“А’Студио” бөлөх уонна эдэр суруналыыстар

Ааптар:  Эльдар Садовников
27.06.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: https://www.km.ru/muzyka/encyclopedia/studio саайтан.

«Эдэр саас» хаһыат Саха сирин үрдүнэн өрөгөйдүү, тирааһа саамай үрдүү сылдьар көмүс кэмигэр сулустуу сыдьаайбыт суруналыыстыка хаапыдыратын 1999 сыллаах выпуһуттан Ольга Лыткина, Яна Байгожаева, Ньургуйаана Макарова, Любовь Готовцева, Марианна Тихонова о.д.а. түмсэн, ааҕааччы элбээн-тэнийэн иһэригэр сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ. Профессордара, ХИФУ-га суруналыыстыка хаапыдыратын төрүттээччи Олег Якимов суруналыыс аанынан киирбэт буоллаҕына, түннүгүнэн киириэхтээх диэбиттээх.

Хаартыска: Любовь Готовцева архыыбыттан.

Бу этиини толору бигэргэтэр устуоруйаны – билигин дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр суруналыыс, суруйааччы, сценарист, продюсер, блогер, ыал ийэтэ Любовь Готовцева аатыр­быт “А’Студио” бөлөхтөн хайдах интервью ылбытын туһунан сэргээҥ.

СОЙУОЛАҺЫЫ

Арай биирдэ, ыраатта, оскуола боруогун саҥа атыллаан куоракка кэлэн суруналыыстыкаҕа үөрэххэ киирбиппит кэннэ, Дьокуускай куоракка аатырбыт “А’Студио” бөлөх гостуруоллуу кэллэ. Биһиэхэ суруналыыс устудьуоннарга ол саҕана биллэр дьонтон интервью ылыы күрэхтэһии курдук.

Ким саамай биллэр киһиттэн интервью ылбыт тыһыынча харыс үрдээн көстөр. Туоххун барытын умнан туран сойуолаһаҕын. Александр Бурнашову Сайсары түгэҕиттэн үс күн үлүбээй сатыы хааман, дьиэлэри кэрийэн булбуттааҕым.

Дьоммутун бастаан кэн­сиэр кэмигэр тута сатаатыбыт. Ол саҕана солистара Батырхан Шукенов. Отой “красавчик”. Түөрт муннуктаах сыҥааҕын иннигэр анньан туран, таттара-таттара, хараҕын симэ-симэ «Джуули-Джулия, Джуули-Джулиаа-аа-аһаа!» – диэтэҕинэ бүттэ, кыыс барыта Джулия буолуон баҕарар. Биһиги эрэйдээхтэр харчыбыт суох буолан саалаҕа киирбэккэ таһыттан истэн турдубут. Ыскаап саҕа харабыл уолаттара киллэрбэттэр. Дьиҥэр, киэргэнэн аҕай кэлбиппит ээ. Мин рубашкам иннигэр Виктор Цой ойуу­лаах, кэннигэр тоҕо эрэ Вандам уруһуйдаах. Ханнык эрэ улахан убай рубашката быһыылааҕа.

Дьүөгэм водолазка таһынан эр киһи хаалтыһын кэппитэ, онто тоҕо эрэ наһаа улахан позолоченнай сыап­таах, ол сыаба тыаһаан-­ууһаан ыраахтан иһиллэр. Аны уот кыһыл водолазка үрдүнэн маҥан куруһуба булууска­лаах. Ытыахпытыгар диэри мааныларбыт. Ол да буоллар, харабыллар киллэрбэтилэр. Таһыттан Батырхан куолаһын, дьон иирэрин, таһынарын ымсыыран аҕай истэн турдубут. Кэнсиэр бүппүтүн кэнниттэн гримерка диэки сүүрдүбүт. Сүгүрүйээччи кыргыттар тэпсэ сыстылар, сэттэ уон сэттэ харабыл быыһынан Батырхаммыт арбараҥнаан ааспытын ыраах­тан эрэ көрөөхтөөтүбүт. Ол эрээри, саха ньоҕой! Олох ха­­йаан да интервью ылыахха наада диэн буолла.

КУОТУУ, ТУТУЛЛУУ…

Инньэ гынан кэнсиэртэн “А’Студиоларбытын” сатаан туппакка саккыраһан таҕыстыбыт. Артыыстар куорат таһыгар «Чэбдик» санаторийга түспүттэрин бары билэбит. Онон киэһэлик биэс-алта буолан мустан, таксига харчы бырахсан санаторийга элээрдэн тиийдибит. Тиийбиппит били «ыскааптарбыт» хаамыталыы сылдьаллар. Онно эбии аан таһыгар вахтер оҕонньор кыбыс-кытаанаҕынан тоһоҕо курдук көрөн олорор. Биллэн турар, биһигини кыйдаан ыыттылар. “Фанаткалар” дии саныыллар. Аны ол саҕана санаторийга кырдьаҕастар сынньана сыталлар этэ. Биһиэхэ идиэйэ киирдэ. Туох баарынан таҥаспытын саппытын уларытан, тоҥхоччу туттан, торуоска тутан баран харабыллар аттынан «группа больных стариков” буолан кубулунан ааһыахха диэн буолла. Дьэ, туох баарынан “Чэбдик” таһыгар гримнэннибит. Көмүс сыаппытын, Вандаммытын эҥин барытын уһуллубут, былаат оҥоһуннубут, торуоска булуннубут. Уонна нуучча харабыл уолаттар харахтарын баайан сылыпыс гынныбыт ээ. Хомойуох иһин, вахтёр хараҕа сып-сытыы эбит, бастаан дьиктиргээбиттии көрө олорон: «Держите их, это мошенники!» – диэн, хаһыытаан тоҕо барда. Дьэ, доҕоор, били икки миэтэрэлээх нуучча дьээдьэлэрэ кэннибититтэн эккирэттилэр, муос­таҕа атахтарын тыаһа сүрдээх. Биһиги часкыйа түһээт, санаторий көрүдүөрдэринэн, этээстэринэн суолбутун бутуйаары алта аҥы арахсан хааллыбыт. Сиппиттэрин ситиэхтэрэ, туппуттарын сиэхтэрэ. Ким ордубут ол Батырхаҥҥа нүөмэригэр тиийиэхтээх! Мин кириэһилэ кэннигэр симилинним. Биир дьүөгэм ыксаан түннүк сабыытын кэннигэр дьылыс гынна. Аны ол сабыыбыт муус маҥан түүл, салапаан кэриэтэ курдары көстөн турар. Дьүөгэм барахсан бэйэм курдук эмиэ эттээх соҕус. Ол да буоллар, дьэҥкир түүл кэннигэр кирийэн пааматынньык курдук хамсаабакка турунан кэбистэ. Баҕар, көрүө суохтара диэтэҕэ дуу?

Харабыллар кинини көрүдүөр нөҥүө өттүнэн тобулу көрбүтүнэн тиийдилэр. Оттон миигин ыйылаппытынан кириэһилэ кэнниттэн ороон таһаардылар. Аҕыйах мүнүүтэнэн алтыан бары таһыр­дьа уку-сакы буолан үүрүллэн турар этибит. Арай үөһээ Батырхаммыт түннүгэ угу­йардыы умайара уонна гитара тыаһыыра, дьон күлсэрэ иһиллэрэ.

АТЫН НЬЫМА

Хайыахпытый, атын ньыманы толкуйдуурга күһэлиннибит. Биирдиилээн киириэххэ диэн буолла. Сытыы, саҥа­лаах дьүөгэлэрим бастаан тоҕо эрэ миигин киллэриэххэ диэн быһаардылар. Мин олус-­олус кыбыстанньаҥ, кыраттан да кытара сылдьар киһи этим. Ол иһин, өрүү да сытыы соҕус дьүөгэлэри булунааччым. Дьүөгэлэрим бастаан миигин уокка астылар. Биир кыыс киирэн ким да көрбөтүгэр фойе сабыытын тоҕо тардан түһэрдэ. Ол ону үлтү суулаан баран мин испэр уктулар. Хат дьахтар гына оҥорбуттар үһү. Арааһа, балаһыанньаҕа сылдьар дьахталлары тыыппаттар диэн санааттан буолуо. Уонна ааны арыйан баран миигин анньан кэбистилэр. Хайыамый, мин «бириэмэннэйбиттэн» кыбыстан кытарчы буһан, умса туттан, улахан испин ыначчы анньан баран вахтёр оҕонньор да баарын умнан хайдах эрэ харабыллары таах ааһан хааллым. Өйүм барыта улахан иһим эрэ туһунан.

Ол саҕана суотабай эҥин суох. Мин иккис этээс көрүдүөрүн түннүгүнэн кыргыттарбар аастым диэн бэлиэ биэрдим. Бэйэм соҕотоҕун Батырхаҥҥа киирбэп­пиин. Кыргыттарым мин курдук ааһыахтарын, “группа из пяти беременных девушек” диэн аһара саарбах буолсу. Соһуччу бары хат буолан хаалбыттар үһү дуо? Уонна чугас эргин киһи иһигэр уктуон сөптөөх түннүк сабыыта да бүттэҕэ.

Ити кэмҥэ оруобуна Эмиэрикэттэн туристар кэлбиттэрэ. Биир кыыспыт үчүгэйдик английскайдыы саҥарар этэ. Дьэ, американецтарга ойон тиийэн тугу эрэ кэпсэттэ. Үөрүү-көтүү бөҕө буолла. Оттон биир соччо са­­таан английскайдаабат эрээри, артыыс талааннаах кыыспыт эмиэ сыбыс-сымыйанан саҥарталаата. Устунан ол туристары кытта киирсэн хааллылар. Көр, вахтер оҕонньор туох да диэбэтэ, арыылааҕынан-сыалаа­ҕынан албыннаспыттыы ньалбаарыччы көрөн эрэ кэбистэ.

Онон үс суруналыыс кыыс баар буоллубут. Олох толкуйдуу да барбакка, кыргыттарым Батырхан ааныгар биирдэ ыстанан тиийдилэр, тоҥсу­йан толугураттылар. Ааны били хара ачыкылаах гитарист арыйбыта. Сразу эдэр азиатка кыргыттары көрөөт киллэрдэхтэрэ дии. Нүөмэрдэригэр ас-үөл, ырыа-тойук бөҕөтө. Киллэрэн остуолга олортулар. Бары бааллар, арай Батырхаммыт эрэ суох. Биһиги мэйиибит туй­мааран, долгу­йан кини ханна баарын ыйыппакка да мичээрдээбитэ, билсибитэ буола олордубут. Мин олох сатаан кэпсэппэппин, таах көрөөччү эрэ курдук сылдьабын. Бу кэмҥэ арай бааннаҕа ыһыы-хаһыы, маат-куут буолла. Онтубут баара – биир кыыспыт биир-биэс тыла суох Батырханы көрдөөн бааннаҕа киирбит. Онтукайбыт өлүү түбэлтэлээх аанын хатаммакка, сыгынньаҕын суунан чала­мааттана олорор эбит.

Сотторунан эрэ бүрүммүт Батырханы бааннаттан кыыспыт ороон таһааран, ыган-түүрэн нууччалыы ыраас тылынан бэртээхэй интервью ылбыта. Киһибит ыксаан хаалан иннин-кэннин билбэккэ барытын кэпсээн биэрбитэ быһыылааҕа. Оттон мин биир да тылы сатаан саҥарбатаҕым. Ол эрээри, уустаан-ураннаан суруйбутум, дьүөгэм онно Батырханныын интервьютун сыбаабыта. Ол уопсай үлэбитин хаһыакка үөрэ-көтө таһаараннар, аҕыйах күн “сулустар” буола сылдьыбыппыт.

Онтон ыла “А’Студио” Саха сиригэр кэлбэтэҕэ. Тоҕо эбитэ буолла…

+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1