Ат сүүрдүүтүн бэйэбит диэки хайыһыннарарбыт уолдьаста…

Ааптар: 
17.12.2021
Бөлөххө киир:

Сыл аайы “Сылгыһыт күнэ” диэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах идэтийбит бырааһынньык кулун тутар 21 күнүгэр ыытыллар буолбута эмиэ үтүө үгэс буолла.

“Сылгыһыт күнэ” олохтоноругар аан бастаан этии киллэрбит, көҕүлээбит, сылгы салаата сайдарыгар сыраласпыт, уопсастыбанньык быһыытынан буор босхо үлэлээн мөхсө сылдьар сылгыһыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи сойуустарын салайааччыта Валерий Саввич Слепцов буоларын үгүстэр билбэттэрэ буолуо. Бу хамсык кэмигэр биэ үүтүттэн оҥоһуллар кымыһы (быыппах буолбатах) оҥорон, тарҕатан 30-тан тахса сыл устата чөл олох пропагандиһын аатын сүгэн кэлбитэ эмиэ туһугар туһунан остуоруйалаах.

Кини бачыымын сэҥээрэн билигин Үөһээ Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга сылгыһыттар түмсүүлэрэ үлэлээн эрэллэрин хайгыахха эрэ сөп.

Бүгүн сылгыһыт аттаах буолуохтааҕын, ол аттарыгар ипподром үлэтэ туох туһаны аҕалыах­тааҕын суруйарга күһэллэбин.

Үлэһит буоларбар сылгыны үчүгэйдик билэринэн кэп­сээҥҥэ киирбит, талааннаах сала­йааччы Марк Романович Яковлев, сааһын тухары сылгыһыттаабыт, уопуттаах сылгыһыт Юрий Георгиевич Титов, сылгыһыт идэлээх, лоп бааччы тыллаах-өстөөх Данил Пахомов диэн дьону кытта Дьокуускай куорат ипподромугар олорон бииргэ үлэлээбиппит.

Оччолорго Марк Романович ипподром дириэктэринэн, онтон Племхолбоһукка сылгы салаатын салайар кэмигэр миигин сылгыга сыһыараары, Дьокуускай ипподромугар олорор дьиэ биэрбит үтүөтүн отой умнубаппын.

“Кэлии сүүрүк боруодалары аҕалан ипподромҥа сүүрдэр, популяризациялыыр сатаммат, кинилэринэн үлүһүйдэхпитинэ сотору кэминэн киһи ти­­риитигэр эмискэ кутургуйа тахсарыныы кыһалҕалар үөскүөхтэрин сөп. Онон бэйэбит сылгыһыттарбыт бэйэлэрин аттарын ипподромҥа аҕалан сүүрдэр наада.

Оччотугар сылгыһыттар ипподромҥа ханнык ат ордук быһыйын, төһө дьулуур­дааҕын, уһунньутун, аллааҕын, хантан-кимтэн удьуордааҕын барытын онно көрөн сүүмэрдииллэригэр туһалаах.

Ипподромҥа сылгыһыттарга бэйэлэрин икки ардыларыгар үчүгэй удьуордаах, сыыдам, ал­­лаах аттары атастаһар, атыылаһар интэриэстэниэхтэрэ. Ипподром үлэтин туһата онно сытар”, — диэн Марк Романович этэрэ.

Сылгыһыт идэтин баһылыыр киһи хайаан да миинэр уонна көлүнэр аттаах буолуохтаах. Бу киһи сылгыларын тутан, баайан, айааһаан, сүүрдэн, аты миинэр миҥэ, көлүнэр көлө оҥостор.

Мин санаабар, нэһилиэк иһигэр да буоллун, ат оҥостор сылгыларга аналлаах былыргылыы куонньук дала (аттар даллара) диэни тутуохтарын сөп этэ. Оччотугар ат элбэхтик айааһанан, нэһи­лиэк үлэтигэр-хамнаһыгар ат көлө элбэхтик туттуллар усулуобуйата үөскүүр кыахтанарын таба өйдүүрбүт буоллар. Маннык үлэлэр олохтоох муниципальнай тэриллии баһылыктарыгар сүктэриллиэн сөп.

Ол далларга аттары айааһыырга уопуттаах сылгыһыттары сыһыаран, хамнастаан үлэлэтэр кыах толору баар дии саныыбын.

Мин өссө сылгыһыкка көмөлөһөөччү киһи ананыахтаах диэн, урут үөр сылгыны иитэр сокуоннарыгар этии киллэрбиппин санатыахха сөп. Ол көмөлөһөөччү киһини (конюх) диэн киллэриллибитэ, сахалыыта “көлүүр киһитэ” диэн эбитэ дуу, чуолкайа биллэ илик. Табаһыттарга “чуум үлэһитэ” диэн ааттанан хамнастаах көрүллэр буоллаҕына, сылгыһыкка да оннук “көмө сылгыһыт” диэн көрүллүөн сөп дии саныыбын. Сылгыны тутан көлүнэр көлө оҥосторго, айааһаан ат оҥостор дьарык бу эмиэ туспа хайысха­лаах, сахалар төрүт үгэстэрэ буоларын аныгы көлүөнэ дьон умнан эрэллэрэ хомолтолоох. Сылгыны айааһаан ат оҥостор бу эмиэ сыралаах үлэ буоларын өйдүөх тустаахпыт.

Марк Романович Яковлев бэйэтин көҕүлээһининэн, 1981 сыллаахха ипподромҥа уонна Сайсары күөлүгэр саас сыарҕалаах аттар күрэхтэһиилэрин тэрийэн турардаахпыт. Бу саха аттарыгар сыарҕалаах күрэхтэһиини ыытыы бастакы холонуулара этэ.

СИЭЛЛЭРЭН СҮҮРДҮӨХХЭ

90 саастаах аарыма кырдьаҕас, сылгыһыт Юрий Георгиевич Титов миигин дьиэтигэр ыҥыран олорон кэпсэппит түгэннэриттэн аҕыйах ахтыыларын суруйар ытык иэһим буолар.

Кини: “Саха аттарыгар, олох былыр, дьоруонан сиэлэр, дьоруо хаамыы уонна айан дьоруо диэн аттар күрэхтэһэр көрүҥнэрэ баар буола сылдьыбыта.

Аныгы дьон саха аттарын кэлии сүүрүк боруодалар курдук наар ойутан эрэ сүүр­дэллэр, дьиҥэр, саха аттарыгар ­сиэллэрэн сүүрдүү буолуохтаах этэ, эдэр сылгыларга, кылгас дистанцияҕа ойутан сүүрдүөххэ сөп”, — диэн ытык кырдьаҕас Юрий Георгиевич эппитэ.

Ону таһынан, кини бэйэтин баҕатын сылгыһыттарга туһаайан, үөр сылгыны бириэмэҕэ күөйэн-хаайан, күрүөҕэ киллэрэн кээһэр күрэхтэһиини тэрийиэххэ сөп. Өссө саха аттарыгар сыарҕалаах сүүрүү баара, онно сыарҕалары чэпчэки “турку” сыарҕа диэбитэ.

Бу кырдьаҕастар М.Р. Яковлев, Ю.Г. Титов эппит кэс тылларыгар, кинилэр көҕүлээбит саха аттарын сүүрдүүтүгэр аныгы сала­йааччылар болҕомтолорун ууран, саха аттарын күрэхтэһиилэрин чөлүгэр түһэрэр үлэни салгыы ыытыахтара диэн эрэлбин тиэрдэбин.

Билигин, бары билэрбит курдук, Ат успуордун федерацията диэн тэрилтэ баар. Онон биһиги бэйэбит сылгыбыт салаатын, сылгыһыт аттаах буолуутун са­­йыннарарга ипподром үлэтин бэ­­йэбит сылгыһыттарбыт, аттарбыт диэки хайыһыннаран үлэлиир кэм кэллэ. Ипподром үлэтин сыала-соруга ат буолар сылгылары сүүрдэн (испытание) сүүмэрдиир (сылгыһыт атын талар) үлэ буолуохтаах. Ипподром үлэтэ сылгыһыттары кытта ыкса сибээстээх буолара ордук.

ҮС ХАТЫҤ ИППОДРОМУН – СЫЛГЫҺЫТТАРГА

Өрөспүүбүлүкэтээҕи сылгыһыттар сойуустара 2013 с. куорат дьаһалтатыгар Үс Хатыҥҥа тутуллубут ипподрому Саха сирин сылгыһыттарын сойууһугар, ол эбэтэр сылгыһыттарга сыһыарыҥ диэн көрдөһүү сурук киллэрэн тураллар. Ол көрдөһүү сурукка болҕомто ууруллубатаҕа эрээри, билигин да Үс Хатыҥ ипподромун сылгыһыттарга сыһыарар боппуруоһу көтөҕөр, быһаарсар кэм кэллэ диэхпин баҕарабын.

Манна даҕатан, урут “Орто дойду сонуннара” (12.05.2005 с.) хаһыакка суруллубут ыстаты­йаны холобур аҕалабын: “Кэлии сылгылары биирдиилээн баайдар, харчылаах чааһынай ха­­һаайыстыбалар эрэ аҕалыах­таахтар. Күрэхтэһиннэрэр да ­буоллахха, күнэ-дьыла, усу­луобуйата олох атын буолуох­таах, ону да сүүрэр дорожкаларын улахан арендаҕа биэрэн туран. Оттон су­­даарыстыбаннай тэрилтэлэр кэлии боруоданы аҕалаллара сокуонунан бобуллуохтаах. Боруода сылгы тыйыс усулуобу­йаны уйбатын чиновниктар билэр буолуохтаахтар. Өссө 1980-с сылтан Арассыыйаҕа боруода сылгылары хоту эрэгийиэннэргэ, ыарахан килиимэттээх сирдэргэ тарҕатар бобуллан турар. Бу балаһыанньаны ол кэмнээҕи салайааччылар билэр буолуохтаахтар.

Мантан ыла Ат успуордун федерацията уонна Тыа хаһаа­йыстыбатын министиэристибэтэ ат успуордугар дьиҥнээх сахалыы көрүҥнэри киллэрэн, сылгыһыттар үлэлэрин усулуобуйатын хаттаан көрөллөрө, анал бириистэри олохтууллара эрэйиллэр.

Урукку өттүгэр ат сүүрүүтүн көрө барар кырдьаҕастар “Били, Амматтан сылдьар Мэхээлэ уола Хабырыыс Кылгас Хара диэн соноҕоһо хайдах бааллан кэллэ буолла. Чылбыйан сылгы оҕото этэ эбээт! Үчүгэй хара атыыр үөрүгэр төрөөбүт сурахтааҕа. Оттон Мэҥэ Хаҥаластан Тиитэп уола Юра баайбыт Манчаары ­алааһыгар мэччийбит быһый атахтаах сур соноҕоһо быйыл дьэ, хайаһар?” диэн өрүкүйэ түһээччилэр.

Олохтоох ат успуорда бу Саха сиригэр сылгы салаата сайдыытыгар биир төһүү күүс буоларын ситиһиэхтээхпит диэн бигэ са­­наабын тиэрдэбин. Эһиги ону туох дии саныыгыт?

Ат сүүрдүүтүгэр өрөспүү­бүлүкэ Ил Дарханын бирииһэ уо.д.а. улахан бириистэр саха аттарын сүүрдүүтүн көҕүлүү турдуннар. Манна Дьааҥы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Дьааҥы улууһугар сылгы салаатыгар сааһын тухары кыһамньытын уурбут Илья Ильич Колесов-Сылгыһыт уола “сылгыһыт идэтэ сүтээри гынна” диэн суруйбут ыстатыйатыттан эмиэ быһа тардыыны аҕалабын: “Улаханнык мустан сынньанар-көрүлүүр кэммитигэр омук сылгылара сүү­рэллэр, сыаналаах би­­риистэр оонньоноллор. Бу – сыыһа. Олохтоох, төрүт саха сылгытын сүүрдүөҕүҥ. Сылгыһыттарбытын өрө тутуоҕуҥ. Сааһыран, сүүрэн бүтэр сылгылары ким баҕарар ат оҥосторго үөрүүнэн атыылаһыа этилэр. Оччотугар итинэн үс куобаҕы тэҥинэн охторобут: тыаҕа ат успуордун сайыннарабыт, оҕону сылгыһыкка уһуйабыт, интэ­риэстиибит уонна таарыйа ат көлөнү бэлэмниибит. Сүрүнэ, саха сылгытын өрө тутуу саҕаланар”.

Ат сүүрдүүтүн бэйэбит диэки хайыһыннарарбыт уолдьаста диибин. Маннык күрэхтэһии көрүҥнэрин олохтоон ыыталларыгар этии киллэрэбин:

Дьоруонан сиэллэрии.

1. Ойутан сүүрдүү (эдэр сылгыларга).

2. “Турку” сыарҕанан сүүрдүү.

3. Сүүрдэн иһэн:

а/. Ох саанан сыал ытыы;

б/. Сиртэн түүлээх кыылы харбаан ылыы.

4. Үөр сылгыны күөйүү-хаайыы.

5. Сылгыһыттарга хомуур хапсаҕай, аты көлүйүү уо.д.а.

Бу күрэхтэһиилэр уопсай балаһыанньаларын Тыа хаһаа­йыстыбатын уонна Успуорт министиэристибэлэрин үлэһиттэрэ кыттыһан оҥоруохтаахтар. Оччоҕо национальнай ус­­пуорт көрүҥнэрин курдук көрүллэн халандаарынай былааҥҥа киирэр кыахтаныахтара.

Түмүктээн этэр буоллахха, Саха сирин өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх сылыгар Сылгыһыт күнүгэр, ыһыахтарга, үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ сылгыһыттар аттарын күрэхтэһиилэрин үрдүк таһымҥа тэрийэн ыытыаҕыҥ, онно сылгыһыттарбытын өйүүр сыаллаах улахан бириистэри туруоруохтара диэн эрэл санаабын ыһыктыбаппын.

В. СЛЕПЦОВ-ТУНАХ,

Дьокуускай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0