Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥнар кэмнэригэр Дьокуускай куорат уонна улуустар дьуһуурунай чаастарыгар элбэх үҥсүү киирдэ. Дьон эчэйиилээх араас куһаҕан быһыы-майгыы тахсыыытын содула барыта арыгыны иһии түмүгэр таҕыста.
Ол курдук, Усуйаана оройуонугар 34 саастаах эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдэ. Суһал ыҥырыынан полиция үлэһиттэрэ тиийэн быһаарбыттарынан, арыгы иһии түмүгэр 41 саастаах дьахтар буруйдааҕынан билиннэ. Бу дьыала тула бэрэбиэркэ бара турар.
Маны таһынан, Дьокуускайдааҕы 4-с №-дээх полиция салаатыгар үҥсүү киирдэ. Балыыһаҕа 31 саастаах эр киһи эмиэ эчэйэн киирдэ. Суһал көрдөөһүн түмүгэр 33 саастаах уорбаланааччыны туттулар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, уопсай арыгы иһии содула кыыһырсыыга тиэрдибит. Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын «Киһини соруйан эчэтии» 111 ыстатыйатын 2-с чааһынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1