Ырыаһыт Байбал Сэмэнэп төрөппүт уола Аскалон Семёнов ырыа эйгэтигэр тэтимнээхтик киирдэ. Уол номнуо Сартыал диэн ааты ылынан, ырыа айан, быйылгы «Үрдэл» национальнай музыкальнай бириэмийэ номинана буолла. Аскалон — ХИФУ устудьуона, маны таһынан, “Сахалыы Виктория” араадьыйа долгунугар үлэлиир эбит. Дьоруойбут олоҕун, айар үлэтин туһунан кэпсэттибит.
— Аскалон, бэйэҥ тускунан кэпсии түс эрэ.
— Мин 1999 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтүм. Ийэм Нинель уонна аҕам Павел Семёновтар иккиэн бүлүүлэр. Ийэм – Баппаҕаайы, аҕам — Тыымпы. Дьиэ кэргэммэр соҕотох оҕобун, улахан оҕобун уонна мурун бүөтэбин (күлэр). Дьокуускайга «Айыы Кыһатыгар», онтон 10-11-с кылаастарга Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэммитим. Аҕам убайын кэриэтэ саныыр киһитин Аскалон Павлов аатынан миигин Аскалон диэн сүрэхтээбит.
— Тоҕо Сартыал диэн ааты таллыҥ?
— Ийэбинэн өбүгэлэрим Илбэҥэ чугаһыгар баар Сортол сайылыктан төрүттээхтэр. Онтон Сартыал диэни таһаарбытым.
— Хас сааскыттан ыллаан саҕалаабыккыный? Ырыа куруһуогар сылдьыбытыҥ дуо?
— Ийэм кыра сааспыттан ыллыырбын баҕарар этэ, ону бэйэм буолуммат этим. Төбөбүн илгистэр этим, ыллаабаппын диирим. Оттон 14 сааспар санаам эмискэ уларыйан, бэйэм баҕабынан, ийэм, доҕотторум этэллэрин истэн, ыллаан саҕалаабытым. Толкуйдаан да көрдөхпүнэ, аҕам ыллыыр, эһээм ыллыыр, убайдарым бары ыллыыллар, онон син туох эмит тахсыах курдуга. Оҕо эрдэхпинэ ырыа куруһуогар сылдьыбатаҕым, кэлин улаатыыбар Екатерина уонна Алексей Егоровтар салайар “Сэргэлээх сулустара” диэн ХИФУ иһинэн тэриллибит ансаамбылга дьарыктанан саҕалаабытым. Екатерина Борисовна уонна Алексей Васильевич улахан ааттаах-суоллаах артыыстар, мин санаабар, маннык талааннаах, сүдү дьоҥҥо дьарыктанар чиэс уонна бочуот. Манна дьарыктанарбыттан олуһун үөрэбин уонна устудьуон доҕотторбун дьарыктаныҥ диэн ыҥырабын.
— Бэйэҥ ханнык ырыаһыттарга сүгүрүйэҕин, холобур оҥостоҕун?
— Саха ырыаһыттарын ордоробун. Оттон Арассыыйа эстрадатыттан Ани Лорагы, омуктартан Леди Гаганы, Бейонсены сөбүлүүбүн. Кинилэр ыллыыр уратыларын үтүгүннэрэ сатааччыбын, бэйэм ырыабар киллэрээччибин.
— Ханна үөрэнэҕин?
— ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтугар иккис кууруска литературнай үлэһит идэтигэр үөрэнэбин. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ учуутал, эрэдээктэр, суруналыыс буолуохпун сөп. Кыра сылдьан быраас, архитектор, биир кэмҥэ, бэл, физика учуутала буолар санаалаах этим. Тоҕо диэтэххэ, норуодунай учуутал, физик, математик Михаил Андреевич Алексеев улаханнык сүгүрүйэр киһим. Ийэм өттүнэн аймахтарым үгүстэрэ быраастар, оттон аҕам өттүнэн ырыаһыттар уонна учууталлар. Онон идэ таларым олус уустук этэ.
— Инникитин олоххун ырыаны кытта ситимниигин эбэтэр үөрэнэр идэҕинэн дуу?
— Ырыа, үҥкүү, уруһуй киһиэхэ идэ да, хобби да буолуон сөп. Мин санаабар, киһи идэтэ уонна бу олоххо олоро кэлбит анала, соруга тус-туспа. Мин үөрэхпинэн идэбин таламмын уонна ырыабын хоббим оҥостон, иккиэннэрин илдьэ сылдьыам.
https://www.instagram.com/p/BgyR2PxBgiY/?taken-by=askalon_semenov
— Ырыа суруйаргын истибиппит, иэйииҥ хайдах киирэрий? Маҥнай ырыа тылын эбэтэр мелодиятын толкуйдуугун дуу?
— Сорох дьон: “Түүн үс чааска ойон туран ырыа суруйабын” диэччи. Мин оннук буолбатахпын (күлэр). Иэйиим туохтан эмит астыннахпына, хомойдохпуна, үөрдэхпинэ уһуктар. Холобур, хаар, ардах түһэрин, эбэтэр сөбүлүүр кыыһым үөрүүлээх сонуну эттэҕинэ, этистэхпитинэ, тапталга билиннэҕинэ киириэн син. Эмоцияттан иэйии тахсар буоллаҕа. Үксүгэр бастаан тылын суруйабын. Кырдьыгынан эттэххэ, мин хоһоону түргэн баҕайытык суруйан кэбиһэбин, аҕыйах сөкүүндэ иһигэр диэххэ сөп. Онтон кэнники соһуйабын, хайдах маннык иэйиигэ ылларан суруйбуппунуй диэн. Ол хоһооммун аны төттөрү-таары аах да аах буолабын, ааҕан-ааҕан, өйдөөн, өссө үчүгэйдик билэн, матыыбын суруйабын. Сороҕор ырыа тыла уонна матыыба тэҥҥэ кэлэр.
— Айбыт ырыаҕын бастаан кимиэхэ иһитиннэрэн көрөөччүгүнүй? Кириитикэни хайдах ылынаҕын?
— Билигин уопсайга олорор буоламмын, олус элбэх доҕоттордоохпун, бары бииргэ мустан олорон гитаралыыбыт, оонньуубут-көрүлүүбүт. Оннук түмсэн олорор кэмҥэ, саҥа ырыа айдым диэн иһитиннэрээччибин. Оҕолор араастык сыаналыыллар: ким кириитикэлиир, ким хайҕыыр. Кириитикэни куруук ылынабын, өһүргэммэппин, куһаҕан аата куһаҕан. Ол аата сатамматах, көннөрүөххэ наада диэн өйдүүбүн.
— Аҕаҥ биллэр ырыаһыт, ырыа суолун батыспыккын биһириир дуо? Туох диирий?
— Аҕам туһунан кэпсиир буоллахха, кини хаһан да күүһүнэн ыххайбатаҕа, күһэйбэтэҕэ, “ыллаа да ыллаа” диэбэтэҕэ. Кини миэхэ: “Тугунан дьарыктанаргын бэйэҥ бил, ол гынан баран саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тириэрдиэхтээххин”, — диэччи. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хотугу многоборьенан дьарыктаммытым. Оччолорго: “Эрдэ тал: спорт дуу, ырыа дуу? Чопчу биири талан, ол суолгун тутуһуохтааххын”, — диэн сүбэлээбитэ. Ити өттүгэр аҕам кытаанах киһи. Аҕам туспа суоллаах-иистээх ырыаһыт, олус талааннаах, үлэтигэр бэриниилээх.
— Кэпсэтииҥ иһин махтал! Үөрэххэр, айар үлэҕэр, тус олоххор ситиһиилэри баҕарабыт!
— Махтал!
Лера Львова, edersaas.ru