Арыйаан Тютрин: «Хайа даҕаны түгэҥҥэ тустан бүтэбин, тохтуубун диэн санаа кэлбэтэҕэ»
Билиҥҥи тустууктарбыт интервью биэрбэттэр диэн олоҕурбут өйдөбүллээх этим. “Тоҕо олоҕурбут?” диэн ыйытыаххыт. Тустууктарбыт күрэхтэһиилэр кэннилэриттэн “үчүгэй-куһаҕан” диэн биир-икки этиинэн эрэ киирсиилэрин туһунан санааларын үллэстэллэрин элбэхтэ көрбүт да, аахпыт да буолуохтааххыт. Оттон олоххо көрүүлэрин, өйдөрүн-санааларын бу диэн мээнэ кэпсээбэттэр, арыйбаттар.
Ол олоҕурбут өйдөбүлү сайҕаары, Арассыыйа чөмпүйэнээттэрин элбэх төгүллээх призера, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Арыйаан Тютрины кытта кэпсэтэргэ сананным. Төлөпүөннээбиппэр улгумнук сөбүлэстэ, көрсөн кэпсэтиэх буоллубут.
Болдьоспут күммүтүгэр эрэдээксийэбитигэр Арыйаан кэргэнэ Марияны кытта ыалдьыттаатылар.
Арыйаан бэйэтин туһунан маннык кэпсиир:
— Мин икки улуустан төрүттээхпин. Ол курдук, ийэбинэн – Нам Көбөкөнүттэн, аҕабынан – Уус Алдан Тумулуттан. 1994 сыллаахха Көбөкөҥҥө күн сирин көрбүтүм, бииргэ төрөөбүт түөрт уолтан иккис буолабын.
2016 сыллаахха диэри Олимпийскай эрэл училищетигэр орто анал үөрэххэ үөрэммитим. Билигин М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физкултуураҕа уонна спорка институтугар төрдүс кууруска үөрэнэбин. Эһиил үөрэхпин түмүктүүбүн.
Ийэм тустарбын утарара
— Арыйаан, хаһааҥҥыттан тустан саҕалаабыккыный?
— Намҥа кыра кылааска үөрэнэ сылдьаммын саалаҕа оҕолору кытта сүүрэн-көтөн, мэниктээн, кыралаан эрчиллэн саҕалаабытым. Оччолорго онно тустуу сиэксийэтэ диэн суоҕа, физкултуура учуутала дьарыктыыра. Ол сылдьан, улуустааҕы күрэхтэһиигэ кыайан, бастакы сэмэй ситиһиилэммиппин өйдүүбүн. Аҕам өттүнэн убайым Семен Семенов тустар. Онон миигин аҕам тустуук оҥорор баҕа санаалааҕа. Оттон ийэм ончу утарара, тустарбын сөбүлээбэт этэ. Үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан, дьоммун кытта Уус Алдан Суоттутугар көспүппүт. Онно Семен Петуховка эрчиллэн саҕалаабытым. Улуус тустууктара буоламмыт сайынын Дагестаҥҥа хомуурга сылдьарбыт.
— Бастакы улахан ситиһииҥ ханнык этэй?
— 2008 сыллаахха, сэттис кылааһы бүтэрэн бараммын, “Азия оҕолоругар” тустан иккис буолбутум. Финалга бэйэбиттэн биир сыл улахан Саша Захаровы кытта киирсибитим. Оччолорго кини училищеҕа үөрэнэрэ. Билигин тустубат. “Азия оҕолорун” түмүгүнэн миигин эмиэ училищеҕа үөрэнэ кэлэрбэр ыҥырбыттара. Онон, ахсыс кылаастан Дьокуускайга үөрэнэ кэлбитим, Иван Дмитриевкэ эрчиллэн саҕалаабытым.
— Оттон оҕо сылдьан туох идэлээх буолуоххун баҕарар этигиний?
— Олох кыра сылдьаммын таксист буолуохпун баҕарарым. Үөрэнэ сылдьаммын саха литературатын, биологияны интэриэһиргиирим. Ол да буоллар, тустуук буолабын диэн оскуолаҕа сылдьан быһаарыммытым.
Ярыгин кэнниттэн санаалар
— Быйылгы Ярыгин турнирыгар бэйэҥ тустуугун хайдах сыаналыыгын?
— Кистээбэккэ эттэххэ, улахан бэлэмим суох этэ. Онон турнирга кыттыахпын улаханнык баҕарбатаҕым. Таах тиийэн утарылаһаччыларбыттан хотторор соччото суох курдук этэ. Бу иннинэ эчэйии ыламмын эпэрээссийэлэммитим. Ону тириэньэрдэрим Арассыыйа чөмпүйэнээтин иннинэ “стартыаххын”, эккин-сииҥҥин үөрэтиэххин наада диэн сүбэлээннэр кыттыбытым. Саатар эпэрээссийэ кэнниттэн ыйааһыным тахсан хаалбыта, кылгас кэм иһигэр 66 киилэттэн 57 киилэҕэ түһэрэргэ күһэллибитим. Бэлэмим ортотун да үрдүнэн, бачча күрэхтэһиигэ кэлэн бараммын хайаан даҕаны мэтээл иһин киирсиэхпин наада диэн бэйэбэр сорук туруоруммутум. Туох баарбынан-суохпунан киирсибитим.
— Бу күрэхтэһиигэ соҕотох эн эрэ боруонса мэтээли ыллыҥ. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата кыттыытын туох дии саныыгын?
— Атын уолаттар тустууларын туох да диир быраабым суох. Күрэхтэһии кэнниттэн бары олорон кэпсэппиппит. Сорохтор, күүс-уох, «физика» өттүнэн кыах тиийбэтэ дииллэр.
Күннээҕи дьарык
— Дьарыккыт хайдах ааһарый?
— Ый аайы хомуурга мустан, икки нэдиэлэ устата “Триумф” спорка бэлэмнэнии киинигэр эрчиллэбит. Бу кэмҥэ онно гостиницаҕа олоробут. Дьарык күҥҥэ үстэ ыытыллар: 7.30 чаастан, 10.30 чаастан уонна 16.30 чаастан. Киэһэтин тириэньэрдэри кытта ким тугу сыыспытын, сатаабытын ырытыһыы, сарсыҥҥы былааны аттарыы буолар. Күрэхтэһии иннинэ үс нэдиэлэ тохтоло суох дьарыктанабыт.
— Дьиҥнээх бэйэҥ ыйааһыныҥ хаһый? Ыйааһыҥҥын төһө түргэнник түһэрэҕин?
— 62-63 киилэни үктүүбүн. Ыйааһын түһэрэр организмтан тутулуктаах. Ардыгар түргэнник, сороҕор ыараханнык барар. Элбэх киилэни эмискэ түргэнник быраҕан кэбиһэр дьон эмиэ баар. Сайыннары үчүгэйдик үлэлээбит киһи ыйааһына түргэнник түһэр.
— Билигин ханнык күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэҕит?
— Олунньу ортото ыытыллыахтаах Уһук Илин чөмпүйэнээтигэр бэлэмнэнии буола турар. Мин онно кыттыбаппын. Кулун тутарга Бурятия бэрэсидьиэнин бирииһигэр турнирга, онтон муус устарга эмиэ Бурятияҕа буолар Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр тустуоҕум.
Хотторуу хомолтото
— Кими саамай күүстээх утарсааччым дии саныыгын?
— Кавказ уолаттарын этиэхпин сөп. Ол эрээри, Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиигэ тиийдэххэ, хас биирдии тустуук утарсааччым буолар буоллаҕа дии. Күрэхтэһэ тиийбит киһи күүстээҕэ, кыахтааҕа биллэр. Кими эрэ күүстээх, кими эрэ мөлтөх диэн тустубаккын.
Киирсии видео-устуутун көрүҥ:
— Саамай кыһыылаах киирсииҥ туһунан кэпсээ эрэ.
— Ааспыт сыл Дмитрий Коркин аатынан турнирга бүрээт Жаргал Дамдиновтан кыһыылаахтык хотторбутум. Мин онно дьарыктааҕым. Утарылаһааччыбын ханнык баҕарар балаһыанньаҕа кыайабын диэн эрэллээх этим. Ол эрээри, бэйэм сыыһа хамсаныыларбыттан хотторбутум. Хапсыһыы кэнниттэн “тоҕо маннык буолла? Хайдах мүччү туттардым?” диэн араас санаалар киирбиттэрэ. Хас биирдии күрэхтэһии кэнниттэн киирсиибин испэр ырытабын, элбэҕи толкуйдуубун. Хайа даҕаны түгэҥҥэ тустан бүтэбин, тохтуубун диэн санаа кэлбэтэҕэ. Өссө өсөһөн туран күүскэ дьарыктаныахтаахпын, маннык сыыһалар аны тахсыа суохтаахтар диэн бэйэбэр бэриммит тылбын толорорго дьулуһабын.
Бүтэр туһунан толкуйдаабаппын
— Саха сириттэн ураты ханна тустаргын ордороҕун?
— Бурятияҕа тустарга ураты аура баар буолар. Олус истиҥ көрөөччүлэрдээхтэр, ыалдьааччылардаахтар. Өссө Дагестаҥҥа уонна Осетияҕа тустарбын сөбүлүүбүн. Тустууну билэр, сөбүлүүр дьонноох сиргэ-уокка хаһан баҕарар күрэхтэһэргэ, дьарыктанарга да астык.
— Тустаары сылдьан турукка хайдах киирэҕин?
— Оннук тугу даҕаны тутуспаппын. Бэлэммэр уонна бэйэм кыахпар эрэллээх буоллахпына, долгуйааччым суох. Күрэхтэһии иннинэ төрөппүттэрбит алаадьы астаан, сири аһатар үгэстээхтэр.
— Хаһан тустан бүтүөм дии саныыгын?
— Бу туһунан толкуйдуу иликпин. Бу уонна аныгыс олимпийскай циклгэ тустар санаалаахпын. Ол эрээри, олоххо араас буолуон сөп. Онон туох да диэн улаханнык саҥарбаппын. Улахан спортан бүттэхпинэ тугунан дьарыктанарбын, үлэлиирбин билиҥҥитэ билбэппин. Баҕар, үөрэхпинэн учууталлыам, тириэньэрдиэм.
Дьиэ кэргэн, тус олох
— Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын?
— Айылҕаҕа тахсабын. Быыс-арыт булан, сылга биирдэ хайаан даҕаны кустуубун, Намҥа, Амма Эмиһигэр.
Арыйаан тапталлааҕын Марияны кытта ыал буолбуттара сылтан ордубут эбит. Мария Дьокуускайтан сылдьар. Кини Арыйаанныын хайдах билсибиттэрин туһунан маннык ахтар:
— Биһигини 2015 сыллаахха олунньу 14 күнүгэр биир доҕорбут билиһиннэрбитэ. Оччолорго Арыйааны тустуук диэн билбэт, тустууну ончу интэриэһиргээбэт киһи этим. Билигин көрөбүн, кыралаан быһаарсабын. Ол эрээри, кэргэним киирсиилэрин көрбөппүн, олус долгуйабын. Күрэхтэһии бүппүтүн, барыта биллибитин кэнниттэн эрэ, дьэ, көрөбүн. Кэргэммэр төһө кыалларынан күүс-көмө, өйөбүл буола сатыыбын.
Арыйаан, алгыстаах аатыҥ саҥа ситиһиилэри, чыпчааллары арыйа турдун!
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — Арыйаан Тютрин тус архыыбыттан, ysia.ru, sportyakutia.ru саайтартан.
Видео — Ютубтан.