Дьон-сэргэ кутун-сүрүн туппут талааннаах эдэр ырыаһыт Ариян Свинобоев-Арыйаан сотору кэминэн бастакы кэнсиэрин тэрийээри сылдьар. Арыйаанныын кини тус олоҕун уонна айар үлэтин туһунан кэпсэттибит.
— Арыйаан, «Эдэр сааска» эрдэ интервью биэрэн турардааххын. Ол кэмтэн ыла хас да сыл ааста. Эн билигин ыал буолан олороҕун. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Мин кэргэммин Марияны артыыс доҕотторум билсиһиннэрбиттэрэ. Кини Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, бэйэтэ эмиэ айар-тутар эйгэ киһитэ буолар. Биһиги 2017 сылга ыал буолбуппут. Билигин номнуо икки оҕолоох дьиэ кэргэн аҕатабын. Кырачаан кыргыттарым иһин кэргэммэр махталым муҥура суох. Оҕолорум баҕарбыттара барыта баар буоларын туһугар үлэлии-хамныы сылдьабын, кинилэри бигэ тирэхтээх дьон оҥорор баҕа санаалаахпын.
Бэйэм физкультурник идэлээхпин. Онон «Туймаада» стадиоҥҥа ГТО нормативын тутар исписэлииһинэн үлэлиибин.
— «Инстаграм» сирэйгэр улахан кыыскын кытта ырыа ыллыыргытын көрөбүт, сэргээн истэбит. Кыыскын ырыаҕа сыһыаран эрэҕин дуо?
— Кыыспын «ыллаа» диэн күһэйбэппин (күлэр). Кини бэйэтэ сөбүлүү истибит ырыатын дуу, мультик муусукатын дуу өйүгэр тута хатаан ыллыыр идэлээх. «Папаа, эн бу ырыаны билэҕин дуо?» — диэн кэлэн ыйытааччы, оччоҕуна гитаранан доҕуһуоллаан иккиэн ыллыыбыт. Бу пандемия кэмигэр блог устан таһаарар буолбуппут, дьон-сэргэ олус биһирээбитэ. Уопсайынан, оҕо мэйиитэ пластилин курдук эбит, түргэнник өйүгэр хатыыр, барытын ылынар. YouTube-ка көрбүтүн-истибитин ылла да үөрэтэн кэбиһэр. Соторунан кыра кыыс эмиэ ыллаан-үҥкүүлээн үөрдүө буоллаҕа.
— Дьаҥ турбут кэмигэр бары дьиэҕэ хааллан олордубут. Бу кэм эн олоххор туох уларыйыылары киллэрдэ?
— Пандемия кэмигэр үлэттэн босхолонон бириэмэ бөҕө баар буола түспүтэ. Мэлдьи дьиэҕэ олороҕун, култуурунай тэрээһиҥҥэ да сылдьыбаккын, үлэҕэр да барбаккын. Ол иһин ааспыт кыһын харчы мунньунан ырыа устар устуудьуйа атыыласпытым. Билигин бириэмэ тиийбэтинэн, устуудьуйабар улаханнык дьарыктана да иликпин. Киһи төһө кыалларынан хаачыстыбаҕа үлэлии сатыыр эбит. Боростуой матыыптары, көннөрү тыаһы-ууһу уһулан буолбакка, туох эрэ уратыны, саҥа сүүрээни киллэриэхпин баҕарабын. Хаһан эмит бириэмэтэ кэлэн, ол ырабын толоруом диэн эрэнэбин.
— Уопсайа бэйэҥ айбыт хас ырыалааххыный?
— Бэйэм айбыт ырыам ахсаана уон икки буолла. Түөрт килииптээхпин. Аан бастакы ырыам 2009 сыллаахха тахсыбыта, «Төрөөбүт дойдум» диэн ааттаах. Ол кэнниттэн «Дууһабын аймаама», «Сүрэхпэр доҕотторум бука бары» сыыйа айыллыбыттара. Мин ырыаны хобби курдук ылынабын. Ырыа – мин сөбүлүүр дьарыгым. Айар куттаах дьон куруук бэйэбитин көрдөнөбүт. Мин тугу эмит истибиппин, билбиппин иэйии киирдэҕинэ ырыа гынан таһаарыахпын сөп.
https://www.youtube.com/watch?v=RMrJ-uwrBEI
— Эдэрдиин-эмэнниин бары сөбүлээн истэр ырыабыт — «Сүрэхпэр доҕотторум бука бары» ырыа суруллубут устуоруйата хайдаҕый?
— «Сүрэхпэр доҕотторум бука бары» ырыа матыыба 2011 сыллаахха устудьуоннуу сылдьар кэммэр айыллыбыта. Бу матыып уопсайбар олордохпуна олох соһуччу төбөбөр көтөн түспүтэ. Ону тута диктофоҥҥа устан ылбытым. Сотору буолаат, саха тылын үөрэтэр учууталбар Акулина Николаевна Кузьминаҕа тиийэммин хоһоон көрдөөбүтүм. Оччолорго Чурапчытааҕы интэринээт-оскуолаҕа «Уолан ааҕыылара» диэн күрэхтэһии ыытыллар этэ. Акулина Николаевна миэхэ хоһоон арааһын көрдөрбүтэ, ол быыһыттан Айсен Никитин диэн уол хоһоонун сөбүлээн, кыратык уларытан-тэлэритэн ырыа гынан таһаарбытым.
— Ырыаҕа маҥнайгытын хас сааскар холоммуккунуй?
— Мин оҕо эрдэхпиттэн дьиэ кэргэммэр олус үчүгэй үгэстээх этибит. Сыл ахсын Саҥа дьыл бырааһынньыгар — тохсунньу 1 күнүгэр аҕам дьонугар, эбэм аахха тахсан бырааһынньыктыыр этибит. Ол киэһэ сиэттэр муста түһээт ыллыыр, үҥкүүлүүр буоларбыт. Сыанаҕа тахсартан кыбыстыбат буолуу онтон саҕаламмыта. Кэлин ырыа күрэстэригэр кыттар буолбутум. Онон оҕо сааспыттан ырыанан дьарыктанабын диэтэхпинэ сыыспаппын.
— Хас биирдии ырыаһыкка маҥнайгы ырыата ураты күндү буолуохтаах. Эн ханнык ырыаҕынан ырыа эйгэтигэр үктэммиккиний?
— Бастакы ырыам «Төрүт алааспар» диэн. 2009 сыллаахха Чурапчы Хадаарыттан төрүттээх Ньургун Лукин тылыгар уонна матыыбыгар суруллубута. Манна даҕатан эттэххэ, Ньургун сүбэтинэн мин «Арыйаан» диэн псевдонимы ылыммытым. Дьиҥнээх аатым Ариян диэн, нууччалыы суруллар.
— Тустуунан билигин дьарыктанаҕын дуо? Ырыаны уонна успуорду хайдах тэҥинэн тутаҕын?
— 2007 сыллаахха эчэйии ыламмын тустуубун тохтоппутум. Билигин үксүн уруу киэһэлэрин ыытабын, быыһыгар араас бырайыактарга кыттабын. “Икки куобаҕы эккирэтэн хайатын да ситиэн суоҕа» диэн өс хоһооно баар дии, мин онно соччо сөбүлэспэт курдук эбиппин. Киһи баҕардаҕына тугу баҕарар кыайыан сөп. Миэхэ успуорт сарсыҥҥы күммэр эрэли биэрэр. Успоурт — мин үлэм. Оттон ырыанан тыыммын таһаарабын.
— Эн айар куттаах киһи буоларыҥ быһыытынан, бука, бэйэҥ сүгүрүйэр, сөбүлээн истэр ырыаһыттардааҕыҥ буолуо. Кинилэр кимнээҕий?
— Кыра эрдэхпиттэн Аскалон Павлов, Байбал Сэмэнэп кумирдарым буолаллар, оттон нуучча эстрадатыттан Юрий Шатунов, Андрей Губин ырыаларын истэр этим.
— Бу соторутааҕыта көрөөччү биһирэбилигэр «Сэгэриэм» диэн ырыаҕа олус истиҥ килииби таһаарбытыҥ. Ырыа тылларын ааптарынан эн аҕаҥ Иннокентий Свинобоев буолар. Килиип уһуллуутун, идеятын туһунан кылгастык кэпсээ эрэ.
— Бу ырыаны аҕам 30-тан тахса сыл анараа өттүгэр суруйбут. Ийэм эдьиийбин оҕолоно киирбит кэмигэр олус күүстээх ахтылҕантан айыллыбыт ырыа буолар. Ырыа суруллубут кэмин тыынын тиэрдээри ретро истииллээх гына, оҕо сааһым ааспыт сайылыгар уһуллубут. Биһиги уруубут киэһэтэ эмиэ ретро истииллээх буолбута. Аймахтарым 80-с сыллардааҕы таҥаһы-сабы кичэллээхтик харайан сытыарбыттарын уларсан килиипкэ тутуннубут. Режиссер Юрий Босиковтыын бэккэ тапсан үлэлэһэн, биир күн иһигэр толору уһулан бүтэрбиппит. Барыта сүрдээх чэпчэкитик табыллыбыта, бириэмэбитин үөрэ-көтө атаарбыппыт.
— Бары билэрбит курдук, алтынньы 9 күнүгэр эн «Маҥнайгы» диэн ааттаах бастакы айар киэһээҥ буолаары турар. Манна хайа артыыстар кыттыахтарай уонна саҥа ырыалар сүрэхтэниэхтэрэ дуо?
— Кэнсиэрим буолара олох кылгас кэм хаалла, күн аайы күүстээх бэлэмнэнии. Туруорааччы режиссер – табаарыһым Петр Кулаковскай. Миигин кытта Аскалон Павлов, Амикан, Дайаана ыллыахтара. Биллэн турар, айар киэһэбэр “сюрпризтар” баар буолуохтара.
— «Эдэр саас» ааҕааччыларыгар тугу баҕарыаҥ этэй?
— Ааҕааччыларга баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, бары үчүгэйи. Пандемия уустук кэмигэр бэйэ-бэйэбитигэр харыстабыллаах буолуоххайыҥ. Кэнчээри ыччаккыт, төрөппүттэргит, чугас дьоҥҥут этэҥҥэ буоллуннар. Бириэмэлээх буоллаххытына, кэнсиэрбэр кэлэн дуоһуйа сынньанаргытыгар ыҥырабын!
Екатерина Гладкина, edersaas.ru
Хаартыскалар, видеолар дьоруой тус архыыбыттан туһанылыннылар.