Ахсынньы 11 күнэ – бронха астматын утары охсуһуу бүтүн аан дойдутааҕы күнэ.
edersaas.ru
“Астма” — араас төрүөттээх тыын хаайтарыытын тииһигэ (приступ). Ол гынан баран, үксүгэр тыын хаайтарыытыгар бронха астматын — тыынар уорганнары сүһүрдэр ааһан-араҕан биэрбэт ыарыыны киллэрэллэр. Маннык астма аллергеннар дьайыыларын түмүгэр үөскүүр уонна ыараханнык тыыныы, тыын хайтарыыта, сөтөл, түөскэ кыыкынас тыас курдук бэлиэлэрдээх буолар. Ыарыһах киһи мас-от быылын, дьиэ иһинээҕи быылы, кыыллар түүлэрин, сорох астары, эмтэри уо.д.а., доруобай киһиэхэ тэҥнээтэххэ, ыараханнык ылынар.
Астма төрүөтүн быһаарар ардыгар олус уустук эбэтэр олох да кыаллыбат. Онон бу кыһалҕаҕа болҕомтону ууруу мээнэҕэ буолбатах. Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтэ быһаарарынан, астма – аан дойдуга ааһан-араҕан биэрбэккэ тарҕанар ыарыылартан биирдэстэрэ. Уопсайа 300 мөлүйүөн киһи бу ыарыыттан эмсэҕэлиир. Эбиитин хас уон сыл аайы кинилэр ахсааннара 1,5 төгүл элбиир. Астма киһини хайа баҕарар сааһыгар булуон сөп. Үксүгэр кырачааннар ыалдьаллар. Ыалдьыбыт кырачааннартан аҥаардара уон саастарыгар диэри номнуо бу ыарыы кыһалҕаларын билэллэр. Иккитигэр диэри саастаах оҕо астмалааҕын быһаарар олус уустук. Тоҕо диэтэххэ, атын ыарыыларга балыйан чопчу быһаарбакка хаалыахха сөп.
Астма үөскүүр төрүөтүнэн олох уонна олорор сир усулуобуйалара, үлэ уратыта, аһылык, утумунан бэриллэр ыарыылар буолаллар. Ол иһин, экология мөлтөҕө, аһылык араас эбилигин туттуу, синтетика матырыйааллар, табахтааһын, уопсай доруобуйа мөлтөөһүнэ бронха астмалаах дьон ахсаана элбии турарыгар тириэрдэллэр.
Ыарыыны утары охсуһуу ситиһиитэ үс көрүҥтэн турар:
- Ыарыыны эрдэттэн сэрэтии. Ыарыыны бопсорго салгын промышленнай киртийиитин таһаарбат буоларга, табахтааһыны аҕыйатарга, чөл олоҕу тарҕатарга судаарыстыба таһымыгар дьаһаллар ылыллыахтаахтар.
- Ыарыныы чопчулааһын уонна эмтээһин көдьүүстээх ньымаларын олоххо киллэрии уонна туһаныы. Астма искэн уонна да атын ыарыылартан уратытынан өлүүгэ тириэрдэрэ хонтуруолланара буолар. Кэмигэр оҥоһуллубут хаачыстыбалаах медицинскэй көмө бу ыарыыттан өлөр кутталы аҕыйатар.
- Наука чинчийиилэрэ. Астма үөскүүр төрүөттэрэ бүтэһиктээхтик быһаарылла иликтэр, оттон эмтээһин ньымалара барыта билиҥҥитэ олоххо кыайан киирбэттэр. Ол иһин, астманы утары охсуһуу бүтүн аан дойдутааҕы күнүн соругунан ыарыы туһунан иһитиннэриилэри киэҥник тарҕатыы уонна ыарыһахтар эмтэнэллэрин ситиһии, дьон билиитин үрдэтии, медицинскэй көмө хаачыстыбатын тупсарыы уонна быраастарга наука кэнники ситиһиилэрин биллэрии буолаллар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru