Коронавирус аан дойдуга олус түргэнник тарҕанар. Ким эрэ бэйэтин уонна чугас дьонун харыстыыр туһуттан инфекцияттан көмүскэнэр дьаһаллары кытаанахтык тутуһар буоллаҕына, вирустан харыстанабыт диэн арыгыны утаппыттыы иһэр дьон эмиэ баар.
Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын исписэлиистэрэ арыгыттан туттунарга уонна испиирдээх утахтар COVID-19 коронавируска сыстартан көмүскээбэттэр, төттөрүтүн, балаһыанньаны дириҥэтэллэр диэн сэрэтэллэр. Арыгы доруобуйаҕа тугунан да кэмнэммэт улахан буортулааҕын умнумаҥ. Хаан баттааһынын уларыйыыта, сүрэх, инсульт, быар ыарыылара уонна ас-буһарар уорганнар эмсэҕэлээһиннэрэ, түөс, айах, күөмэй, куртах уо.д.а. искэннэр, уйулҕа хамсааһына, аһыыр баҕа намтааһына – бу барыта арыгыны иһиини кытта сибээстээхтэр. Ордук көдьүүстээх дьаһаллар – тус гигиенаны тутуһуу, уопсастыбаннай миэстэлэргэ сылдьыыны аҕыйатыы, олорор сири салгылатыы, маасканы кэтии уонна, биллэн турар, санааны түһэрбэт буолуу.
Надежда ЕГОРОВА
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1