Арыгыны сканердаан баран атыылыахтара

14.10.2016
Бөлөххө киир:

Маҕаһыыннар биир кэлим судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай ситимҥэ холбонуохтара

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн арыгыны кууһунан атыылыыр 12 атыы-эргиэн киинэ баарыттан, «Армада», «Анаконда-98», «Исток», «Шанс-2+», «АЛМАЗ», «ЮНИКС», «Ремикс», «Феникс» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр Дьокуускайга үлэлииллэр. Уоннааҕылар Ленскэйгэ, Мирнэйгэ, Нерюнгрига базаланан олороллор. Кууһунан атыылааччылар бары тутуспутунан быйыл биир кэлим судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай ситимҥэ холбонон, сыыйа, куһаҕан хаачыстыбалаах суррогат атыыта намтаан барыахтааҕын этэллэр. Ол эрээри биирдиилээн маҕаһыыннар баччааҥҥа диэри саҥа ситимҥэ холбоно иликтэр.

Былырыын атырдьах ыйын 1 күнүттэн элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ баар атыы-эргиэн кииннэригэр, дьоҕус маҕаһыыннарга арыгыны атыылааһын сокуонунан бобуллан, итирдэр утахтарынан эргинээччилэр атахтара кыаһыланан турар. Ааспыт сыл бастакы аҥарыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1218 маҕаһыын арыгыны атыылыыр эбит буоллаҕына, бу сыыппара билигин 1049-ка тиийдэ. Ол эрээри бу ахсаан халбаҥныы турарын Арыгы атыытын хонтуруоллуур уонна лицензиялыыр управление салайааччытын солбуйааччы Василий Григорьев этэр.

Лицензияларын болдьоҕун уһаппакка, арыгы атыытын ырыынагыттан тахсан, олоччу үлэлэрин тохтототор биирдиилээн предпринимателлэр, тэрилтэлэр эмиэ бааллар. Аны арыгы атыытыттан аккастаммыт нэһилиэктэргэ үлэлиир предпринимателлэр маҕаһыыннарын сабарга күһэллэр түгэннэрэ эмиэ баар. Ааспыт сыллааҕы түмүгүнэн 8 муниципальнай тэриллиигэ 11 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа арыгы атыыта сокуонунан бобулунна. Бу өр сыллаах чөл олоҕу тутуһааччылар ситиһиилэрэ, бырабыыталыстыба утумнаахтык ыытар бэлиитикэтин түмүгэ. Урут ити нэһилиэктэргэ чөл олоҕу тутуһар уопсастыбаннай тэриллиилэр бааллара. Онон уопсастыбаннай хамсааһыны сокуонунан ситэрэн биэрдилэр. Ол курдук билигин Кэбээйи Мастааҕар, Уус Алдан Бороҕонугар, Нам Хамаҕаттатыгар уонна да атын нэһилиэнньэлээх пууннарга арыгы атыыламмат.

Үүммүт сыл тохсунньу 1 күнүттэн итирдэр утахтары атыылааһын өссө ыараата. Ол курдук биир кэлим судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай ситим (Единая государственная автоматизированная информационная система – ЕГАИС) диэн өйдөбүл олоххо киириэҕиттэн, бу ситимҥэ холбоммотох маҕаһыыннар кууһунан атыылааччылартан кыраадыстаах утаҕы сатаан атыыласпат уонна бэйэлэрэ атыылаабат кыахтаналлар.

Онон мантан инньэ оҥорон таһаарааччылар, дистрибьютордар, кууһунан, биирдиилээн атыылааччылар уонна туһанааччылар биир ситимҥэ үлэлиэхтээхтэр. Ол курдук, хас биирдии бытыылка анал федеральнай мааркалааҕын таһынан, аны штрих-кодтанар буолла. Штрих-кодка хаһыс чыыһылаҕа, хас чааска ханна оҥоһуллубута, нолуогу төлөөһүн барыта суруллар. Онон бородууксуйа собуоттан саҕалаан туһанааччыга тиийиэр диэри хонтуруолланыахтаах. Холобур, предприниматель Дьокуускайга баар «Исток» атыы-эргиэн кииниттэн арыгыны кууһунан атыылаһан баран, улууска тиийээт, анал сканерынан хас биирдии бытыылканы бэрэбиэркэлиэхтээх. Ол дааннайдарын барытын кууһунан атыылыыр маҕаһыыҥҥа ыытар. Барыта интернет нөҥүө барар. Оттон атыылыырыгар штрих-коду сканердаан баран атыылыыр. Онтуката суох кассанан сатаан аһардыа суоҕа.

Онон, арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар бары автоматизированнай ситимҥэ холбоннохторуна, предпринимателлэр, тэрилтэлэр контрафактнай бородууксуйаны кыайан атыылаабат буолуохтара.

Контрафакт аҕыйыа

Арыгы атыытын хонтуруоллуур уонна лицензиялыыр управление салайааччытын солбуйааччы Василий Григорьев:

Биһиги управлениебыт аҥардас лицензияны биэриинэн эрэ муҥурдаммат. Нэһилиэнньэҕэ арыгы буортутун пропагандалыыбыт. Арыгы атыыта 171-с нүөмэрдээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран хонтуруолланар. Маны таһынан регионнарга уонна муниципалитеттарга боломуочуйа эмиэ бэриллэн, улуустар уонна куораттар арыгы атыытын бириэмэтин, миэстэтин бэйэлэрэ быһаараллар.

Билигин Россия үрдүнэн «Биир кэлим судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай ситим» диэн өйдөбүл киирэн, аны бу ситимҥэ холбоммотох маҕаһыыннар, кууһунан атыылыыр базалар итирдэр утаҕынан эргинэр кыахтара суох буолла. ЕГАИС-ка холбоммотох предпринимателлэр административнай эппиэтинэскэ тардыллан, предпринимателлэр 10000 – 15000, оттон тэрилтэлэр 150000 – 200000 солк. диэри ыстарааптаныахтарын сөп. Иккиһинэн, ЕГАИС-ка бары маҕаһыыннар холбоннохторуна контрафактнай, куһаҕан хаачыстыбалаах арыгы атыыламмат буолуоҕа.

Врезки

— Ордук элбэх итирдэр утах Дьокуускай, Мирнэй, Ленскэй, Нерюнгри куораттарга атыыланар. Бу куораттарга нэһилиэнньэтин ахсаана элбэҕин таһынан, лицензиялаах предпринимателлэр ахсааннара баһаам.

— Статистика көрдөрөрүнэн, 2014 сыллаахха 1 киһиэхэ 7,8 лиитирэ арыгы тиксэр этэ. Оттон 2015 сылга бу көрдөрүү – 7,4 лиитирэҕэ тэҥнэспит. Кыра түһүү баар. 2012—2013 сылларга ити көрдөрүү олох даҕаны 12 лиитирэ эбит.

— 2015 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 5,5 мөлүйүөн декалиитир пиибэ, 800 тыһыынча декалиитир буокка атыыламмыт.

Анивера АКИМОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0