«Атах тэпсэн олорон» диэн подкаст таҕыста

Ааптар: 
09.10.2021
Бөлөххө киир:

Үүнэр көлүөнэ саха тылынан санаатын сөпкө тиэрдэригэр, төрөөбүт тылбытынан матырыйаал куйаар ситимигэр сайдарыгар, кэҥииригэр MUSTAR.COM бөлөх үлэлэһэн эрэр.

Манна эдэр дьон сахалыы подкастары, тэттик киинэлэри, иһитиннэриилэри, социальнай бырайыактары оҥоруохтара. MUSTAR.COM бу күннэргэ бастакы биэриитин — «Атах тэпсэн олорон» диэн подкасты бэлэмнээтэ. Ыалдьытынан ыччакка киэҥник биллэр КВН-щик, киинэ артыыһа, продюсер Владимир Тимофеев буолла.

Бырайыагы тэрийээччилэр үлэлэрин: «Бу подкаст саха тылын үйэтитиигэ, кэнчээри ыччаппыт төрөөбүт тылынан куйаар ситимигэр саҥаран, тыыннаах эйгэни сатаан тэринэригэр анаан оҥоһулунна. Саха номохторун, үгэстэрин, итэҕэлин көстүүлэрин кэлэр көлүөнэ биллин диэн подкаспытын көрөргө судургу уонна өйдөнүмтүө гына оҥордубут. Ыҥырыллыбыт ыалдьыттарбыт этиилэрэ эрэдээктэр санаатыттан ураты буолуон сөп. Ыытааччы оҕолор куорат эйгэтин иитиллээччилэрэ буолалларын быһыытынан, төрөөбүт тылларын-өстөрүн тупсараары кыттыыны ылаллар. Сахалыы тыын, сахалыы эйгэ кэҥии, туругура турдун», — диэн быһааран суруйдулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0