳрдүс звено оҕо саадын шефтэспитэ ыраатта. Онон бу да сырыыга онно барар буоллулар. Концерт бэлэмниэхтээхтэр.

Ити курдук, былааннарын оҥорон бүтэн эрдэхтэринэ, Айаал Акимов илиитин уунна. Ону кѳрѳн:

– Тугу этээри гынаҕын, Айаал? – диэн баhаатай Шура кыыс сылаарҕаабыт куолаhынан ыйытта.

– Мин санаабар, биhиги звенобут Баппыров Аликка кѳмѳлѳhѳрѳ ордук буолуо этэ.  Оттон оҕо саадыгар концеры кэлэр да ыйга туруоруохпут этэ, –  диэн, кулгааҕа кытара-кытара, Айаал кэhиэҕирбит куолаhынан эттэ.

Шура синньигэс хара хаастара дуҕалыы ѳрѳ иэҕилиннилэр, харахтара кэҥииргэ дылы гыннылар:

– Тоҕо эн итинник саныыгын? Детсад оҕолоро элбэхтэр буолбат дуо? Уонна кэлэр ыйга оҕолорго оонньуур оҥоруохтаахпыт, онон концерт былаан быhыытынан бу ыйга кѳрдѳрүллүѳхтээх.

– Оччоҕо оонньуур оҥоhуутун даҕаны, концеры даҕаны кэлэр ыйга холбоон оҥоруохха. Бу ыйга Аликка кѳмѳлѳhүѳҕүҥ. Кини ийэлээх эрэ. Ийэтэ үлэлиир кэмигэр икки быраатын соҕотоҕун кѳрѳр. Саатар, биир быраата ыалдьар, ону бүѳбэйдэhэн, үѳрэҕин да элбэҕи кѳтүттэ… – уолчаан паартаҕа ким эрэ «Ч.С.1983 с.» диэн суруйбутун сѳмүйэтин тыҥыраҕынан кыhыйа-кыhыйа ботугураата.

– Ону хайдах кѳмѳлѳhүѳххэ диигин? – староста Маня, ачыкытын халыҥ тааhа  килэбэчийэн ылаат,  олорон эрэ ыйытта.

– Уруогун үѳрэтэригэр, дьиэтин ис-тас үлэтигэр даҕаны, – Акимов тѳбѳтүн ѳндѳтѳн, паартатын сирэйин тарбыырын тохтотон, Маня диэки утары кѳрдѳ.

– Оҕолоор, саҥа этии киирдэ: оҕо саадын оннугар Алик Баппыровка кѳмѳлѳhүѳххэ диэн. Ону хайыыбыт? – сбор бүтэрин тулуйбакка-тэhийбэккэ күүтэн олорор   баhаатайдара, Мичил, добдугураата. Хара улар кынатыныы килэбэчигэс баттаҕын имэриммэхтээтэ. Онтон Айаал этиитин куоластыырга туруорда.

Куоластаатылар. Син биир оҕо саадыгар барар буоллулар.

Сбортан Айаал олус хомойон таҕыста. Дьиэтигэр да таарыйбакка, Аликка барда. Алик да кинини күүппүт. Бэркэ үѳрэн кѳрүстэ.

– Хайа, сбордаатыгыт дуу? – диэн ыйыта тоhуйда. Алик уруогу кѳтүтэрин улахаңңа уурбат, сборга сылдьыбатаҕыттан ордук долгуйар.

– Ы-hыы, – табаарыhа кылгастык хоруйдаата.

– Оҕолор бары бааллар ини?

– Эн уонна Күннэй суоххут.

Уолаттар, кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэй сылытан истилэр, Алик бырааттарын аhаттылар. Аhаан баран Алик кыра быраатын, ыарытыган Гошигы, утута сытыардылар. Онтон алталаах Дьулустааны илдьэ таhырдьа мас хайыта таҕыстылар. Уолаттар  хайыппыт хардаҕастарын Дьулустаан сааhылыы уурар. Чаас аҥара тиргиччи үлэлээн тириттилэр-хоруттулар.

– Сынньана түhүѳххэ! – диэтэ Айаал, бэргэhэтин ѳрѳ анньынаат уонна үтүлүгүн устан сүүhүн сотунна. Табаарыhа сѳбүлэстэ уонна чууркаҕа олорунан кэбистэ, онтон кууркатын сиэбин хаhан «Беломорканалы» хостоон таhаарда. Биир сотону ылан айаҕар угунна, иккиhин доҕоругар уунна.

– Эс, мин тардыбаппын, доҕор. Эн да тоҕо табахтыыгын, быраҕан кэбис! – Айаал сѳбүлээбэтэхтии кѳрбѳхтѳѳтѳ.

Алик син-биир табаҕын уматынна, атаhа буойарын истибэтэ.

– Миэхэ бэрсиий, – Дьулустаан  убайыгар чугаhыы-чугаhыы кѳрдѳстѳ.

– Кыра оҕо табахтаабат, – Алик, улахан киhилии тутта сатыы-сатыы саҥарда. – Хата, дьиэҕэр киирэн оҕоҕун кѳр, аны уhуктубута буолуо.

– Υлэлииргэ – улахаммын, табахтыырга – кырабын… – Дьулустаан киҥинэйэ-киҥинэйэ дьиэтин диэки дьѳгдьѳрүйдэ.

Уолаттар арааhы сэhэргэhэ-сэhэргэhэ балачча олордулар.  Айаал табах буортутун, туhата суоҕун туhунан иэҕэн аҕала турда. Табаарыhа онтон салгыбыттыы:

– Чэ, ѳссѳ үлэлии түhүѳххэ! – диэбитинэн туран кэллэ, таҥаhын кырыатын тэбэннэ. Онтон, кѳрѳ түспүтэ, дьиэ бордууhунатын дьѳлѳҕѳhүнэн хара буруо субуруйан эрэр эбит.

– Умайан эрэбит! – Алик, киhи куйахата күүрүѳн курдук сарылаат, дьиэтин диэки ыстанна. Уолаттар дьиэ иhигэр хайдах баар буолан хаалбыттарын бэйэлэрэ да билбэтилэр. Киирээт, остуол сабыытын ѳрүтэ салаан эрэр уот иҥсэлээх тѳлѳнүн түбэhиэх сабыта дайбаатылар. Буочукаттан хомуоhунан ууну сомсо-сомсо ыстылар. Ол икки ардыгар:

– Оҕолору!.. Оҕолору!.. – диэн хаhыытастылар.

Уолаттар оботтоох уоту саба туттулар. Кыра уолаттар орон анныгар киирэн бѳтүѳхтэhэ сыталларын Айаал хостоон таhаарда.

Дьулустаан кэпсээниттэн уот хайдах барбытын биллилэр. Дьулустаан дьиэтигэр киирээт, убайа табахтаабытын үтүктэн, остуолга сытар ийэтин табаҕын үрдүгэр түспүт. Испиискэ уматан соппойбутунан барбыт. Ол кэмҥэ Гоша уhуктан ыҥырҕаабыт. Дьулустаан табаҕын түбэhиэх элитээт, быраатыгар ыстаммыт. Сотору остуол ыскаатара умайан күлүбүрээн тахсыбыт. Оҕолор куттанан орон анныгар симиллибиттэр. Ити баар – табах иэдээнэ.

…Алик билигин үчүгэйдик үѳрэнэр. Айаал сүбэтинэн табаҕын бырахта. Дьэ, итини этэллэр: «Атас туhугар атах тостор», – диэн.

Максим Ксенофонтов

Хаартыска, уруһуй: sdelaicamin.ru,  ug.ru

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0