Горнайдар өрүү олус сомоҕолоһуулаахтарын, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөргө куруук бэлэмнэрин бэлиэтии, хайгыы көрөбүн. Дойду үрдүнэн коронавирус суоһаабыт, бу ыарыыттан киһи барыта куттанар, дьиксинэр кэмигэр, кинилэр ыччаттара тугу эрэ көмөлөһөн, өрө тардыһан санааны бөҕөргөтүстэрбит диэн санаанан салайтараллара бу биэрбит иһитиннэриилэриттэн көстөр.
Былдьаһыктаах күннэргэ, кулун тутар сүүрбэтигэр, Атамай нэһилиэгин эдэр ыала Керим уонна Ольга Яковлевтар, үтүө санааланыы аахсыйатын тэрийбиттэр. Улуустарыттан өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар үөрэнэр ыччаттары Дьокуускай—Бэс Күөлэ хайысханан дьиэлэригэр буор-босхо аҕалбыттар.
—Аахсыйаларын салгыыллар. Биһиги, олохтоохтор, Керимнээх Олябытыгар улахан да улахан махталбытын тиэрдэбит. Маннык үчүгэй, кэрэ дьоҥҥо санаабыттара сатанан, толкуйдаабыттара туолан иһэригэр баҕарабыт. Кинилэр үтүө холобурдарын атыттар батыһыахтара диэн эрэнэбит.
Биһиги, атамайдар, дойдуларыгар маннык бэриниилээх ыччаттардаахпытыттан наһаа үөрэбит. Ыал аҕа баһылыга Керим инникитин даҕаны нэһилиэк дурда-хахха туттар тумус киһитэ буолуоҥ диэн эрэнэбит, — диэн барҕа махталларын тиэрдэллэр.
Хаартыска: instagram@gorny_official