АТААРЫЫ (Кэпсээн, салгыыта-4)

Ааптар: 
08.10.2021
Бөлөххө киир:

ААЙА, салгыыта

*   *   *

Ульяналаах докумуоннарын ситэрэн-хоторон, күһүн министиэристибэ племенной сэбиэтин көрүүтүгэр киллэрэн, көмүскээбиттэрэ. Ол түмүгэр, «Кылыс» племенной хаһаайыстыбаҕа хандьытаат аатын ылбыта, эһиилигэр племенной хаһаайыстыба кэккэтин хаҥаппыта. Племенной учуокка киирбит, үрдүк кылаастаах ынах сүөһүнү көрөрүгэр-истэригэр уонна ууһатан тарҕатарыгар, ол эбэтэр атын хаһаайыстыбаларга атыылыырыгар, судаарыстыбаттан харчы ылар буолбута. Бу хайысхаҕа анал штат көрүллэн, зоотехник идэлээх Маргарита  Терентьева селекционер-зоотехнигынан үлэлии кэлбитэ, оттон Ульяна пиэрмэ күннээҕи үлэтин-хамнаһын тэрийиигэ сирэй эппиэттээх биригэдьиир-зоотехнигынан анаммыта. Племенной үлэҕэ туспа исписэлиис баара көдьүүстээҕэ көстүбүтэ, икки сылынан «Кылыс» аны сылгыны үөрдээн иитиигэ племенной хаһаайыстыба буолбута.

Күн-дьыл ааһан, араас уларыйыылар, саҥа сүүрээннэр киирэн испиттэрэ. Бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэтин-хамнаһын түмүгүн нэһилиэнньэҕэ отчуоттуур, инники былааннарын билиһиннэрэр, дьон тугу туруорсарын истэр буолбута. Кылыс нэһилиэгэр тэриллибит мунньахха Эдьиий Огдооччуйа ордук кыайыылаах буолуо диэтэҕэ, уордьанын, мэтээллэрин анньынан кэлэн,  маннык эппитэ:

–  «Үлэ миэстэтин таһаарыҥ» диэн ити үчүгэй баҕайытык этэҕит эрээри, бу биһиги «Кылыспыт» курдук хаһаайыстыбаларга туох да өйөбүл суох, уонча сыл тухары үүппүтүн-эппитин сүгэ сылдьан атыылаан, онон хамнастаммыта буолан баччаҕа кэллибит. Тыа сиригэр үлэ миэстэтэ маннык хаһаайыстыбалары сайыннардахха эрэ үөскүүр буолбатах дуо? Хаһаайыстыба эһиннэ да, сүөһүтэ-сылгыта ыһыллар, кыргыллар, элбэх киһи үлэтэ суох хаалар, онтон сылтаан нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа сатарыйар.

– Эдьиий уот харахха этэр! Хаһаайыстыба эһиннэ да, нэһилиэкпит эстэр! – саалаттан сэҥээрэр саҥалар иһиллибиттэрэ.

– Доҕоттоор, сөпкө этэҕит, – микрофону тыа хаһаайыстабытын саҥа миниистирэ, үрүт уоһугар тор курдук бытыктаах Наум Дмитриев  ылбыта. – Тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр-хамнаһыгар социальнай хайысха тутуһуллан, тыа сирин дьоно дохуоттаах буолалларыгар хайаан да судаарыстыба тирэх буолуохтаах, халбаҥнаабат көмөнү оҥоруохтаах, бородууксуйаны батарыы мэктиэлэммит ситимин тэрийиэхтээх. Ол иһин биһиги «Тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын» бырагырааматын оҥорон, олоххо киллэрэн эрэбит.

Салгыы бырагыраама туһунан, үп-харчы ханнык хайысхаларынан  уонна хайдах быһыылаахтык көрүллүөхтээҕин туһунан бэрт ылыннарыылаахтык кэпсээбитэ. Мунньах кэнниттэн хаһаайыстыба үлэһиттэрин кытары көрсүбүтэ, пиэрмэҕэ сылдьыбыта, үгүһү сүбэлээбитэ-амалаабыта.

– Аан дойдуга туох барыта уларыйа-тэлэрийэ турар. Арай, сарсыарда, күнүс уонна киэһэ аһыыры ким да уларытар кыаҕа суох, онон эһиги үлэҕит  дойду ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун хааччыйар стратегическай суолталаах, – диэн түмүктээбитэ улахан эрэли үөскэппитэ.

Кырдьык, сопхуостар ыһыллыахтарыттан ылыллыбыт бастакы боччумнаах докумуонтан, бастаан «Президентскэй» диэн сүрэхтэммит тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамата үлэлиэҕиттэн, мэһэйдии сыппыт харгылар арыый төлөрүйэн киирэн барбыттара. Итиннэ сиэттиһиннэрэн, олохтоох салайыныы тиһигэ киллэриллэн, нэһилиэк эмиэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы бырагырааматын оҥостон үлэлиир, бэйэтин бүддьүөтүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар үп тыырар буолбута. Онон уонна племенной үлэҕэ, үүт соҕотуопкатыгар харчы көрүллэн, ити кэмҥэ киэбэ уларытыллан, тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ диэн ааттаммыт “Кылыс” тирэҕин булуммута. Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн, улууска үлэлии тахсар эдэр исписэлиистэр хамнастарыгар бүддьүөттэн эбии төлөбүр олохтоммута. Инньэ гынан, кэпэрэтиипкэ саҥа экэнэмиистэр, бухгалтердар уонна астыыр салаа технологтара кэлэннэр, хастыы да сылга дуогабардаһан үлэлээбиттэрэ. Хаһаайыстыба салайааччыта Дмитрий Сергеевич Никонов нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгынан талыллан, салалта муоһатын Василий Павлович Игнатьев туппута. Кини оннугар мэхээнньигинэн Кылыс ыччата, үрдүк үөрэҕи саҥа бүтэрбит Прокопий Парфенов анаммыта. Пиэрмэҕэ эмиэ уларыйыы-тэлэрийии бөҕөтө барбыта, кырдьаҕас ыанньыксыттары эдэрдэр солбуйбуттара.

Билигин «Кылыс» кэпэрэтиип – 600 ынах сүөһүлээх, 700 сылгылаах, улуус киинигэр уонна куоракка маҕаһыыннардаах, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин хас да хайысханан тэрийэн, сүүсчэкэ киһини үлэнэн хааччыйан олорор, салаа ахсын эппиэттиир анал идэлээх исписэлиистэрдээх улахан хаһаайыстыба.

** *

Оо, эҥин араас уларыйыыны-тэлэрийиини, сыана үүнэ-тэһиинэ суох барарын, айылҕа араас кубулҕаттарын тулуйбакка, төһөлөөх элбэх хаһаайыстыба эстибитэй? Сопхуос ыһыллаатын кытары нэһилиэк аайы тэриллибит табаарыстыбалартан, кэлэктиибинэй уонна хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэртэн 2005 сыллаахха диэри улуус үрдүнэн биэс эрэ хаһаайыстыба ордубута. Бэл, «Томтордоох» ХЭТ тулуспатаҕа. Сопхуос киин отделениета буолан, кинилэргэ тиэхиньикэ да, бааза да, сүөһү-сылгы да талбыта баара! Аны отделениеҕа даҕаны, киин аппараакка даҕаны исписэлиис бөҕөтө: инженер  мэхээнньиктэр, тутааччылар, мелиоратордар, энергетиктэр, зоотехниктар, бэтэринээрдэр, агрономнар, бухгалтердар, экэнэмиистэр…

– Сопхуоспутун эһэн, барыбытын бары суйдаан баран, «сус» гыммыттара! – Томтордооххо зоотехниктаабыт Ирина Петрова бэркэ кыһыйан-абаран кэпсээбитэ. – Табаарыстыба тэрийэрбитигэр икки эргэ тыраахтар, биир нэһиилэ сүүрэр массыына хаалбыт, били аатырбыт племенной пиэрмэлэртэн, племенной гнездолартан бастыҥ ынахтар паайга үллэһиллибит, сир үтүөтэ барыта, бэл, арыылар, чааһынайга-бааһынайга бэриллибит этилэр. Ыанньыксыттары, сылгыһыттары, мэхэньисээтэрдэри түмэммит син үлэлии-хамсыы сатаабыппыт ээ уонна били биэс сыллаах кураан кэнниттэн кыайан өрүттүбэтэхпит. Эһиги курдук арыыга отордообуппут буоллар… Эһиги Хаастаахха киирбиккитин истээт, Тииттээҕи ыйытан көрбүппүтүн Бохуомап баҕайы чугаһатыа баара дуо?! Онон ити билигин хаһыат сирэйиттэн түспэт баай бааһынай буолан бөскөрүҥнүүр, сопхуос эстибититтэн туһаммыт бу нэһилиэккэ арай, кини баар. Санаатахпына, төрүт кыйаханан киирэн барабын! Оо, иэдээннээх да кэм ааспыта… Кэлин дьон да сүгүн-саҕын үлэлээбэт, киһи туһугар хамсанар курдук туттар-хаптар, тугу эппит-соруйбут барыта этиһиигэ-үөхсүүгэ кубулуйар буолбута.

– Ирина Михайловна, оттон эһиги, киин аппараакка үлэлии сылдьар исписэлиистэр, сопхуос ыһылларын ама, эрдэттэн билбэтэххит-сэрэйбэтэхит дуо? – кырдьаҕас биир идэлээҕэ айаҕа аһыллыбытын туһанан, Ульяна элбэҕи билэргэ дьулуспута.

– Хантаан? Манна түөрт сүүс ынах киирэр таас хотоно тутуллан, сайылыктар үрдүк күүрүүлээх уот ситимигэр холбонон, ынаҕы ыыр ситим туруоруллан, от, сиилэс, сенаж, бурдук, хортуоппуй, хаппыыста бөҕөтө үүннэриллэн, атын отделениеларга эмиэ оннук үлэ-хамнас тэриллэн, мин тус  бэйэм баҕас: «Сайдан эрэбит, хаһаайыстыбаннай ахсаан, аренданан бэдэрээт киирэн, дьон үлэҕэ интэриэстэннэ, онон өссө үчүгэй буолан иһиэхпит», – дии саныыр эдэр хомуньуус этим буоллаҕа. Сопхуос сүөһүнэн-сылгынан эрэ муҥурдаммат этэ, олорор дьиэни-уоту, детсаады, оскуоланы, кулуубу, спортивнай сааланы эмиэ тутара, хомунаалынай хаһаайыстыбаны көрөрө. Билигин муода буолбут тылынан эттэххэ, тыа сирин кэлим сайдыытын боппуруоһун барытын быһаарара.

Ити гынан баран, сорох ырычаахтара үбү сиэһиҥҥэ анаммыт курдуктара. 1990 сыллаахха биһиги сопхуос былааммытын барытын толорон, дохуот да, ороскуот да өттүгэр араастаһыыта суох тахсыбыппыт. Оттон былаанын хас көрүҥҥэ ырааҕынан толорбототох, саас сүөһү бөҕөтүн күрдьүккэ соспут  «Сыырдаах» сопхуос сыл түмүгүнэн балтараа мөлүйүөн солкуобай барыстаммыта. Дьэ, хайдаҕый? Оччолорго ааспыт бэтилиэккэ көрдөрүүтүн бу бэтилиэккэҕэ хас бырыһыанынан куоһараҕын да, судаарыстыба соччонон элбэх датаассыйаны биэрэрэ. Биһиги үүккэ үлэлиир дьон, наар үүккэ угарбыт. Оттон «Сыырдаах» датаассыйатын племенной сылгы этигэр уган, онус бэтилиэккэ түмүктэнэр сылыгар, 1985 сыллаахха 10 туоннаны туттарбыт, 1990 сыллаахха ону уон төгүлүнэн куоһарбыт. Түмүгэр, мөлтөх үлэлээх эрээри, бастыҥ аатыран тахсар, ороскуотун барытын сабынарын ааһан, үлэһиттэригэр харчы бөҕөтүн үллэрэр! Ити курдук үлэ-хамнас саҥа көрүҥнэрин тэрийэргэ, кэҥэтэргэ туһуламмыт өйөбүлү «өйдөөхтөр» бырыпыысканы оҥорорго туһанар буолбуттара. Соҕуруу хайдаҕын билбэппин, оттон биһиги Сахабыт сиригэр сопхуос диэн дьиҥинэн саамай табыгастаах систиэмэ этэ. Ону үөһээҥи салалта бэйэтэ эспитэ.

– Бэйэтэ даа?

– Бэйэтэ бөҕө! Бастаан 1991 сыл кыһыныгар, ахсынньыга быһыылааҕа, Саҥа дьыл иннинэ өрүкүнэһии буолбутун өйдүүбүн, сир реформатын уталытыллыбат миэрэлэрин туһунан ыйаах кыырайан тахсыбыта. Сир ким баҕалаахха бэриллэрин, сир көрдөөбүт киһи сайабылыанньатын ый иһинэн быһаарбатах салайааччы улаханнык ыстарааптанарын, үлэтиттэн ууратылларын туһунан этиллибитэ. Онно туттуммахтаан хаалбыттар сир-уот үтүөтүгэр тиксибиттэрэ. Нэһилиэнньэ баһыйар өттүн үлэнэн хааччыйан олорбут сопхуос баайа-дуола босхо түҥэтиллэрэ бастаан эрэ үчүгэй курдук буолан баран, кэтэх өттө, уһун күлүгэ кэлин көстүбүтэ… Үлэтэ-хамнаһа суох хаалбыт дьону түмэр туох да суох буолбута, арай, арыгы атыылыыр чааһынай чуолҕаннар дэлэйбиттэрэ.

Мин сопхуос ыһыллыытын бастаан быстах көстүү курдук санаабытым, сотору олох оннун-тойун булуо, бачча улахан судаарыстыба хайдах былааннаах экономиката, оҥорон таһаарар бородууксуйата суох сатаныай диирим. Ол соторум сүүрбэччэ сыл уһаабыта, дойду үрдүнэн сатарыйыы оннук баһархайа. Бэл, бэйэбит үрдүкү салалтабыт аан дойдуга ханна даҕаны бу биһиги Сахабыт сирин курдук кытаанах усулуобуйалаах сиргэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктамматтар, онон ынах кутуругун манаан олорумаҥ, куораттарга көһүҥ, бырамыысаланнаска сыстыҥ диирэ. Маҕаһыыннарга араас атын сирдэртэн, бэл, Аргентинаттан, Бразилияттан тиийэ аҕалыллыбыт эт-үүт толору тардыллыбыта. Кирэдьиит диэн төрүт бэриллибэт этэ, туохха эмит харчы көрүлүннэҕинэ даҕаны, олус хойутаан тиксэриллэрэ уонна 60 %-ын эһиилигэр төннөрөр  ирдэнэрэ. Биһигини дьэ ол сиэбитэ, иэс-күүс бөҕөҕө баайыллан, эрдиитэ суох оҥочоҕо уста сатаан бараммыт, чуурбутун биэрбиппит. Хата, эһиги бэркэ таҕыстыгыт!.. Билигин санаатахха, Миитээ Никоновтыын саҥалыы толкуйдаах ыччаттар түбэсиһэҥҥит, хара бастакыттан бородууксуйаҕытын бэйэҕит батараҥҥыт сүүйбүккүт, оттон ытыктабыллаах Денис Петрович биһикки уруккубутун ыһыктыбаккабыт, өлбүтэ ырааппыт улуустааҕы үүт-эт кэмбинээтин тилиннэрэ сатыы олорбут эбиппит. Хайгыыбын уонна… ордук саныыбын эрэ.

Улуус былырыыҥҥы ыһыаҕар икки зоотехник – биирэ эстибит, иккиһэ атаҕар турбут хаһаайыстыбалар исписэлиистэрэ – ити курдук кэпсэтэн арахсыбыттара. Чахчы ыарахан, кыһалла сатыыр үрдүнэн кыаллыбат абаккалаах кэмнэр ааспыттара. (Ульяна ыксаан, били саамай кураан сылларга оскуола дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы, урут пиэрмэҕэ бииргэ үлэлээбит кыыһа Мария Павловна Нестерова агро-оскуола буолабыт, онно маастарынан кэл диэн ыҥырбытыгар, бара сыспытын Дмитрий Сергеевич көрдөһөн тохтоппута, ол кэпсэтии хата, пиэрмэҕэ биллибэккэ хаалбыта). Улуус дьаһалтатыгар уонна оҥорон таһаарар үлэни-хамнаһы тэрийии ырычаахтарын быһаарар аналын сүтэрэн, отчуоту хомуйар, төһө от оттоммутун, төһө үүт ыаммытын, төһө сүөһү күрдьүккэ соһуллубутун туһунан сыыппараны сыымайдыыр сулууспаҕа кубулуйбут тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар сырыттахха, халба курдук суохтан атыны билбэттэрэ:

– Туох да суох. Оннук ыйыы-кэрдии мэлигир. Бу эһиги кэлэ-кэлэ ытыыр сиргит буолбатаҕын хаһан өйдүүгүтүй?

– Урукку сопхуос саҕанааҕы датаассыйа мэлийбитэ ыраатта. Билигин атын кэм: дьии-кэй ы-рыы-нак! Ити биһиги буолбатах, эһиги бэ-йэ-ҕит тэрийбит хаһаайыстыбаҕыт, онон бэ-йэ-ҕит сүүрэн-көтөн, харчы киллэриниэхтээххит.

Кинилэр да сүүрэн-көтөн ахаан ахан! Бородууксуйаны бэйэ улууһугар батарар кэм судургута. Үксүлэрэ кэриэтэ билэр дьонуҥ, сорохторо аймахтарыҥ, үөлээннээхтэриҥ. Улуус киин бөһүөлэгэр мэлдьи атыылаһар дьонноругар сыананы кыратык түһэрэллэрэ, ол бастайааннай килийиэннэр атыылаһар дьону буларга көмөлөһөллөрө.

Оттон куоракка киллэрэн атыылыыр ыарахан этэ да, «киэҥ иһит салааһыннаах» диэн мээнэҕэ этиллибэт, киирбит табаар сордоон-муҥнаан батарыллан, харчыга турара. Атыыһыт Агааса уурайбытын кэнниттэн, хаһаайыстыба исписэлиистэрэ солбуһа сылдьан бэйэлэрэ атыылыыр буолбуттара. Ким билэр дьоннооҕунан, биир дойдулаахтарынан: «Хамнаскыт кэллэҕинэ, биһиэхэ этээр, сүөгэй уонна эт атыыланарын туһунан тэрилтэҕэр биллэриитэ таһаараар», — диэн эрдэттэн кэпсэтии бөҕөтө ыытыллара. Аҕыйах да киһи ылыах буолара санааны күүһүрдэрэ. Кинилэргэ сылдьыбыт кэнниттэн, түбэһиэх тэрилтэлэринэн кэрийиллэрэ. Кэбиниэттэри өҥөйтөлүү-өҥөйтөлүү, үлтү сылайбыты уонна эйиэхэ бу турарыҥ сыанан аҕаабатын биллэримээри, мичээрдээбитэ буола-буола, албыннаспыт оҕо курдук, ньуолбар куолаһынан: «Тыа сибиэһэй сүөгэйин атыылыыбыт», «Эккэ наадыйаргыт буолаарай? Удамыр сыанаҕа биэрэбит, кууһунан ылааччыларга түһэрэбит», – дэниллэрэ. Сорох ылан үөрдэрэ, сорох атаххыттан баскар диэри сиилээбиттии өрө көрөн таһааран баран: «Суох!» – диэн хомоторо, чараас көһүлүөктээхтэр да элбэхтэрэ.

Биир оннук сырыыга хайа эрэ остолобуойга эбиэттии олорон,  аргыһа:

– Эттэрэ эрэһиинэ курдук уунаҥныы сылдьар уонна төрүт амтана суох, – диэбитигэр өй ылан, Ульяна ордубут эти манна үҥүлүтэн көрөргө санаммыта.

Хаассаҕа олорор кыыһы кытары кэпсэппитигэр, анарааҥҥыта биир дьахтары ыҥыран ылбыта, ол дьахтар сэбиэдиссэйгэ дуу, хаһаайыҥҥа дуу, быһата, биир киһиэхэ илдьибитэ. Дьыалабыай киһи кэпсэтиитэ судургу буолбута.

– Эһиги эккит үчүгэйин билэбит эрээри, ону ыллахпытына, сыананы  үрдэтэргэ тиийэбит уонна моҥкуруут барабыт. Ол биһиэхэ наада дуо? – диэн баран көрдөрө биэрбит бэтэринээринэй арыаллыыр докумуоннарын төттөрү ууммута, акыйаан уҥуоргуттан аҕалыллыбыт, хаһан өлөрүллүбүтэ биллибэт, туох да амтана суох эрээри, быдан чэпчэки сыаналаах сүөһү этинэн үлэлиир кинилэргэ ордук табыгастааҕа.

Кэрийэн атыылааһынтан киирбит харчыны мунньан, үлэһиттэри хамнастыыллара. Онно  да махай элбэҕэ, араас саҥа-иҥэ иһиллэрэ.

– Хаһан уонна төһө харчыны ылбытын билинэр киһи диэн суох, – бухгалтер Наталья саамай кыһыйара ол этэ. – Субу сибилигин аҕай Сиипсэбэ  Дааса киирэн, дэлби саҥаран таҕыста. Ый саҥатыгар уолум күрэхтэһиигэ барар, онтон кыыспын таҥыннарыам диэн, кэлин эмиэ туохха эрэ диэн тойонтон суруктаах киирэн, хаста да абаансаланан уонна килиэп, эт ылбыта көҕүрэтиллэн, ылара да аҕыйах хаалбыта. Дьэ ону мыынан, тыыныы-тыбыырыы! Ол быыһыгар ытыыр эҥин… Субан сүөһүҥ бостууга Трофимов ыйдааҕытын курдат сиэн кэбиһэн баран, бэҕэһээ туох да бэриллибэтэҕэр абытайдаах кыыһырыы-абарыы! Кинилэр үптэрин мин сиэн олорор үһүбүн, биэдэмэһи көрөр, быһаарары истэр аат суох. Ульяна, дьоҥҥун көр-иһит… Хастара хаһынан киирэ-киирэ итинник дьаабыланар буоллахтарына, тоҕо кинилэри дохуоттуур туһугар сордонобутуй?!

Ульяна ол күн пиэрмэҕэ үлэһиттэри, ыанньыксыттары, сүөһү аһатааччылары, субан сүөһүнү көрөөччүлэри, барыларын мунньан, харчы хантан уонна хайдах кэлэрин, бухгалтердар тус үлэлэрин таһынан, кэрийэн атыыга эмиэ  сылдьалларын, онон кинилэри сылаас хонтуораҕа таах олорор курдук саныыр сыыһатын, тэрилтэ социальнай нолуоктары барытын төлөөн, хамнаһы да син биэрэн, уҥа-хаҥас бырахсан иһэрин, ол барыта биэдэмэскэ тиһиллэрин, ким да харчы сии олорботун туһунан ордук саҥа үлэлии киирбит дьоҥҥо кыра оҕоҕо өйдөтө сатыыр курдук, хат-хат лэбийэн быһаарбыта. Тылтан тыл төрөөбүтэ, кыра соҕус хапсан ылыы, ытамньыйыы да баара.

– Оттон кыһыыта бэрт ээ, тэрилтэ барыта хамнаһа үчүгэйдик кэлэр буолтун кэннэ биһиэхэ эрэ аҕыйах солкуобай баҕалаах, – диэбитэ Дааса өрө сыҥарын быыһыгар. – Оҕолорбун эдьиийим оҕолорун аччаабыт таҥастарын хомуйан таҥыннарабын, уолаттарым өссө кыһаммат курдук буоллахтарына, кыыһым оскуолатыгар барыан баҕарбат. Саастыылаахтара маанылара бөҕө!    Оҕом сыыһын күлүү гынан эрдэхтэрэ… Куоракка киирэр кыах суох буолан, таҥаһы-сабы маннааҕы эргиэмсиктэртэн атыылаһабыт, олор иэс биэрэн абырыыр аатыран, ыарахан баҕайытык сыаналыыллар. Дьиҥинэн, кинилэр даҕаны ол кытайдартан түһэрсэн ылан таһаараллар буоллаҕа.

– Даасаа, бэйэҥ куоракка киирэн тахсарыҥ ол тоҕо табыллыбатый? –  Огдооччуйа дьиктиргээбиттии ыйыппыта, кырдьаҕас ыанньыксыттар бары улааппыт оҕолордоох буоланнар, ааспыт өттүгэр маннык кэпсэтии тахса илигэ.

– Ким солбуйан, ким бырайыастаан ыытарый ол?

– Кээс, һыллыай, эн хара тыаҕа буолбатаххын, дьонноох сиргэ сылдьаҕын. Бу настаабынньыгыҥ ааттаах олоробун дии, үлэлээбит биир сылыҥ устатыгар оннук наада диэн эппиттээххин дуо? Ама, аҕыйах ыамҥа солбуйар киһини булуохпут суоҕа дуо? Урут сопхуос саҕана үөрэх аһыллыыта оҕолорбутун илдьэ улууһунан, куоратынан кэрийэн, маҕаһыын бөҕөтүн көһөрөн тахсарбыт үчүгэй да буолара. Билигин да оннук гынар тоҕо сатамматый?

Намыһаҕар эбии аһынан-үөлүнэн ылан курдат көҕүрэтэр буоланнар, хас да оҕолоох, сорохторо аҥардас үлэһит ыанньыксыттар хамнастара туохха да тиийбэт этэ. Балачча көйгүөрүү, ньамалаһыы кэнниттэн пиэрмэҕэ Дааса курдук кыһалҕалаах өссө икки дьахтар баара, кинилэр сүөгэй уонна эт  атыылыы киирэр массыынанан (кэпэрэтиип бэйэтэ фургон-УАЗ ылыммыта) күн сарсын даҕаны ырыынакка киирэн тахсыахтарын сөбүн быһаарбыттара. Кэлэр өттүгэр оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох ийэлэр күһүн үөрэх аһыллыыта куоракка таҥас-сап атыылаһа киирэллэрин салалтаттан туруорсарга сүбэлэспиттэрэ. Ону Дмитрий Сергеевич тута өйөөн, сүөсүһүттэр күһүн уонна саас оҕолорун илдьэ Дьокуускайга киирэн, ырыынакка итиэннэ тыйаатырга сылдьар, күн бүгүн да халбаҥнаабакка тутуһуллар үтүөкэн үгэстэрэ олохтоммута.

Үлэ түбүгэр сыл диэн хонук кэриэтэ устар. Кэм-кэрдии кимэн иһэрэ биллэн, Эдьиий Огдооччуйа ыарытыйар, сылааргыыр буолбута. Онон сайылыкка ыабыт уон ынаҕын кыстыкка киириигэ туттаран, төрүт уурайан, куоракка кыыһыгар киирэргэ  быһаарыммыта. Атаарыы киэһэтэ кулуупка тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр тэриллибитэ. Хаһаайыстыба үлэһиттэрин таһынан нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, араас сылларга бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, бэтэрээннэр кэлбиттэрэ. Бэрт истиҥ, иһирэх чиэстээһин буолбута. Эдьиийдэрин, күндү киһилэрин, атаарарга бары олус долгуйбуттара, бэл, сааһырбыт ыал ийэлэрэ уйадыйбыттара.

– Эдьиэй, бу тухары эн сүбэҕинэн-амаҕынан дьаһаллан кэлбит дьон дьэ, хайдах үлэлиибит-хамсыыбыт? Ынаҕа суох көннөрү настаабынньык быһыытынан да сырыт, эн баарыҥ да астык буолуо этэ, – дэспиттэрэ.

– Кээс-кээс, кыргыттарыам, кыаҕы билинэр ордук. Пиэрмэҕэ 17-лээх кыыс кэлбитим уонна бу 65-пэр уурайдым. Дьэ ону суоттааҥ, хас сыл ыанньыксыттаабыппыный? Биир куһаҕан хачаайы дьахтарга сөптөөх үлэ диэбэккиэт? Мин оннубар бу Маарыйа хаалаҕын, эһиги дьэ, кини тылын истибэккэ баҕалаан көрөөрүҥ эрэ, сайын кэлэммин дьаһайталыаҕым! – диэн баран барыларын ыга кууһа-кууһа, сыллаталаан ылбыта.

Бастакы сылларга Огдооччуйаны, кини сүбэтин-аматын, сабыдыалын Ульяна олус суохтаабыта. Үлэ ньыматын билэр-сатыыр, күннэтэ күөрэйэр араас кыһалҕаҕа сөптөөх быһаарыыны тобулар, дьон санаатын табар, дьону түмэр, көҕүлүүр киһи суоҕа үлэлииргэ-хамсыырга уустуктардааҕа. Маарыйа, Мотуруона, Дуунньа, Татыйаана, Өктөбүрүүнэ даҕаны соччо уһаабатахтара, иккилии-үстүү сылынан уурайталаабыттара. Кинилэри  кытары үлэлээн уопутурбут орто саастаах ыанньыксыттарга тирэҕирэн, саҥа үлэлии киирэр дьону үлэ ымпыгар-чымпыгар үөрэтэр, кэлэктиип тыыныгар иитэр, сорохторун чөл олоххо, бэрээдэккэ тардар, үөрэтэр-такайар ыарахан үлэ саҕаламмыта. Ол түбүктээх сыллар биригэдьиир көмөр хара баттаҕар ирбэт кырыаларын ууран ааспыттара…

* * *

Биэкэр Биэрэни кытары тиийбиттэригэр, аан хоско утары тахсыбыт ис-иһиттэн ыраас сэбэрэлээх, намыын-холку көрүҥнээх дьахтары көрөөт, Ульяна «һык» гына түспүтэ – кини иннигэр эдэр Эдьиий Огдооччуйа турара!

– Дорооболоруҥ. Эһиги..?

– Кэпэрэтииптэн кэллибит.

– Баһаалыста ааһыҥ, Ульяна…?

– …Степановна,  оттон бу –  Вера Николаевна.

Саала хоско туруоруллубут хоруопка Эдьиий Огдооччуйа сытара. Быстах сынньана түһэн баран: «Хайаа, кыргыттарым кэллигит дуу?» – диэбитинэн сибилигин туран кэлиэх курдуга. Аттыгар  туумбаҕа хара лиэнтэлээх мэтириэтэ ууруллубут, чүмэчи умайар. Кыһыл аталаас сыттыкка наҕараадалара: сопхуос саҕанааҕы таһаарыылаах үлэ туоһулара – нэһилиэк сэбиэтин, оройуон сэбиэтин дьокутаатын, «VIII пятилетка ударнига», «Коммунистическай үлэ ударнига» значоктар, «Бочуот знага» уордьан, хаһан эрэ киһи аймах улуу сирдьитинэн ааттаммыт Владимир Ильич Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан, дьоҥҥо-норуокка судургутук «Элиэнньин төбөлөөх» дэнэр «Үлэҕэ килбиэнин иһин» уонна «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэр, кэлин ылбыт «Сэрии сылын оҕолоро», «Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бэлиэлэрэ тиһиллибиттэр.

– Куораттан тахсыаҕыттан таай Дьөгүөркэ сиэнэ Милена сөрүүн дьиэҕэ компьютердаары киирэн хонсор эбит, – Саргылаана Николаевна ийэтинии холкутук унаарытта. – Түүнү быһа оонньоон баран, сарсыарданан сытаары оҥостон иһэн, хоско туох хаччыгыныыр тыас баарын дьиктиргээн киирэн көрбүтэ, арай, ийэм тыынын былдьаһан эрэрэ үһү. Кыыһы көрөн баран, илиитинэн сапсыйарга дылы гыммыт, бука, чугаһаама диэхтээтэҕэ, ону дьиэтигэр сүүрэн тахсан аҕатын Уйбааны ыҥыран киллэрбитэ, «бүтэн» сытар эбит. Биһиэхэ биллэрэллэригэр, саҥа туран эрэрбит, истээт тэринэ-хомуна охсон, үлэ чааһа саҕаланарын кытары ритуальнайга сылдьан, барытын ылан кэллибит. Барыта көһүппэтэх өттүттэн… Даарым, быйыл биллэрдик мөлтөөбүтэ, «барар» таҥаһын бэлэмнэммитэ, онно да сэрэйиэххэ баар эбит да… тирээн кэлэрин саҕана син биир соһуччу буолар эбит…

– Куораттан тахсаат, биһиэхэ кэлэ сылдьыбыта, ыһыах кэнниттэн Оҕустаахха тахсан дьаарбайан киирэр баҕалааҕа…

– Сайын аайы манна тахсарын, пиэрмэ сайылыктарыгар ыалдьыттыырын наһаа да астынара! Кыһыны быһа эмээхситтэрин кытары ол кэпсээнэ буолара, төлөпүөнүн илиититтэн араарбат этэ, нэһилиэк сонунун барытын истэ-билэ олороро. Тахсабын диэтэ да, Уйбаан Егоровичтаах бу дьиэ оһоҕун оттон, кыһыҥҥы уораанын таһааран тоһуйаллара. «Кыргыттарбын мунньаммын дьэ, тусуопка бөҕөтөө!» – диирэ, ити «тусуопка» диэн тылы киниэхэ сиэнэ Куока үөрэппитэ. Сахалыы хаһыаты барытын ыллаттарара, улууһун, нэһилиэгин, эгэ, эһиги тускутунан дуо, суруйбуттарын аахтаҕына үөрэн, кэпсээн-ипсээн бөҕөтө буолара. Мунньан, ууран иһэрэ. Үөлээннээхтэрим көҕүрээн иһэллэр диэн курутуйара. Эһиил күһүн 80 сааһын бэлиэтиир санаалаах этэ…. Чэ, оттон хаһан даҕаны олоҕу олорон, ытык сааһыгар сылдьан «айаннаата» эрэ диир буоллахпыт… Урут: «Сиэннэргин көрсөн көмөлөһөрүҥ оннугар, өнүйбэт хаһаайыстыбаны маныыгын», –  диэн мөҕөр этим, ону: «Кээс, инньэ диэмэ, атахпытыгар туран эрэбит, дьэ, көрөөр да истээр!» – диирэ. Ол этэрэ кырдьык туолбут, иһиттэххэ, өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ хаһаайыстыбата буолбуккут, урукку сопхуос отделениетын сүөһүтүн-сылгытын ахсаанын сиппиккит, саҥа кыстык хотон, саҥа сайылык, үлэһиттэргитигэр олорор дьиэ-уот бөҕөтүн туппуккут, ыанныксыттаргытын барбах эрэ Москваҕа, «Бэс Чагдаҕа», сынньатар үһүгүт.

– Оттон ол эдьиийдэрбит-убайдарбыт барахсаттар сыраларын-хараларын түмүгэ! Сопхуос ыһыллыаҕыттан 2000 сыллар ортолоругар диэри саамай ыарахан кэми кинилэр баар буоланнар этэҥҥэ аһардыбыппыт. Пиэрмэни баҕас Эдьиий Огдооччуйа тутан олорбута, уурайан барбытыгар, оо, олус да  суохтаабытым.

– Барыгытын наһаа күндүтүк саныыра, эйигин «биригэдьиир кыыһым» диэн, уоһуттан түһэрбэт этэ. Миигиттэн сэттэ хас сыл балыскын быһыылаах, кыра эрдэҕинээҕигин өйдүүбүн уонна ийэм кэпсээнинэн билэбин.

  • Ол кыыһа дьэ, бу үйэ аҥаардаах кирбиибэр үктэнэн, баттаҕым кырымахтыйан олордоҕум. Евдокия Ивановна судаарыстыбаннай толкуйдаах этэ. Хайа да бэйэлээх тойону-хотуну кытары сатаан кэпсэтэр идэлээҕэ, туруорсара быдан хотоойулааҕа. Дмитрий Сергеевич: «Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сүгэ сылдьыҥ» дэниллэр эрээри, биһиги Эдьиийбит эйиэхэ сүктэрэн бэрт, хата, барыбытын соһо сырдьар», – диирэ. Биирдэ Игнат Афанасьев улууска баһылыктаан олорон, пиэрмэҕэ сылдьыбыта. Кэлэр сураҕын истэн биһиги бэлэмнэнии бөҕөтө, астыыр сыахпыт тэрилин саҥардаары харчы туруорсарга былааннанныбыт. Киһибит доҕоор, кыыһырбытынан көтөн түспэт дуо? Уолдьах сол кэмҥэ Балыарка Васильев оҕуһунан саах таһаара сылдьыбыт, сүрүн суолтан саах тоҕор сиргэ тахсыыга тойон массыыната мэһэйдии турбут (кыбыыны көрбүттэр быһыылаах), онуоха кыыһыран, күрдьэҕинэн далайбытыгар инчэҕэй саах бөҕөтө массыынаҕа ыһыллыбыт, суоппар туох эрэ диэбитигэр утары дьорҕойбут, сэрэйдэххэ, ол барыта маатыры доҕуһуоллаах буолуохтаах. Игнат Владимирович онтон уордайан, туох да бэрээдэк суох, үлэһиттэргит күлүкээн аҥардаахтар дии-дии киирбитин Эдьиий: «Ээ, ити Балыарка барахсан киһи бэрт былдьаспат киһитэ, ханна да барара-кэлэрэ суох тулаайах оҕону ылан, үлэлэтэ сылдьабыт», – диэн уҕарыппыта. Тойон барарыгар уолу көрсөн: «Чэ, кытаат, үчүгэйдик сырыт», – диэн илии тутуспут этэ. Балыарка онтон үөрэн ыттайыы, кулуба бэйэтинэн кэпсэтэн, илии тутуспут киһитэ буолан өҥнөнүү! Оо, ол эрэ үһү дуо, биһиги хаҥыл хааннаахпыт онно-манна түбэспитэ? Арай, ол аайы мөҕөн-этэн испит буоллар, төрүт да кыыл баран, ханна тиксиэ-түгэниэ биллибэт этэ. Валерий Ноторович билигин кэпэрэтиип уопуттаах үлэһитэ, кыһын сүөһү аһатааччы, сайын бостуук, үс оҕо аҕата, икки этээстээх саҥа дьиэ хаһаайына! Ол эмиэ Эдьиий Огдооччуйа иитиитин-такайыытын түмүгэ. Ийэтэ эрдэ өлөн, инбэлиит аҕатынаан эрэ хаалбыт оҕону тыллаах эрэ барыта сорукка сүүрдэн-көтүтэн, оройун чокуйан, майгыта алдьаммыт ыччат биһиэхэ кэлэн киһитийбитэ. Эдьиийи төрүт ийэтин курдук саныыра, кини эрэ тылын истэрэ. Сайылыктан киирэрэ буолуо, эрийэ сылдьыбыта, онон билэр.

*              *             *

Таһааралларыгар тыала-кууһа суох, бэрт чуумпу күн үүммүтэ. Кырдьаҕас ыанньыксыты тиһэх суолугар атаарыы сиэрин ситэрэн, ким эрэ анаан-минээн хомуйан аҕалбытыныы, тиэргэн иннинээҕи кэҥэс ырааһыйаҕа ынах сүөһү үөрэ мустубута, үөһэттэн кутуллар күн уотун хаххалаабыттыы, халлааҥҥа лоскуй былыттар тахсыбыттара, өрүү күйгүөрэр көй чыычаах саҥата иһийбитэ. Тумуһахха тахсалларыгар дьиэ таһыгар уонна уулуссаны кыйа үүммүт баараҕай хатыҥнар лабааларын оргууй суугунатан далбаатаһа хаалбыттара итиэннэ  үөһэ халлааҥҥа, кый үрдүгүнэн  Тойон кыыл тэлээрэ көтө сылдьыбыта.

Мамыыҥкаҕа Василий Павлович уһуннук эҥээрдэспит киһи быһыытынан эн этэриҥ ордук диэбитинэн итиэннэ бэйэтэ да оннук санаан олорор буолан, «Кылыс» аатыттан Ульяна тыл эппитэ:

— Евдокия Ивановна – Эдьиий Огдооччуйа Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ олоҕун толук уурбут буойун оҕото, сэрии саҕанааҕы уонна ол кэннинээҕи тиийиммэт-түгэммэт олоххо үөскээбит, эдэркээн сааһыттан холкуоска, сопхуоска таһаарыылаахтык үлэлээн, нэһилиэги туругурдубут көлүөнэ биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ. Биллэ-көстө сатаабат, намыын-көрсүө майгылаах, үлэтин-хамнаһын бүтэрэ-оһоро, дьоҥҥо-сэргэҕэ өрүү көмөлөһө, сүбэлии-амалыы сылдьар үтүөкэн киһи этэ. Маны барытын ааспыт кэмҥэ тутан «этэ» диир ыарахан… Сопхуос ыһыллыбытын кэнниттэн кини биэнсийэлээх эбээ быһыытынан холкутук олорор, сиэттэрин көрсө куоракка дуу, улууска дуу киирэр кыахтааҕа. Ол эрээри, саҥа хаһаайыстыбаҕа үлэлиирин ордорбута – нэһилиэк хас да көлүөнэ дьоно-сэргэтэ сыралаһан түмпүт баайын-дуолун: сирин-уотун, сүөһүтүн-сылгытын ыспат, чөл хаалларар баҕаттан. Оччолорго балаһыанньа хайдаҕын бары билэҕит.

– Билэбиэт, билэбит.

– Оччолорго Эдьиий Огдооччуйа уонна кини дьүөгэлэрэ үлэлээбэтэхтэрэ, биригээдэ тэринэр бэтэрээннэр көмөлөспөтөхтөрө буоллар, «Кылыс» кэпэрэтиип күн бүгүн ааттыын да умнуллубут буолуо этэ.  Бу олорор эдьиийдэрбит Октябрина Митрофановнаттан, Мотрена Исаевнаттан уонна убайбыт Федот Никитичтэн уратылар, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар… Бүгүн Эдьиий Огдооччуйабытын «кистээн» киирдибит… Ордук эдэрдэргэ туһаайан этэбин: кинилэр биһиэхэ холкуос, сопхуос саҕаттан олохтоммут үлэҕэ сыһыаннаһыы үтүө үгэстэрин, олоххо муударастарын хаалларан бардылар. Ону чиэстээхтик тутуохтаахпыт уонна тутуохпут диэн эрэнэбин.

– Оннуок, оннук!

– Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ бааргыт бу Валерий Ноторович курдук Эдьиий Огдооччуйа ииппит-такайбыт дьонноро, тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ бааргыт удьуор үлэһиттэр ыччаттара. Сопхуос чулуу ыанньыксыта Пелагея Аммосова кыыһа Екатерина тохсус сылын үлэлии сылдьар уонна биэс сыл устата ынаҕын ахсыттан үстүү тыһыынча киилэ үүтү ыан, 34 сааһыгар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» буолла! Итинник холобуру үгүһү аҕалыахха сөп. Аҕа көлүөнэ хаалларбыт үтүө үгэстэрин биһиги өссө сайыннаран, кэлэр көлүөнэҕэ туттарыахпыт, саха омук олоххо тардыһар ис күүһэ, чэгиэн эниэргийэтэ сүппэтин, салҕанарын туһугар!

– Барытын өйдүүбүт, Эдьиэй Ылдьаана! Бу истэргэ кыраһыабай буоллун диэн этиллэр үрдүк тыллар буолбатахтар.

2021 сыл.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0