Аркадий Гурьев – өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан арыгы утары охсор илиитин көтөхпүт баһылык. Нэһилиэк таһымыгар (саамай сүрүн араҥа) аан бастаан 2015 сыллаахха арыгы атыыта сокуонунан бобуллубут сирэ – Кэбээйи улууһун Мастаах бөһүөлэгин баһылыгын кытта кэпсэттибит.
Прокопий БУБЯКИН, www.edersaas.ru
“Борокуруордар бобору боппуттара”
Кинини кытта ахсынньы ам-даам тымныытыгар Кэбээйи Мастааҕар тиийэн ылбыт интервьюбутун ааҕыҥ.
- Аркадий Афанасьевич, итирикситтээһини утары сокуоҥҥа тирэҕирэн охсуһууну саҕалаабыт эн бааргын. Хайдах этэй, кэпсээ эрэ.
- Чөл олох туһугар киирсибиппит ыраатта. Арыгы атыытын сокуоннайдык бобор туһуттан араас инстанциялары барытын кэрийбиппит. Итэҕэтэргэ, дакаастыырга туруммуппут. Оччолорго борокуратуура үлэһиттэрэ улаханнык бопсор этэ: “Бу эһиги дьон баҕа санаатын, бырааптарын кэһээри гынаҕыт. Инньэ гынан, арыгы атыытын тохтотор боппуруоһу көтөҕүмэҥ, киирсимэҥ. Биһиги итини утарабыт”, — диэн мас-таас курдук этэр этилэр.
Саамай кэмигэр тахсыбыт ыйаах
Нэһилиэкпэр референдум эҥин тэрийэн бопторо сатаабытым, араас ньыманы барытын туһана сатаабыппыт эрээри, борокуратуура улаханнык бопсубута. Биһиги борокуратуура күүстээх утарсыытын көрсөн, санаабыт түһэн, сынтарыйыах курдук буолбуппут. Ол сырыттахпытына, 2014 сыл бүтэһигэр Ил Дархан Ыйааҕа тахсан соһутта. Сокуону ылыммыттара. Онно этиллэринэн, нэһилиэк дьокутааттаарын уопсай быһаарыыларынан, Ил Түмэн бигэргэтиитинэн чопчу нэһилиэккэ арыгы атыыта хааччахтаныан сөп этэ. Ону ааҕаат, 2015 сыл тохсунньутугар дьокуттааттар сессияларын ыҥырбытым. Бу сессия бэбиэскэтигэр “Кэбээйи улууһун Мастаах бөһүөлэгэр арыгы атыытын бобор туһунан” диэн боппуруоһу киллэрбиппит.
- Нэһилиэк дьокутааттара тута сөбүлэстилэр ини?
- Дьокутааттары кытта социальнай-экономическай дааннайдары көрбүппүт, өр быһаарсыбыппыт, ырытыспыпыт. Куоластааһын түмүгэр “ититэр утахтары атыылааһыны” бобор Быһаарыы ылыммыттара. Ити кэннэ Ил Түмэҥҥэ докумуон түһэрбиппит.
- Ил Түмэн таһымын хайдах ааста?
- Маҥнай сокуон оҥорор диэн боростуой дуу дии санаабытым, онтум букатын уустук дьыала эбит. Сокуон хайдах оҥоһулларын дьэ онно билбитим. Араас докумуон, кумааҕы бөҕөтү бэлэмнээн олорго киллэрбиппит. Ити 2015 сыллаахха этэ. Ил Түмэн биһиги боппуруоспутун тута сессиятын бэбиэскэтигэр киллэрбэтэҕэ. Ол кэмҥэ биһиги специалистары, борокуратуураны кытта үлэлэспитим.
«Арааһы барытын ыйыппыттара»
Үс ый курдук үлээммит сокуон барылын бэлэмнээбиппит. Ил Түмэн сессиятын бэбиэскэтигэр киирбитэ. Кулун тутар бүтэһигэр. Маҥнайгы, иккис ааҕыытыгар тута аһарбыттара.
- Дьокутааттар көҥүллүөхтэрин иннинэ тугу ыйыппыттарай?
- Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы этибит. Онон куоластаары олорор дьокутааттар интэриэһиргээн да буолуо арааһы барытын ыйыппыттара: “Тоҕо маннык гынаҕытый?”, “билигин бобон баран, инникитин хайдах буолаҕытый?”, “оннук үлүгэр арыгыһыт дьоннордооххут дуо?”… Онно барытыгар эппиэттэспитим. Куоластааһын түмүгэр, норуот дьокутааттарын баһыйар үгүс куолаһынан сокуон ааспыта.
Манна даҕатан
Бу күҥҥэ 100-тэн тахса нэһилиэк бэйэтин иһигэр арыгын бопто. Наһаа үчүгэй көстүү! Бу сүүһүнэн ааҕыллар испииһэккэ бастакы нүөмэринэн Мастаах бөһүөлэгэ турар. Пионер-нэһилиэк.
Прокопий БУБЯКИН, Дьокуускай — Мастаах.