Арыгыттан ас таһаарынааччылары уодьуганныыр кыахтаахпыт дуо?
Россияҕа сыллата сүүһүнэн тыһыынча киһи арыгыттын сүһүрэн суорума суолланар. Ыал аҕата, ийэтэ буолуохтаах ыччаттарбыт арыгыны доҕор-атас оҥостоннор, быһата, сатарыйыы суолугар үктэнэн эрэбит. Аҥардас кыра кыраадыстаах пиибэттэн сылтаан, бүтүн дьиэ кэргэн олоҕо, дьылҕата алдьанар.
Аны кэлиҥҥи кэмҥэ куһаҕан хаачыстыбалаах, «контрафактнай» диэн ааттанар арыгы дэлэйдэ. Арыгыттан ас таһаарынар эргиэмсиктэр күнүстэри-түүннэри чэпчэки сыаналаах арыгыны атыылыыллар. Аны арыгыга илиилэри-атахтары баайыллыбыт киһи чэпчэки эрэ сыаналааҕы батыһар, оннооҕор аптекаттан «Боярышник» настойкатын аҕыйах солкуобайга атыылаһан иһэр буоллулар. Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Контрафактнай арыгыны утары охсуһуу» диэн төгүрүк остуол ыытылынна. Тэрээһини «Саха сирэ» хаһыат эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев иилээн-саҕалаан ыытта.
«Псевдо-рестораннар» элбээтилэр
Матвей Лыткин, СӨ Арыгы атыытын хонтуруоллуур уонна лицензиялыыр управление салайааччыта:
— Арыгыны утары сокуон киириэҕиттэн өрөспүүбүлүкэҕэ «псевдо-рестораннар» (сымыйа, албын) рестораннар элбээтилэр. Ресторан ГОСТ ирдэбилигэр толору эппиэттиир буолуохтаах. Кафелар күргүөмүнэн сымыйа рестораҥҥа кубулуйдулар. Онон билигин биһиги управлениебыт рестораннары ГОСТ ирдэбилинэн сертификациялыыр туһунан этии киллэрдибит. Оччотугар сымыйа рестораннары харыларыттан харбаан, арыгы атыытын тохтотуо этибит.
Кыра кыраадыстаах арыгы алдьатыыта, киһи доруобуйатыгар охсуута өссө улахан дии саныыбын. Пиибэни атыылааһыҥҥа хааччахтааһыны киллэриигэ үлэ ыытабыт.
Социальнай ситимнэр нөҥүө арыгыны уора-көстө атыылааччылар син биир бааллар. Күнүстэри-түүннэри алдьатыылаах аһы атыылыыллар. Бу хайдах хаачыстыбалааҕа биллибэт. Онон сокуоннайа суох эргиниини хааччахтыыр сыалтан быйылгыттан ЕГАИС диэн олоххо киирэн, собуоттан тахсыбыт аһыы утах, ити иһигэр пиибэ эмиэ, регистрация, биир ситимигэр киирэр буолла.
«ЕГАИС» диэн тугуй?
Василий Григорьев, Арыгы атыытын хонтуруоллуур уонна лицензиялыыр управление салайааччытын солбуйааччы:
– Быйыл тохсунньу 1 күнүттэн итирдэр утахтары атыылааһын өссө ыараата. Биир кэлим судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай ситим (Единая государственная автоматизированная информационная система – ЕГАИС) диэн өйдөбүл олоххо киириэҕиттэн, бу ситимҥэ холбоммотох маҕаһыыннар кууһунан атыылааччылартан кыраадыстаах утаҕы сатаан атыыласпат уонна бэйэлэрэ атыылаабат кыахтаналлар.
Онон мантан инньэ оҥорон таһаарааччылар, дистрибьютордар, кууһунан, биирдиилээн атыылааччылар уонна туһанааччылар биир ситимҥэ үлэлиэхтээхтэр. Ол курдук, хас биирдии бытыылка анал федеральнай мааркалааҕын таһынан, аны штрих-кодтанар буолла. Штрих-кодка хаһыс чыыһылаҕа, хас чааска ханна оҥоһуллубута, нолуогу төлөөһүн барыта суруллар. Онон бородууксуйа собуоттан саҕалаан туһанааччыга тиийиэр диэри хонтуруолланыахтаах. Холобур, предприниматель Дьокуускайтан атыы-эргиэн кииннэриттэн арыгыны кууһунан атыылаһан баран, улууска тиийээт, анал сканерынан хас биирдии бытыылканы бэрэбиэркэлиэхтээх. Ол дааннайдарын барытын кууһунан атыылыыр маҕаһыыҥҥа ыытар. Барыта интернет нөҥүө барар. Оттон атыылыырыгар штрих-коду сканердаан баран атыылыыр. Онтуката суох кассанан сатаан аһарыа суоҕа.
Онон, арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар бары автоматизированнай ситимҥэ холбоннохторуна, предпринимателлэр, тэрилтэлэр контрафактнай бородууксуйаны кыайан атыылаабат буолуохтара.
Биһиги управлениебыт аҥардас лицензияны биэриинэн эрэ муҥурдаммат. Нэһилиэнньэҕэ арыгы буортутун пропагандалыыбыт. Арыгы атыыта 171-с нүөмэрдээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран хонтуруолланар. Маны таһынан регионнарга уонна муниципалитеттарга боломуочуйа эмиэ бэриллэн, улуустар уонна куораттар арыгы атыытын бириэмэтин, миэстэтин бэйэлэрэ быһаараллар.
Билигин Россия үрдүнэн «Биир кэлим судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай ситим» диэн өйдөбүл киирэн, аны бу ситимҥэ холбоммотох маҕаһыыннар, кууһунан атыылыыр базалар итирдэр утаҕынан эргинэр кыахтара суох буолла. ЕГАИС-ка холбоммотох предпринимателлэр административнай эппиэтинэскэ тардыллан, предпринимателлэр 10000 – 15000, оттон тэрилтэлэр 150000 – 200000 солк. диэри ыстарааптаныахтарын сөп. Иккиһинэн, ЕГАИС-ка бары маҕаһыыннар холбоннохторуна контрафактнай, куһаҕан хаачыстыбалаах арыгы атыыламмат буолуоҕа.
Алдаҥҥа контрафактнай бородууксуйаны атыылыыллара элбэх
Туйаара Алексеева, «ФАПК» АУо генеральнай дириэктэрин 1-кы солбуйааччы:
– РФ Үбүн министиэристибэтэ маҕаһыыҥҥа атыыланар буокка муҥутуур кыра сыанатын 190 солк. олохтообута. Онон мантан кыра сыаналаах буокка куһаҕан хаачыстыбалаах, контрафактнай буолуон сөп.
Контрафактнай арыгы үгүс өттүгэр куораттарга, ол иһигэр Дьокуускай, Нерюнгри, Мирнэй уонна Алдан урбаанньыттара уора-көстө атыылыыллар.
Бу остуолга ууран турар бытыылкаларым Алдаҥҥа кистээн кутуллубуттар. Этикеткэтин уоран ылан эмиэ бэчээттээбиттэр. Алдан куоракка тиийэ сылдьан, ааһан иһэр киһиттэн киэһэ «Арыгы ханна атыыланарый?», – диэн ыйыппыппытыгар, судургу баҕайытык аналлаах аадырыһы ыйан биэрбитэ. Онно тиийбиппит, бу хаачыстыбата суох арыгылары атыылыы тураллара. Киһи бииртэн олус соһуйар да, сөҕөр да. Ол курдук, олохтоохтор киэһэ арыгы ханна атыыланарын биэс тарбах курдук билэр буоллахтарына, тустаах уорганнар сөптөөх миэрэни ылбакка олороллоро өйдөммөт.
Нэһилиэнньэ үҥсүүтүнэн эрэ үлэлиибит
Елена Лихоманова, Киһи уйгутун уонна атыылаһааччы быраабын көмүскүүр федеральнай надзор сулууспатын туһанааччы быраабын көмүскүүр салаатын начаалынньыга:
– Уопсастыбаннай тэриллиилэртэн үҥсүү киирдэҕинэ биһиги тугу да гынар бырааппыт суох. 294 нүөмэрдээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, биһиги бырааптара кэһиллибит гражданнар үҥсүүлэринэн эрэ үлэлиибит. Ол курдук биирдиилээн дьонтон араас үҥсүү киирэр. Холобур, кэлиҥҥи кэмҥэ интернет нөҥүө арыгыны атыылыыр сайтары сабыҥ диэн үҥсүү киирэр буолла. «Инстаграм», «Фейсбук» социальнай ситимнэр нөҥүө саһа сылдьан атыылыыр 50 сайты булан, суукка сайабыалыанньа түһэрбиппит. Номнуо 40 сайт уонна интернет-страница сабылынна. Бу сайтарга регистрация, пароль ирдэниллибэт буолан, ким баҕарар киирэр арыгы сакаастаан атыылаһыан сөп. Роскомнадзоры кытары үлэлиибит. Сорох сайтар тас дойдуларга регистрациялаахтар эбит.
Онтон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо маннык сайтар баалларын биллэххитинэ Роспотребнадзорга кэлэн сайабылыанньа суруйуоххутун сөп. Итиэннэ официальнай сайтпыт нөҥүө.
2016 сыл тоҕус ыйынааҕы туругунан Роспотребнадзор инспектордара кыраадыстаах утаҕынан эргинэр 51 предприятиени бэрэбиэркэҕэ ыллылар. Хас биирдии үһүс тэрилтэ арыгы атыытын сокуонун кэспиттэрэ билиннэ. Кыраадыстаах утах уонна пиибэ 140 боруобата ылыллыбытыттан, 4,2% гигиеническэй нуормаҕа эппиэттээбэтэ быһаарылынна. 8 партия кыраадыстаах утах бородууксуйатын быраактаатыбыт.
Ыстараап кыра
Илья Данилов, «Россспиртпром» ААУо бэрэстэбиитэлэ:
– Контрафактнай арыгы үгүс өттүгэр куораттарга, ол иһигэр Дьокуускайга, Нерюнгрига, Мирнэйгэ уонна Алдаҥҥа атыыланар. Мин «Росспиртпром» тэрилтэҕэ 2014 сыл атырдьах ыйыттан үлэлиибин. Онон икки эрэ сыллааҕы дааннайдары этиэхпин сөп. Ол курдук 2014 сыл атырдьах ыйыттан саҕалаан ахсынньыга диэри 1320 лиитирэни, онтон ааспыт сылга 143 тыһ. 108 лиитирэ куһаҕан хаачыстыбалаах арыгыны суох оҥорбуттар. Мантан 25 тыһыынча лиитэрэ аҥардас Дьааҥы Баатаҕайыгар тиксэр. Арыгыны лицензията суох атыылатыылаабыта ыраатта. Биирдэ 500 тыһ солк ыстарааптаммыта. Ол да үрдүнэн атыылыы олорор.
Быйылгыттан арыгыны утилизациялааһын быраабылатыгар уларыйыылар киирбиттэрэ. Онон лицензиялаах утилизаторга илдьэн суох оҥоруохтаахпыт. Уһук Илин регионугар Владивостокка эрэ маннык анал сир баар. Бу соторутааҕыта Алдан оройуонуттан 28 тыһ. 800 лиитэрэни арыгыны илдьибиппит.
1000 дьааһык арыгыны туттубут
Андрей Зароченцев, РФ Ис дьыалатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир тырааныспарга Хотугулуу—Илин линейнэй управлениетын бэрэстэбиитэлэ:
– Куһаҕан хаачыстыбалаах контрафактнай арыгы Магадантан кэлэр дииллэр. Ол эрээри ити төһө кырдьыгын этэр кыаҕым суох. Бастакытынан, массыына суолунан тиэллэр таһаҕаһы биһиги хонтуруоллаабаппыт. Биһиги тимир суолунан, уунан уонна салгын тырааныспарынан кэлэр таһаҕаһы бэрэбиэркэлиибит. Бу күннэргэ «Алкоголь» суһал-сэрэтэр рейдэ кэмигэр Нерюнгрига тимир суол станциятыгар «Посуда» диэн накладнойдаах контейнерга кыраадыстаах арыгыны кистээн тиэйэн испиттэрин туттубут. Билигин управление үлэһиттэрэ арыгы акцизнай мааркатын үөрэтэ сылдьаллар. Уопсайа 1000 дьааһык вино. Беркакикка диэри тимир суолунан тиэйэн, салгыы массыынанан Дьокуускайга илдьэр санаалаах эбиттэр. Сөмөлүөтүнэн таһардааҕар тимир суолунан тиэйэр быдан чэпчэки. Аны сөмөлүөтүнэн тиэллэр таһаҕас улахан хонтуруолу ааһар.
Сыллата тимир суолунан кэлэр 20-чэ тыһыынча бытыылка контрафактнай арыгыны тутабыт. Үгүс өттүгэр сымыйа акцизнай мааркалаах буолар. Ол тута биллэр.
Уу суолун тырааныспарыгар эмиэ үлэлиибит. Манна балаһыанньа арыый ордук.
Ватсабынан, Интернет-сайтынан атыылыыллар
Александр Аммосов, Ис Дьыала министиэристибэтин «Дьокуускадааҕы» ОУУП уонна ПДН начаалынньыга, полиция подполковнига:
– Арыгыны утары сокуон киириэҕиттэн бутлегерство күүскэ тэнийдэ. Саһа сылдьан кыраадыстаах арыгыны атыылыыллар. Маҕаһыынтан атыылаһан баран, түүҥҥү өттүгэр сыаналарын эбэн атыылыыллар. Онон, чопчу контрафагынан эргинэллэр диэн этэр кыаҕым суох. Ватсабынан, интернет-сайтынан атыылыыллар. Саҥаттан саҥа сайтар аһылла тураллар.
Бу соторутааҕыта Томпо улууһугар 26 тыһыынча бытыылка куһаҕан хаачыстыбалаах арыгыны тиэммит массыынаны туппуттара.
Нэһилиэнньэ ханна үҥсэрин чопчу билиэхтээх
Татьяна Тымырова, Саха сиринээҕи ресторатордар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ:
– Уопсастыбаннай тэрилтэбит буоларбыт быһыытынан төһө кыалларынан аһыы утаҕы атыылааһыны хонтуруолга тута сатыыр. Биирдиилээн предпринимателлэр үлэлэрин төһө кыалларынан көрөбүт-истэбит. Хомойуох иһин, уопсастыбаннай тэриллии буоларбыт быһыытынан сокуон быһыытынан биһиги үҥсүүбүтүнэн тустаах уорганнар сөптөөх миэрэни ылаллара ирдэммэт.
Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ мөлтөх хаачыстыбалаах арыгы атыыланарын биллэҕинэ, ону тустаах тэрилтэлэргэ хаһан, чопчу ханнык аадырыска биллэрэрэ чуолкай буолуохтаах.
Анивера Акимова, Александр Тарасов.
Сыыппаралар
– Статистика көрдөрөрүнэн, 2014 сыллаахха 1 киһиэхэ 7,8 лиитирэ арыгы тиксэр этэ. Оттон 2015 сылга бу көрдөрүү – 7,4 лиитирэҕэ тэҥнэспит. Кыра түһүү баар. 2012—2013 сылларга ити көрдөрүү олох даҕаны 12 лиитирэ эбит.
— 2015 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 5,5 мөлүйүөн декалиитир пиибэ, 800 тыһыынча декалиитир буокка атыыламмыт.
[vc_raw_html]aHR0cHMlM0ElMkYlMkZ3d3cueW91dHViZS5jb20lMkZ3YXRjaCUzRnYlM0RBcXoza080NFFjSQ==[/vc_raw_html]