Горнай улууһугар Атамай ыччата дойдуларын сайыннарарга сүҥкэн кылааттарын киллэрсэллэр.
Олохтоох дьаһалта үлэһитэ Айсен Егорович Павлов салайыытынан, түмсэн, сүбэлэһэн араас хайысхаларга бырайыактары суруйан, улуус баһылыгын граныгар ситиһиилээхтик кытыннылар.
Бары кыһамньыларын уурбуттарын түмүгэр, нэһилиэк сайдыытыгар туһуламмыт бырайыактара өйөбүл ыллылар. Ол курдук, Лонгинов уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөҥҥэ, урбаанньыттары өйөөһүҥҥэ, «Анык-30 сыла» (ыччат түмсүүтэ) бырайыакка, «Дьоруой Ийэ албан аатыгар» диэн волонтердар бырайыактарыгар. Онон, дьэ, нэһилиэккэ үлэ-хамнас тигинэччи ыытыллаары сэргэхсийэн олоробут.
Түгэнинэн туһанан олохтоох дьаһалтаҕа, эдэр ыччакка нэһилиэк сайдыытын туһугар кыһамньыгытыгар, улуус дьаһалтатыгар нэһилиэктэргэ тирэх буоларгытыгар махтанабыт.
Валентина Яковлева,
Атамай