Бүгүҥҥү кэпсэтиибит наркотиктартан: арыгыттан, табахтан хайдах көмүскэнэр туһунан. Кэнники кэмҥэ элбэх наркоманы, алкоголигы кытары көрүстүм. Кинилэрдиин кэпсэтэрбэр куруук биир ыйытыыны биэрэбин: “Туохтан саҕалаабыккыный уонна алкоголик буолуом дии санаабытыҥ дуо?” диэн.
Ким да бастаан саҕалыырыгар алкоголик буолуом дии санаабат. Бары кэриэтэ: “Алкоголиктары көрө-көрө сиргэнэр этибит, мөлтөх дьоннор дии саныырбыт”, — диэн этэллэр. Кэлин өйдөөбүттэрэ, арыгы куһаҕан буолан, хайдахтаах да үчүгэй дьону арыгыһыт оҥортуур эбит. Оннооҕор буолуох улуу дьон, чулуу спортсменнар (Майк Тайсон, Диего Марадона, о.д.а.) наркотикка ылларбыттара иһиллэр.
Арыгыны утары охсуһуубут сүрүн биричиинэтэ – “култуурунайдык иһии” диэн сүрдээх албын өйдөбүл. Үгүс дьон саныыр: “Мөлтөх дьон арыгыһыт буолаллар, оттон биһиги култуурунайдык, бырааһынньыктарга истэхпитинэ, туох да буолуохпут суоҕа”. Ол эрэн, бырааһынньык аайы укуолланар киһи син биир наркоман диэн аатырар. Ол курдук, табах, арыгы эмиэ наркотик буолалларын быһыытынан, табахтыыр, арыгылыыр киһи — наркоман. Аата кыратык уларыйан, никотиновай наркоман уонна алкогольнай наркоман диэн аатырар. Медицинаҕа формула баар – Ф10 уонна Ф19, бу барыта наркотиктар.
Икки табаарыстыылар олохторун холобур аҕалыахпын баҕарабын. Бииргэ улаатан баран, эдэр саастарыгар арыгы иһэн саҕалаабыттар. Биирэ алкоголик буолан өлөр, биирэ эмтэнэн, үтүөрэр. Бу киһи төрөппүттэригэр махтаныах тустаах, доруобай ийэлээх-аҕалаах буолан, бэйэтэ кытаанах доруобуйалаах буолан, тулуспут.
Арассыыйа улуу учуонайдара Владимир Бехтерев, Иван Павлов үөрэтэн көрөн баран, эппиттэрэ: “Биир да арыгы туһалаах буолбатах, бастакы үрүүмкэттэн организмҥытын алдьатан киирэн барар” диэн. Онон ийэлээх-аҕата, эһэлээх-эбэтэ арыгылаабыт буоллахтарына, бу ыччаттарыгар улаханнык дьайар эбит. Бастатан туран, холобур быһыытынан. Кинилэр арыгы иһэллэрин көрөн улааппыт оҕо арыгыга чэпчэкитик ылларар. Иккиһинэн, организма ылларымтыа буолар.
Арыгыны атыылааһын аан дойду үрдүнэн бизнес буолла, оннооҕор аан дойдутааҕы футбол чемпионата арыгы атыыһытынан спонсорданна, ол сүрдээх улахан алдьатыыны оҥоро турар. Пиибэни көҥүллээн, сокуону уларыттылар, ити кэлин улахан охсуулаах буолуоҕа.
Ыччаппытын хайдах көмүскүүбүт? Суорун Омоллоон Библияны тылбаастаан хаалларбытыгар суруллубут: “Трезвитесь и бодрствуйте. Сатана ходит вокруг вас и ищет, кого проглотить” диэн. Арыгы, табах, наркотик киһини бастаан албыннаан боруобалатан баран, хам ылан, доруобуйатын, дьиэ кэргэнин, оҕотун-уруутун барытын эһэр оҥоһуулаахтар. Саамай көмүскэлбит – биир да грамм наркотигы (табаҕы, арыгыны) бэйэбитигэр киллэриэ суохтаахпыт, “култуурунайдык иһэбит” диэн бэйэҕитин албыннанымаҥ, оҕолоргутугар холобур буолумаҥ.
Матвей Лыткин, edersaas.ru сайтка анаан.