Асчыт аҕа баҕа санаата хайаан да туолуоҕа!

Ааптар: 
05.04.2020
Бөлөххө киир:

Анатолий Афанасьев «СӨ Аҥаардас аҕалара» уопсастыбаннай тэрилтэ биир көхтөөх чилиэнэ.

edersaas.ru

Кини 2017 сыллаахха Аҕалар си­­йиэстэрин кэнниттэн тэрил­лиэҕиттэн ыла бу тэрилтэ бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар. Ол курдук, биир да субуотунньук кинитэ суох ааспат.

Анатолий Афанасьев асчыт идэлээх буолан, киин куорат биир эрэстэрээнигэр үлэлиир. Үс оҕолоох.

Бары уолаттар: улахан уол – 7, орто уол – 6, кырачаан киһи 5 саастаахтар. Кэргэниниин түөрт сыллааҕыта арахсыбыттар.

Билигин ийэбин кытта олоро­бут. Коронавирус эпидемиятыттан сылтаан, син эмиэ атын дьон курдук, дьиэбититтэн ханна да тахсыбаппыт. Тэһийэбит – үлэбит элбэх: эргэ төлөпүөннэри хасыһабыт, кинигэ ааҕабыт, уруһуйдуубут. Дьарыгы дьэ булабыт. Күнүс утуйан, сынньанан ылабыт, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр сэһэргэһээччим.

Соторутааҕыта Анатолий «Аҥаардас аҕалар» батсаап бөлөххө (манна 74 соҕотох аҕа баар!) саҥа дьыала аһыан баҕарарын биллэрэн суруйда. Бэрт элбэх астаммыт ас хаартыскатын көрөн, доҕотторо олус соһуйдулар да, үөрдүлэр да. «Хайа, маннык аһы миэхэ сакаастыаххыт этэ дуо?» — диэн ыйыппытыгар, бары: «Кытаат, доҕоор, саҕалаа. Биһиги тарҕатан көмөлөһүөхпүт!» — диэн санаа көтөҕүүлээх хоруйу биэрбиттэрэ.

Мин ону ааҕан баран (бу бөлөххө эмиэ баарбын) Анатолийтан анаан туоһуластым: «Бу баҕа санааҕын олоххо хайдах киллэрэр санаа­лааххын?».

Онуоха сэһэргэһээччим маннык хоруйу биэрдэ:

Мин уруккуттан ас астаан тарҕатар бэйэ дьыалатын тэриниэхпин баҕарабын. Ол баҕа санаабар кыралаан чугаһаан эрэбин. Ол курдук, пицца буһарар оһох (40 000 солкуобай) ылыммытым. Ону тэҥэ, фритюр (14 000 солкуобай), эт эрийэр тэрил (18 000 солкуобай), хобордоох (35 000 солкуобай). Социальнай хантараак түһэрсээри, биисинэс-былаан оҥостубутум. Онно 200 000 солкуобай биэрэллэр. Оччотугар тирэхтээх буолабын. Хомойуох иһин, ол былааным коронавирус пандемиятыттан сылтаан тохтоон хаалла. Бу тэриллэрбин хамнаспыттан ордорон, биир-биир хас да сыл устата атыыласпытым. Ол курдук тутта иликпин. Ол гынан баран, санаабын түһэрбэппин. Син биир былааммын олоххо киллэриэм. Уолаттарым улааттахтарына көмөлөһүөхтэрэ.

Хайа уонна кэнэ­ҕэс кинилэргэ да өйөбүл буолуо этэ буоллаҕа. Этэҥҥэ буоллаҕына, мин саҕалаабыт дьыалабын сайыннаран, бэйэтин кыанар улахан тэрилтэ оҥоруохтара. Үлэлиир тэриллэрбин барытын буллум. Аны сөптөөх дьиэ булунарым хаалла. Оччоҕо араас бүлүүдэни астыы-астыы дьоҥҥо тиэрдэн биэрэр сулууспаны үлэлэтиэм этэ. Сыстыганнаах ыарыыттан харыстанан олоруу кэмигэр бу маннык тэрилтэ наадатын олох бэйэтэ көрдөрдө.

Анатолий Афанасьев курдук олоххо көхтөөх аҕа, толлон турбакка, хайаан да баҕа санаатын олоххо киллэриэҕэ диэн бигэтик эрэнэбин. Бу маннык сырдык дууһалаах, оҕолорун олус таптыыр аҕа олох ыарахаттарын тулуйан, сонун сүүрээни олоххо киллэрэр баҕалаах инники хардыылаан иһэриттэн киһи үөрэр эрэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0