Аскалон Барашковы Аскалонидзе диэн аатынан ыччат эндэппэккэ билэр буолла. Эдэр киһи бэрт кылгас кэмҥэ Инстаграм нэмин сатаан, элбэх сурутааччыланна, билиннэ-көһүннэ диэтэхпинэ — сыыспатым буолуо.
Суохтан баары оҥорор уустугун бары бэркэ билэбит. Аскалон анаан үөрэнэн, хамаанда тэринэн, элбэх харчыта суох сылдьан, киинэ устан саҕалаабытын туһунан кэпсэтэргэ соруннубут.
Аскалон баҕа санаатын, төрөппүттэрин уонна саҥа киинэ туһунан сэһэргиир:
—Миигин Аскалон диэн эдьиийдэрим ааттаабыттар. 1994 сыллаахха төрүүрбэр Аскалон Павлов ыллыы-туойа, аатыра сылдьар кэмэ буоллаҕа. Баҕар, ааппын талалларыгар ол да сабыдыаллаабыта буолуо. Оҕо сылдьан сиэркилэ иннигэр туран, араастаан хамсанарбын, ыллыырбын, үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүрүм. Артыыс буолар баҕалааҕым.
— Оскуоланы бүтэрэн бараммын, Култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтугар артыыс үөрэҕэр туттарсаары гыммытым. Онтум нобуор буолбатаҕа. “Хайдах ханна да үөрэниэ суохпунуй?” диэн санааттан, аны Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тиэхиньиичэскэй институтун устудьуона буоларга күһэллибитим. Ол курдук, программист идэтин 2012 сыллаахха баһылаабытым. Култуура кэллиэһигэр туттарсыбатахпын кэмсинэ санааччыбын.
Үөрэхпин бүтэрэн бараммын, идэбинэн үлэлиир баҕам суоҕа. Онон аармыйаҕа бэйэм тылланан сулууспалыы барарга санаммытым. Докумуоннарым табыллан, доруобуйам туруга үчүгэй буолан хабыллыбытым. Уссурийскайга тааҥка чааһыгар барбытым. Хас биирдии уол төрөөбүт дойдутугар ытык иэһин төлүөхтээх, аармыйаҕа сулууспалаан кэлиэхтээх диэн толкуйдаахпын.
Аҕа сабыдыала
—Мин Чурапчы улууһун Бахсытыттан сылдьабын. Ийэлээх аҕам иккиэн айар куттаах дьон. Аҕам Иннокентий Туйма диэн аатынан биллэр. Кини бэйэтин баҕатынан киэҥ эйгэҕэ биллибит “Тулаайах”, “Таптал – хаарты”, о.д.а. киинэлэри устубута. Киинэ устуутунан, сценарий суруйуутунан дьарыктанар. Кини режиссердаабыт хас даҕаны киинэтигэр уһуллубутум. Онон, оҕо эрдэхпиттэн киинэ эйгэтигэр улааппытым, интэриэс оччоттон баара. Аҕам биирдэ даҕаны: “Солуута суоҕунан дьарыктана сылдьаҕын”, — диэн киҥир-хаҥыр саҥарбатаҕа, куруук күүс-көмө, өйөбүл буолар. Оттон ийэм харыстыыр санаатыттан сороҕор сэмэлээччи.
Устудьуоннуур сылларбар сайын аайы Аллараа Бэстээххэ Руслан Федотов маҕаһыыннарыгар үлэлээн харчылаһарым. Онно сылдьан, элбэххэ үөрэммитим, билбитим-көрбүтүм. Аармыйаттан кэлэн бараммын, эмиэ онно быстах кэмҥэ үлэлээбитим. “Куруук маннык үлэлээбэт буоллаҕым, бэйэбин булунуохпун наада, сайдыахпын баҕарабын” диэн саныырым. Оруобуна аҕабын кытта кэпсэппитим, кини: “Кууруска үөрэнэ бар”, — диэн сүбэлээбитэ. Аҕам этиитин быһа гыммакка, 2017 сыллаахха Санкт-Петербурга Евгений Малков диэн биллэр режиссерга сыл аҥаара кэмҥэ киинэ устар кууруһугар үөрэнэн кэлбитим.
“Хара уолаттар”
— Кууруска үөрэнэ барыам иннинэ Инстаграмҥа вайн диэн күлүүлээх видеолары устар муода буолбута. Онно “хара уолаттар” диэн ааттанан, табаарыстарбын кытта дьарыктанан саҕалаабыппыт. Алексей Михайлов оччолорго Өттүк Леха буола илигэ. Кини КВН-ҥа оонньуурун хайгыы көрөммүн, “видеота устуохха, бииргэ үлэлиэххэ” диэн этии киллэрбиппэр, Леха тута сөбүлэспитэ. Инньэ гынан, бииргэ үлэлээн саҕалаабыппыт. Видео бөҕөтө устан, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн барбыппыт.
Аны Гуруунньа туһунан
— Былырыын сайын эмиэ Инстаграммын көрө сытан, биир билбэт кыыһым муора кытылын устун хаама сылдьарын көрбүтүм уонна дьээбэлэнэммин үрдүнэн бэйэм саҥабын устан биэрбитим. Кыыспын, толкуйдуу барбакка, Гуруунньа диэн ааттаабытым. Санаабар, күлүүтэ суох курдук этэ. Ол да буоллар, табаарыстарбар батсаапка ыыппытым, дьонум күлүү-үөрүү бөҕөтө: “Бэртээхэй”, — диэбиттэрэ. Ол видеобын Инстаграммар киллэрбитим уонна утуйан хаалбытым. Сарсыарда уһуктубутум, Инстаграмым, бэйэм да соһуйуом иһин, ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдук лайк, комментарий, сурутааччы бөҕөтө буолбут эбит. Оннук кылгас видеолары уган, Гуруунньам аатыран хаалбыта.
Дьиҥэ, Инстаграмы сатаан туһаннахха, киһи харчылаһыан сөп.
Саҥа киинэ
— Өттүк Лехалыын бу саас киинэтэ устуохха диэн толкуйдаабыппыт. Урут киинэлэргэ үлэлэһэ сылдьыбыт буоламмын, хайдах курдук ыараханын, элбэх үлэни, сыраны эрэйэрин эппинэн-хааммынан билэрим. Сыта-тура толкуйдаан бараммыт, хамаанда тэринэн, ылсарга санаммыппыт. Биир-биэс харчыта суох сылдьаммыт, сүүрэн-көтөн, спонсор булан, кэпсэтии бөҕөтүн ыытан, ыам ыйыттан устан саҕалаабыппыт.
Киинэбит билиҥҥи аата “Враг по крови” диэн. Кэлин, баҕар, аатын уларытыахпыт. Сценарийын аҕам суруйан биэрбитэ. Сүрүн оруолга Алексей Михайлов-Өттүк Леха оонньуур, мин режиссердуубун. Алексей — кэпсэтии-ипсэтии, дьону хамсатыы чааһыгар олус эппиэтинэстээх, ылсыбыт дьыалатын ситиһэр киһи. Бэл, Нам үрдүнэн бөртөлүөт көтүттүбүт. Аны киинэбит биир уратыта диэн, икки оператор хараҕынан уһулла сылдьар. Бастаан Саха сирин биир тарбахха баттанар оператора Иван Семенов устубута. Сайын киинэ устуутун саамай үгэнэ буолан, Иван графигар аҕыйах күн хапсыбакка хааллыбыт. Онон салгыы аны өссө биир биллэр-көстөр оператор Михаил Кардашевскай устан эрэр. Икки идэтийбит оператор устубута, хата, уратытык көстүөҕэ. Барыта табылыннаҕына, киинэбитин кэлэр сыл олунньутугар сүрэхтиэхпит.
Бу курдук Аскалон баҕа санаатын ыра санаанан хаалларбакка, туруулаһан сыалын ситиһээри, киинэ уста сылдьарын туһунан астына кэпсээтэ.
Саҥа киинэ табыллан, дьон биһирэбилин ыларыгар баҕарабыт!
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар артыыс архыыбыттан.