Арылы Дуйдаах иэйиилээх хоһоонноро

27.10.2020
Бөлөххө киир:

Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах хоһоонноро күһүҥҥү долгураҥы, сайыҥҥы сылаас ардаҕы санаталлар уонна, ааҕа олордоххо, наһаа сырдык иэйиини үөскэтэллэр.

Мин саныахпар, ити бэйиэт тылы эрэ сааһылааһыныгар буолбакка, дьиҥ ис иэйиитин хоһооҥҥо тиһэн, сатабыл­лаахтык тиэрдэр уратытыгар сытар дии саныыбын. Арылы Дуйдаах хоһоонноро дириҥ ис иэйиилээхтэр, ­туспа олоҕунан олороллор. Ардыгар хомойоллор, ардыгар кыраттан да үөрэн, күн кыырпаҕын сылааһыныы, ­сырдыгыныы сыдьаайа оонньууллар. Ааҕа олорон хо­һоон айыах эбэтэр күһүҥҥү салгыҥҥа талаһыах санаа ­киирэр. Өскөтүн, хоһоон киһи туругун уларытар буоллаҕына, ол аата, суруйааччы дьон дууһатын кылын таарыйар талааннаах буолбаат?

Бүгүн, быраас идэлээх, уустук үлэлээх, ол эрээри нарын иэйиилээх, хомоҕой тыллаах Арылы Дуйдаах иэйиилээх хоһооннорун таһаарабыт.


Сүрэхпэр барыта сэбирдэх ырыата

Сүтүгүм, түбүгүм, ааспытым былыта,

Сэбирдэх, сэбирдэх, дьол олус кэбирэх,

Кэбирэх, кэбирэх, суох этэ дии, сэрэх.

Билбитим аһыыны, күһүҥҥү хаһыҥы,

Соҕотох даҕаны кыһыны уйары.

Сэбирдэх, сэбирдэх, дьол олус уйаҕас,

Уйаҕас, уйаҕас, баар этэ дии, алҕас.

Сэбирдэх, сэбирдэх, ким тугу кэтэһэр,

Кыыс, дьахтар аймаҕа күһүнү мэлдьэһэр?

Сэбирдэх, сэбирдэх, мин эмиэ эдэрбин,

Эдэрбин, эдэрбин, иитэбин эрэлбин.

Сүрэхпэр барыта сэбирдэх ырыата,

Уһаабыт күһүнүм кэрэтэ, талыыта,

Мин, баҕар, билигин иккистээн таптыаҕым,

Таптыаҕым, таптыаҕым, эн тиһэх ырыаҕын.

* * *

Күннээх буол,

Күннээх тур,

Халлааным!

Күһүммүн ситэри

Кэрэхсии көрүөхпүн,

Хаарыаннаах симэҕин

Сэрэнэн сүөрүөхпүн,

Кичэйэн-хачайан

Курулаан ууруохпун,

Эһиилги күһүммэр

Үктэнэр баҕалаах

Үгүһү, элбэҕи

Эргитэ саныахпын –

Аҕыйах ылааҥы

Күҥҥүнэн күндүлээ,

Сатаҕай халҕаммын

Балаҕан ыйынан

Сылаастык хайарбын көҥүллээ.

* * *

Киэҥ-холку даҕаны күһүҥҥү нуһараҥ,

Туһа суох, доҕоччуок, сайыны аһыйан,

Толору-ситэри симэҕин иилинэн

Сүрэҕи кылгастык ким үөрдүөй симэнэн?

Кэхтии да кэрэлээх,

Күһүн да күүтүүлээх,

Күлүмнэс үөрүүлээх,

Көтүтэр иэйиилээх.

Күһүммүт дуолугар долгуйа үктэнэн,

Уйгутун-быйаҥын дуоһуйа үссэнэн,

Дьоһуннаах дьолбутун хаһыҥтан харыстаан

Күн уотун хомуйуох урутаан-хойутаан.

Кэхтии да кэрэлээх,

Күһүн да күүтүүлээх,

Күлүмнэс үөрүүлээх,

Көтүтэр иэйиилээх.

Отоннуу барыахпын баҕардым –

Тоҕо мин биир сиргэ хатанным?

Аһыҥас, минньигэс күһүнүм амтанын

Толору ытыһар түгэммин аҕынным.

Көмүс тыам барахсан,

Хаһыҥтан көһүйэн

Дьагдьайан уһуктан

Суугунуу турдаҕыаҥ?..

Мин суолум – күннэтэ биир эргиир,

Эйиэхэ тиэрдибэт түбүгүм дьэ элбиир,

Ким эрэ, туох эрэ өрүүтүн мэһэйдиир

Эбэтэр сүрэхпэр тыал түһэн күүлэйдиир…

Көмүс тыам, ыраахтан

Угуйа манньытан,

Кып-кыһыл быйаҥҥын

Дьэ, төһө хаһаанныҥ?

Отоннуу барыахпын баҕардым –

Сэбирдэх, көтөҕө быыһынан

Туос ыаҕас тутуурдаах хаамарбын

Олуһун даҕаны аҕынным…

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — uussakha.ru саайтан.

+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1