Ат сүүрдүүтүгэр Чурапчы түөрэм туйахтаахтара тулуппатылар

Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү саҥа ипподромугар, Төҥүргэстээххэ, иккис киэһэ ыытыллыбыт сүүрдүү хайа улуус ордук бэлэмнээҕин быһаарда. Барыта 10 улуус 4-түү атынан кииристэ. Аттар 1600, 2400, 3200, 7000 миэтэрэ дистанцияларга сүүрдүлэр.

 edersaas.ru


Түөрт сүүрдүү түмүгүнэн Д.С.Спиридонов тренердээх Чурапчы хамаандатын аттара икки дистанцияҕа (2400 миэтэрэҕэ – Мэйн Кониг, 7000 миэтэрэҕэ – Дохсун) биэтэккэ урут кэлэннэр, икки дистанцияҕа үһүс уонна төрдүс миэстэлэнэннэр, кыахтаахтык бастаатылар. Иккискэ С.П.Ядреев тренердээх намнар, үһүскэ Амматтан Н.Н.Громов, А.А.Баишев баайар аттара таҕыстылар.

Үөһээ бүлүүлэр аммалартан 3 “хараҕынан” хаалан, төрдүс буоллулар. Олохтоохтор кэннилэриттэн Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Уус Алдан, Өлүөхүмэ, Бүлүү хамаандалара миэстэлэри бу бэрээдэгинэн үллэһиннилэр.

Ипподром аһыллар киэһэтигэр 2400 миэтэрэҕэ УАЗ-Хантер бириистээх сүүрдүүгэ кыайбыт Дубая бу сырыыга 1600 миэтэрэҕэ ахсыһынан эрэ кэлэн, уус алданнары улаханнык хомотто.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0