Арыгылааһын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр дуо?

14.08.2018
Бөлөххө киир:

В.Г. Углов бэйэтин өр сыллаах чинчийиилэринэн дакаастаан турар – ханнык баҕарар ыалга, аймахха, дойдуга төһөнөн элбэх арыгы иһиллэр да, соччонон элбэх ыарыһах оҕо төрүүр диэн. Бу чинчийии норуоттар кэхтиилэрин, доруобуйалара мөлтөөһүнүн көрдөрбүт эбит.

Саха норуотун улуу бөлүһүөгэ Өксөкүлээх Өлөксөй арыгы нөҥүө алдьархай ааҥнаан эрэрин өтө көрөн, Боотуруускай улууһугар Егор Николаевтыын чөл олох уопсастыбатын тэрийбиттэр. Оччолорго арыгы иһиитэ биир киһиэхэ тиксэринэн, 1,2 лиитирэ эбит, билигин 7 лиитирэҕэ тэҥнэһэр.

Ити кэмҥэ Өксөкүлээх Өлөксөй арыгы содулун туһунан айымньыларын уонна “Саха интеллигенциятыгар суругар” арыгы боппуруоһун биир бастакынан туруорбута биллэр. Кини Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ олорор кыра норуоттар арыгыттан эмсэҕэлээн, эстэн эрэллэрин сытыытык суруйбута. Холобур, “Саха интеллигенциятыгар суругар” 24 норуоту ааттаабыт уонн эстэн эрэллэрин ыйбыт, билигин бу норуоттар үгүстэрэ күн сиригэр суохтар. Манна барытыгар саамай алдьатыылаах төрүөтүнэн арыгы буолар.

Араас научнай чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, кыраттан улахан дозаҕа көһүү – наркотиктар сокуоннара биир киһи эрэ олоҕор дьайбат эбит, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр. “Бастакы көлүөнэ саҕалаабыт буоллаҕына, иккис көлүөнэ ону күүһүрдэн биэрэр, оттон үһүс көлүөнэҕэ тиийиитигэр олоччу иһээччи буолаллар”, — диэн этиллэр. Ол эбэтэр эһэтэ-эбэтэ, аҕата-ийэтэ иһэр эбит буоллахтарына, оҕо арыгыга олус түргэнник ылларара эрэбил. Бу «култуурунай» иһиигэ эмиэ сыһыаннаах.

Күндү сахам дьоно! Ыччаккытын, сиэннэргитин санаан туран, инникигитин, кэскилгитин сарбынымаҥ, арыгыны атыылаһымаҥ, күндү ас диэн өйдөбүлү оҕолоргутугар иҥэримэҥ, бэйэҕитинэн холобур буолумаҥ! Норуоппут инникитэ хас биирдии киһи ити быһаарыныытыттан тутулуктааҕын умнумаҥ!

Матвей Лыткин, edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0