Астрология ыйарынан, бүгүн – саамай күүстээх эниэргийэлээх күн. Акшая Тритья диэн ааттанар. Күн зодиак Хой бэлиэтигэр, оттон Ый Оҕус бэлиэтигэр тэҥҥэ киирдэхтэринэ, ону тэҥэ саҥа үүнэн эрэр ый үһүс суукката түбэстэҕинэ эрэ, маннык күн сылга биирдэ тосхойор.
Халлааҥҥа Күн Хой бэлиэтигэр киирэр кэмигэр ордук күүһүрэр эбит, оттон Ый – Оҕус бэлиэтигэр. Сиргэ, туох баар хамсыыр харамайга дьайыылара күүһүрэр. Саҥа ый үүнэрин үһүс суукката (тритья) саҥа саҕалааһыннарга саамай табыгастаах кэм. Бу өйдөбүллэри буддистар, индуистар, фэншуистар бары итэҕэйэллэр.
Бу күн киһи сөпкө дьаһаннаҕына, сыллааҕы олоҕун уларытыан сөп. Тугу гынар табыгастааҕый?
1. Бырааһынньыктар. Чугас дьоҥҥун, доҕотторгун кытары бырааһынньыктаатаххына, үөрдэххинэ-көттөххүнэ – сылы быһа үөрүүлээх түгэннэр тосхойуохтара. Ону тэҥэ эйиэхэ көмөлөһөр дьон көстүөхтэрэ.
2. Духуобунай сайдыы. Таҥара дьиэлэригэр, храмнарга сылдьыы, мэлииппэлэри, мантралары ааҕыы, үҥүү-сүктүү, йоганан, медитациянан дьарыктаныы көннөрү күннээҕэр хас да бүк туһалаах.
3. Саҥа саҕалааһыннар. Дьыалабыай кэпсэтиилэри ыытыы, саҥа үлэни көрдөөһүн, туох эрэ бырайыагы саҕалааһын, идиэйэлэри, ыра санааҕын олоххо киллэрии, улахан атыыны атыылаһыы, саҥа дьиэҕэ көһүү – бу барыта табыллыа, үтүө түмүктэрдээх буолуо.
4. Байыы-тайыы. Бу күн көмүһү атыылаһыы байыы төрүөтэ буолар. Кыһыл көмүс – баайы-дуолу тардыыга, үрүҥ көмүс – чугас дьонуҥ эрэллээх, дьиэҥ-уотуҥ сылаас эйгэлээх, байылыат буоларыгар.
5. Аһымал санаа. Бу күн үтүө дьоҥҥо көмөлөстөххүнэ, бэйэҕэр уон оччонон эргийэн кэлэр.
6. Инники олоҕу былааннааһын. Биэс сыл иһигэр олоҕуҥ тупсарын хайдах көрөргүн ыраас лиискэ суруй. Элбэҕи көрдүүртэн, улаханы ыралыыртан кыбыстыма. Бүгүн түстэммит дьыала ситиһиилээх.
7. Махталлаах буолуу. Үрдүкү күүстэргэ, аанньалларга, үтүө дьоҥҥо, төрөппүттэргэр махтаныы эн суолгун арыйар, күүс биэрэр. Бүгүн кырата уон махталы анаан, ыраас лиискэ суруй.
8. Сыһыаны тупсарыы. Сыыспыттаах буоллаххына, бырастыы гыннараргын, эйэлэһэргэ бастакынан тыл көтөҕөргүн, тапталга билинэргин, сылаас тыллары этэргин, чугас киһигин сыллаан ыларгын умнума. Бу күн кими да кытта кыыһырсыма, куһаҕаны санаама.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru