“Тыгын Дархан” диэн саха норуотун түмпүт, Или олохтообут улуу өбүгэбит туһунан киинэ уһулла сылдьар. Бу саха омук историятын, култууратын, духуобунай баайын, үгэстэрин көрдөрөр сүҥкэн суолталаах үлэ. Режиссер Никита Аржаковы киинэни устуу үгэнигэр көрсөн, кэпсэттибит.
Элбэх саханы түмтэ
— Никита Иннокентьевич, үлэ-хамнас хайдах баран иһэр?
— Этэҥҥэ. Ханнык да улууска тиийдэрбит, айылҕабыт, дьоммут-сэргэбит көмөлөһөллөр. Бу киинэ экраҥҥа тахсыан да инниттэн, сүрдээх элбэх саханы түмтэ. Саамай үөрэрим — ол. Билсибэт дьон билистилэр, доҕордостулар, нэһилиэк нэһилиэги кытта ситимнэстилэр.
Сахалар хантан төрүттээхпитин, сылгылаах, сүөһүлээх, тимирдээх, философиялаах, култууралаах, улахан итэҕэллээх омук быһыытынан көрдөрүөхтээхпит. Иккиһинэн, кэнэҕэски ыччаппытыгар наада. Сүрүнэ, киинэ ис хоһоонугар киһини долгутар, уйулҕатын хамсатар, туохха эрэ угуйар баар буоллаҕына, табыллыбыт дии саныыбын.
Бу киинэни Далан үөрэппит оҕолоро идиэйэ иитиэхтээн, саҕалаабыттара кэрэхсэбиллээх. Кинилэргэ чугас көлүөнэ буоларбынан, сэрии кэннинээҕи олоҕу кэм билбит киһибин. Оччолорго бэтэрээннэр эҥин тыыннаах этилэр, балаҕаҥҥа да олорор ыал элбэҕэ. Биһиги көлүөнэ оҥорботоҕуна, ким оҥоруой? Онон Далан үөрэнээччитигэр Егор Борисовка махтанабыт. Кини баҕа санаабытын өйөөн, олоххо киллэрэн, хамсааһын таҕыста.
2016 с. Киинэ сыла саҕаланарыгар суруйааччы Василий Яковлев-Далан сиэнэ Коля Сантаев режиссер Никита Аржаковка эһэтин кинигэтин туттарбыт бэлиэ түгэнэ.
Үбүлээһин туһунан
— Үп-харчы тиийэр дуо?
— Үп-харчы хаһан да тиийбэт. Былырыын 210 мөлүйүөн бүддьүөттэн бэриллибитэ. 100-тэн тахса мөлүйүөн аҥардас таҥаска-сапка, дьиэни-уоту тутууга барда. Хамнаска 80-ча мөлүйүөн барда. Элбэх тыа дьонун хамнастыыбыт, үлэ миэстэтин таһаарабыт. Устар бөлөх 40-ча киһилээх, сороҕор 50-ча буолабыт. Барыта эдэр дьон үлэлииллэр. Барыта эдэр дьон үлэлииллэр. Онон бу харчы ханна да барбат, барыта бэйэбит оҕолорбутугар төннө турар.
Таҥаспыт үксэ сарыыттан тигилиннэ. Биһиги худуоһунньуктарбыт улахан үлэни ыыттылар, 3 тыһыынча көстүүм тигилиннэ. Ону барытын көстүүм худуоһунньуга Дария Петровна хайдах, хантан булан тиктэрэрин билбэтим, сураҕын эрэ истэбин. Сүрдээх элбэх дьону наймылаһан, иистэнньэҥнэри булан, бэйэбит кыахпытынан, ханна да тас өттүгэр сакаас биэрбэккэ, оҥордубут.
Казахстан каскадердарын устар хаалла
— Киинэ сүрүнэ уһуллан бүтэн эрэр?
— Улахан аҥара уһулунна. Быйыл сайыны быһа Аммаҕа, Хаҥаласка устуохпут, онно Лөгөйгө сыһыаннаах сыаналар бааллар. Онтон хаар түстэҕинэ Хаҥалас диэки кэлэммит, эмиэ аҕыйах сыаналары устуохпут, тымныйаары гыннаҕына, павильоҥҥа киириэхпит. Олунньу ыйынан устан бүтүөхпүт.
Аны туран, Монголия дуу, Казахстан дуу диэки баран түүрдэри устуохпутун наада. Аттан сууллалларын эҥин. Онно анал каскадердар бааллар, сылгылара да үөрүйэхтэр. Бу кэннэ сыл аҥарын кэриҥэ таҥабыт. Эһиил сайын бүтэрэн, экраҥҥа таһаарыахпыт диэн былаанныыбыт.
Киинэттэн сылтаан хамсааһын таҕыста
— Классик суруйааччы айымньытын устар ыарахаттардаах, кинигэнэн эрэ буолуохтаах дииллэр, оттон режиссер көрүүтэ эмиэ атын. Онно эн бэйэҥ туох санаалааххын?
— Кинигэни үкчү тутустахха, биһиги кыайбаппыт буоллаҕа дии… Ол кинигэнэн сериал устуохха сөп. Оттон киинэҕэ икки чаас иһигэр барыта түмүллүбүт буолуон наада, ол иһин биһиги сүрүн өттүн ылабыт, сүнньүнэн хаалар, ол гынан баран, кыра уларытыылар бааллар. Киинэ диэн эмиэ бэйэтэ туспа айымньы буоллаҕа. Киинэ эйгэтэ баарын тухары, сүүстэн тахса сыл, наар санаа атастаһыыта бара турар. Бу табылынна дуу, бу арамааны сөпкө көрдөрдүлэр дуу, сыыһа дуу диэн. Сорох режиссердар утараллар. Экранизация диэн олох сыыһа, арамаан суруллубутунан хаалыахтаах диэн.
Кинигэ диэн, кырдьык, наһаа ураты, үчүгэй. Бэйэҥ санааҕынан, эйгэҕинэн, дьоруойу уобарастаан көрөҕүн. Оттон киинэҕэ, бу киһи майгыта, уҥуоҕа сөп түбэһимиэн сөп. Ол эрээри саҕалыахтаахпыт. Биһиги аймахтыы омуктарбытыгар барыларыгар: казахтарга, кыргызтарга элбэхтэрин, кыахтаахтарын көрдөрөр аан дойду үрдүнэн аатырбыт киинэлэрдээхтэр, ол иһин биһиэхэ да оннук киинэ наада.
Документальнай киинэ диэн туспа, ол ороскуота арыый кыра, чэпчэки. Оттон бу “Тыгын Дархан” дьону сүрдээҕин түмтэ. Тоҕо диэ. Мантан сиэттэрэн, элбэх киһи арамааны аахта. Ханнык баҕарар нэһилиэккэ кэлээт да, бибилэтиэкэҕэ киирэн, соруйан ыйытабын: «Тыгын Дархан» арамааны уларсыҥ эрэ». «Суох ээ, алта кинигэ баарыттан ааҕа сылдьаллар» дииллэр. Урут биһиги кинигэни ааҕан баран, тугу эрэ гынар буоллахпытына, билигин киинэни көрөн баран, ыччат кинигэни ааҕар. Ол түгэни өйүөххэ наада.
Мин үөрэрим диэн, киинэни уһула сылдьан, биири бэлиэтии көрдүм. 30-40-наах дьоҥҥо саха тыына сүрдээҕин киирбит, иҥмит эбит. Биһиэхэ оонньуу сылдьар Иннокентий Макаров “Үс кут” диэн эр дьон алгыһын тэрийдэ, ити бу киинэттэн тахсан барда. Ити курдук, киинэттэн тыын ылан, атын эйгэҕэ хамсааһыны таһаарыы элбэх. Ити сүрдээҕин үөрдэр. Аны нэһилиэк баһылыктарын үгүстэрэ итэҕэллэрин илдьэ сылдьар эдэр уолаттар. Онон буоллаҕына, кэскиллэннибит дии саныыбын. Ол арылхайдык көстөр. Ону өссө бигэргэтэн, дириҥэтэн, саха классикатын устуохпутун наада. Сүрүн болҕомто күннээҕи олоххо буолбакка, онно барыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, биһиги ахсаан өттүнэн аҕыйахпыт, бүддьүөппүт кыра, ол гынан баран судаарыстыба харчыта ити хайысханы сайыннарыахтаах дии саныыбын.
— Эн урукку киинэлэриҥ оҕолоруҥ курдук айымньылар, олортон саамай сөбүлүүрүҥ, санааҥ сытара ханныгый?
— Суох, оҕолорум кэриэтэ барыта тэҥнэр. Кими да чорбоппоппун. Бастакы киинэлэр, биллэн турар, сүрэххэ күндүлэр. Оччолорго саҥа саҕалыырбытыгар, биһиги иннибитинэ ким да суох этэ, ол иһин сүрдээх уһуннук бу эйгэҕэ киирбиппит. Билиҥҥи оҕолор биһиги киинэлэрбитин, баҕар, көрөллөрө буолуо. Уопсайынан, олохпут олус сайынна, икки-үс каадыры ситимниири, холбууру билигин киһи бары сатыыр…
Ааспыт олоҕум киинэлэрбин устубут сылларынан тахсан кэлэр, умнубаппын. Оччоҕуна киинэлэрбин көрдүм да, оччотооҕу кэмнээҕи доҕотторум, билэр дьонум сирэйдэрэ, уобарастара бу көстөн кэлэргэ дылылар.
Сахаларга анаан устабын
— “Тыгын Дархан” салгыы бэстибээллэргэ кыттыан сөп дуу?
— Дьиҥинэн, бу киинэ оннук сыаллаах-соруктаах оҥоһуллубатаҕа. Уопсайынан, бэстибээлгэ кыттарга атын киинэни усталлар, норуот көрөр киинэтэ туспа буолар. Ол аата тиэмэтэ күннээҕиттэн ураты, соһутар ис хоһоонноох.
Оттон биһиэнэ классическай, үгэстэргэ тирэҕирэр киинэ. Бастатан туран, биһиги бэйэбит дьоммутугар-сэргэбитигэр аныыбыт. Сахалар астыналларыттан ордук үрдүк хайҕал биһиэхэ наадата суох. Атын омуктар көрөр буоллахтарына, көрүөхтэрэ, бэстибээллэргэ ыҥырар буоллахтарына, ыҥырыахтара. Ол дьылҕата туспа.
Бу киинэ кэлин ханнык аартыктарынан айанныырын ким да билбэт. Баҕар, аан дойдуга да тахсыаҕа. Өбүгэбит ис тутула, Далан өйө-санаата уонна норуоппут дириҥ култуурата холбостоҕуна, ханна баҕарар тиийиэн сөп.
— Социальнай ситимнэртэн киинэни устуугут кистэлэҥнэрин кистээбэт эбиккит дии…
— Аан бастаан кистиир этибит. Тоҕо диэтэр, киинэ эйгэтэ наһаа ыһыллан хаалар. Бастакы түһүмэхпитин аастыбыт, онон көҥүллэннэ. Бу устар бөлөх саҥардыы үлэлээн эрдэҕинэ, биир эйгэни, туспа салгыны үөскэтэҕин. Ол бөҕөргөөтөҕүнэ, дьэ, арыллаҕын. Хара маҥнайгыттан бэйэҕин рекламалаан, ыһа-тоҕо кэпсээтэххинэ, саха сиэринэн-туомунан, туох эрэ дьалкыйар, сүтэр курдук.
Сүрүн оруоллаах кимий?
— Сүрүн оруолларга кимнээх оонньоотулар?
— Тыгын оруолун оонньуур Гаврил Неустроев пааспарыгар аатын уларытан, Ньургун диэн буолла, араспаанньатын аҕа ууһун аатынан ылынна. Киинэ киһини ити курдук уларытар. Саха тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Николаев, артыыстар Ирина Никифорова, Айталина Лавернова, ону тэҥэ элбэх саҥа сирэйдэр бааллар. Мин саҥа дьону арыйарбын сөбүлүүбүн. Култуура колледжын оҕолорун мэлдьи оонньотобун. Бары да эдэркээн, сахалыы тыыннаах, үчүгэй айылҕалаах оҕолор.
Салгыы классиктары үйэтитиэм
— Биһиги улахан духуобунай баайбытын суруйааччыларбыт суруйан хаалларбыттара. Ол онно түгэҕэ суох дириҥ матырыйаал сытар. Ол иһин, уруккуттан этэбин, Ойуунускайбыт, Өксөкүлээхпит, Манчаарыбыт, саханы саха дэппит улуу дьоммут туһунан уус-уран киинэ суох. Ол иһин, мин санаабар, син биир судаарыстыбаттан үбүлэнэн, Култуура министиэристибэтэ анал бырагыраама ылынан, классик суруйааччылар айымньыларын үйэтитиини салгыахпытын наада. Киэн туттар бэлиэ дьоммутун ыччаппыт холобур оҥосторун курдук.
Киинэҕэ ханнык күүстэр көмөлөһөллөр?
— Эн бэйэҥ түүлгүнэн төһө биттэнэҕин?
— Хатылыга (Чурапчы улууһа — аапт.) Биттики алааһа баар. Улахан, кырдьаҕас сир. Онно биһиги өбүгэбит Омоллоон диэн киһи олорон ааспыта. Биттикиттэн убайым Боло Уус былыргы боотур куйаҕын, икки биһилэҕи булбута. Ол этэ, бастакы бэлиэ. 2005 сылтан бу киинэ уһуллуохтаах диэн араас таһымҥа кэпсэтии ыытылла сылдьар кэмигэр, ол көстүбүтэ төһүү күүс буолбута. Онно убайым кэлэн эппитэ: «Дьэ, доҕор, саҕалаа, кэмэ кэллэ», — диэн. Дьиҥэ, мин бу киинэни устуохпун баҕарбытым уонча сыл буолла.
Өбүгэлэрбит, сир-дойду иччилэрэ көрө-истэ сылдьаллар, үөрэллэр дии саныыбын испэр. Туох эрэ табыллымаары гыннаҕына, көннөрөн биэрэллэр, суолбутун арыйаллар.
Эдьигээнтэн төрүттээх Леонид Саввин-Түмэр Ойуун биһиги бастаан саҕалыахпытыттан үлэлэһэр. Бастаан ыарахаттар бааллара, харчы хамсааһыныгар, о.д.а., ону барытын кини туораппыта. Суолбутун арыйан биэрэр, ханан эрэ дьалкыйбыты уоскутар. Уһуллан бүтүөр диэри биһигини кытта сылдьар. Бу бүгүн эмиэ кэлэн үлэлээн барда.
Киинэ биир дьиктитэ диэн – туолар айылгылаах.
— Ол хайдах?
— Киинэҕэ ыраламмытыҥ олоххо туолар идэлээх эбит. Ону өйдөөн баран, наар саха күүһүн, өркөн өйүн-санаатын, кэскилин көрдөрө сатыыбын. Тоҕо диэтэр, куһаҕаннык көрдөрдөххүнэ, ол туолар. Эдэр сылдьан киһи арыый атыннык ылынар, сааһыран баран атыннык толкуйдуур.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Василий Кононов, Андрей Сорокин уонна Интэриниэт хаартыскалара.
Аржаков Никита Иннокентьевич
1962 с. Аллайыаха улууһугар төрөөбүтэ.
1985 с. Щепкин аатынан тыйаатыр училищетын,
2004 с. сценаристар, режиссердар үрдүкү куурустарын режиссерскай факультетын бүтэрбитэ.
1992 сылтан “Сахафильм” хампаанньа сүрүн туруорааччы-режиссера.
СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, П. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.
Киинэлэрэ: “Журавли над Ильменем, “Снайпер Саха”, “Дьикти саас”, “Хара мааска”, “Тайбаан арыы”, “Дьукаах”, “Аанчык”, “Тулабыт барыта хайалар”, о.д.а. киинэлэри устубута.
Кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх.
Сэмсэ тыл
Вера Филиппова, киинэ дириэктэрэ:
—Никита Иннокентьевич киһи быһыытынан киэҥ-холку, сахалыы майгылаах, дьоҥҥо истиҥ, иһирэх сыһыаннаах. Биир тыллаах, дириҥ билиилээх, айылҕаҕа чугас. Саха историятын дириҥник хасыһан үөрэппитэ. Сүрдээх ирдэбиллээх, ону тулуйар, тэҥнэһэр эрэ дьон уонча сылы быһа биир өйүнэн-санаанан үлэлиибит, бары олус ытыктыыбыт, сыаналыыбыт. Кинилиин үлэлиир олус интэриэһинэй.