Мария Афонская: «Төһөнөн элбэҕи иһэҕин да, быраҕар оччонон уустук»
Бүтэн биэрбэт бырааһынньыктар куруук үөрүүнү-көтүүнү эрэ аҕалбаттар. Хомойуох иһин, эбии сынньалаҥ күннэр кимиэхэ эрэ кытаанах тургутуунан буолаллар. Чуолаан, арыгыны иһэр киһи тохтуур кыаҕа суох буоллаҕына. Итинник дьон аны бэйэлэрин арыгыһыт курдук санамматтар, арыгыһыт буола иликпит диэн өһүргэнэллэр.
edersaas.ru
Арыгылааһын ханнык түһүмэҕэр тиийбит киһи арыгыһыт аатырарын исписэлиистэр маннык быһаараллар. Психиатр-нарколог Мария АФОНСКАЯ:
— Арыгы иһэр киһи барыта арыгыһыт аатырар дуо? Бастакы сибикилэр ханныктарый?
— Арыгыһыт олоххо буолар араас түгэннэри арыгы иһиинэн “доҕуһуоллуур”. Оннук киһи нэдиэлэни быһа иһиэ суоҕун сөп. Ол гынан баран, өрөбүл күннэр иннилэринэ, быраабыла курдук, иһэр уонна итирэр. Ону сэргэ, арыгы иһэргэ төрүөт көрдүүр үгэс эмиэ дьиксиннэрэр бэлиэнэн буолар.
Өссө биир эрдэтээҥҥи сибикинэн арыгыттан өлөртөрүү кэмигэр доруобуйа туруга мөлтөөһүнэ буолар. Бу —организм арыгыга хардата. Өскөтүн, өлөртөрбүт киһи өссө эбии көрдүүр буоллаҕына, арыгыттан тутулуктаныыта улаатар.
Биир атын сибики – өйү-санааны баайыы, ол эбэтэр киһи дууһатын уонна арыгы икки ардыгар сибээс үөскээһинэ. Киһи арыгыта суох үөрэрэ-көтөрө, көнньүөрэрэ уустук буолан иһэр. Испиирдээх утаҕа суох бырааһынньык киниэхэ оннук бэһиэлэй курдук буолбат. Стреһи уонна ньиэрбэ күүрүүтүн кытаанах утаҕынан эрэ устуохха сөп диэн санааланар.
Кини түргэнник элбэҕи иһэн, оннук турукка киириэн баҕарар. Улаханнык итирбэккэ эрэ, тохтоон хаалыахха диэн санааны сүөргүлүүр. Устунан арыгыттан тохтуур кэмэ аҕыйаатар аҕыйыыр. Төһөнү иһэрин да билбэт буолан барар. Арыгы бэйэтигэр тардара күүһүрэн иһэр. Бүгүн иһэбин дуу, испэппин дуу диэн төбөтүгэр оҕустаран да ылбат. Ол оннугар ханнык арыгыны иһэрин туһунан толкуйдуур, арыгыга ылларбытын сэрэйэн да көрбөт.
— “Чэпчэки” диэн ааттыыр утахтарын иһэр киһини арыгыһыт диэххэ сөп дуо?
— Киһи ханнык утахтары иһэриттэн тутулуга суох, үөһээ этиллибит сибикилэр баар буоллахтарына, арыгыттан тутулуктаммыт диэн номнуо этиэххэ сөп.
Тутулуктаныы бэлиэлэрэ кини төһө иһэрин көрдөрөллөр. Холобур, киһи хас бээтинсэ аайы, ыйга биирдэ, бырааһынньыктарга иһэр. Бу испиирдээх утахтан тутулуктаныы номнуо баарын көрдөрөр. Ханнык эмэ төрүөтүнэн иһэр түгэн көстүбэтэҕинэ, кини туохтан эрэ куттанар, дьаахханар турукка сылдьар эбэтэр кыыһырымтаҕай буолар. Өскөтүн улаханнык итириэр диэри иһэн баран, сарсыарда ыарытыйыы – интоксикация бэлиэтэ.
Бу пууннартан хайата эмэ баар буоллаҕына, номнуо тутулуктаныы үөскээбит. Арай, ханнык түһүмэҕэй диэн боппуруос турар.
— Арыгыны иһиини хайдах тохтотуохха?
— Доруобай эрэ киһи кыайар. Тутулуктаммыт киһи бэйэтин эрэ күүһүнэн тохтотор кыаҕа суох. Төһөнөн элбэҕи иһэҕин да, быраҕар оччонон уустук. Ол иһин, кини төһөнөн эрдэ наркологка кэлэр да, арыгыттан, интоксикацияттан чэпчэкитик быыһанар.
— Исписэлиис быһыытынан, арыгыттан эмтэнии ханнык ньымаларын сүбэлиэҥ этэй?
— Нарколог быһыытынан, анал балыыһаҕа эмтэнэргэ сүбэлиибин. Эмтэнии ньымалара араастар, хас биирдии киһиэхэ тус-туһунаннар. Уопсайынан, терапия көрүҥнэрин сэргэ, психологтары, психотерапевтары кытары үлэ, чөлүгэр түһэрэр бырагыраама киирэллэр. Бу олус уһун кэмнээх дьайыы. Тоҕо диэтэххэ, арыгылааһын –ремиссиялаах уонна сытыырхайыылаах ааһан араҕан биэрбэт ыарыы.
— Кодирование төһө туһалааҕый уонна наадалааҕый?
— Кодирование — организмы “хос бырагыраамалыырга” анаммыт дьаһаллар уопсай ааттара.
Кодирование ситиһиилээхтик оҥоһулуннаҕына, арыгыһыт киһи испиирдээх утахтары дьаат курдук ылынан барар. Эмтэнии ньымаларын эмтиир быраастан билсиэххэ сөп. Оттон туһатын туһунан биири этиэхпин сөп – киһи төһөнөн өр эмтэнэр да, көдьүүһэ оччонон улахан. Ол эрээри, бу ньыма сөп түбэспэтэ эмиэ элбэх. Кодирование “аптаах палочка” буолбатаҕын өйдөөҥ: үтүө түмүктэр эмтэнээччи өй-санаа өттүнэн тэҥҥэ уонна өр кэмҥэ үлэлээбитин түмүгэр эрэ ситиһиллэллэр. Төһөнөн өр уонна ылынан эмтэнэр да, оччонон көдьүүстээх буолар.
Ханнык да ньыма доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр эмтэниини, атын ыарыыны эмтээһини, өйү-санааны уларытар үлэни кытары дьүөрэлэстэҕинэ эрэ, улаханнык уонна өр кэмҥэ туһалыыр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru