Артыыстар, устудьуоннар Былатыан Ойуунускай хоһооннорун аахтылар
«Мин тылым — мин тохтор тойугум, Мин тылым — мин туойар хомуһум, Кэриэһим — кэннибэр хааларым: Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…» диэн улуу Былатыан Ойуунускай «Бырастыы» хоһоонуттан тыллары саха тыллааҕа барыта билэрэ буолуо.
Сэтинньи 11 күнүгэр — Саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи, тыл үөрэҕэр бастакы дипломнаах учуонай, фольклору чинчийээччи, уһулуччулаах уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай — бэлиитичэскэй диэйэтэл Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сыла буолар!
Бу курдук бэлиэ түгэни саха омугун чулуу киһитин ытыктаан, сүгүрүйэн туран бэлиэтиирбит — биһиги ытык иэспит. Бу чэрчитинэн Саха сирин үрдүнэн олус элбэх тэрээһиннэр ыытылла, былааннана тураллар.
Ол курдук, сэтинньи 6 күнүгэр Олоҥхо Тыйаатыра уонна ХИФУ бииргэ оҥорон таһаарбыт бырайыактарын көрдөрдүлэр. Үүнэр көлүөнэ, Олоҥхо, Саха уонна Нуучча тыйаатырдарын эдэр артыыстара уонна Хотугулуу — Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара Былатыан Ойуунскай хоһооннорун аахтылар. Манна бастакытын Кытай устудьуоннара кыттыбыттарын көрөн, үгүс көрөөччү сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Тэрээһин режиссерунан, быйылгы «щепкинец», Александр Захаров буолар.
Бастакы миэстэни ХИФУ устудьуона Надежда Акимова уонна Нуучча тыйаатырын артыыһа Дарья Рокачева ыллылар. СӨ үтүөлээх артыыһа Айаал Аммосов бэлиэтээбитинэн, сорох устудьуоннар артыыстардааҕар быдан таһымнаахтык, итэҕэтиилээхтик аахтылар. «Устудьуоннар тыйаатырдара үөскээн эрэргэ дылы», — диэн эттэ.
Иккис миэстэҕэ ХИФУ култуура уонна фольклор хаапыдыратын ассистена Анастасия Пильникова уонна Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Айталыына Яковлева тигистилэр. Үһүс миэстэлээхтэр — устудьуон Хань Инин уонна Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Дайаана Тумусова.