АРТЫЫС ЫАЛ — ЛАВЕРНОВТАР

Ааптар: 
09.02.2017
Бөлөххө киир:

2007 сыллаахха оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбит Слава Лавернов Дьокуускайга абитуралыы кэлэр. Чугас дьонун сүбэтинэн, медицинскэй үөрэххэ туттарсар. Бастакы кууруһу бүтэрэн баран, “бу идэ миэнэ буолбатах эбит” дии саныыр. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтугар тиийэн, “тыйаатыр уонна киинэ артыыһын” бөлөҕүн хамыыһыйатыгар дьыалатын туттарар. Сүүмэрдиир түһүмэхтэри этэҥҥэ туораан артыыс идэтигэр уһуйулла киирэр…

Дмитрий ВАСИЛЬЕВ кэпсэттэ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Күһүн үөрэх саҕаланар. Эдэркээн устудьуоннар бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн бараллар. Слава үөрэх маҥнайгы күнүттэн оҕолорун ортотуттан биир чоҕулуччу көрбүт кыыһы чорботон, бэлиэтии көрөр. Хараҕынан хайгыыр, сүрэҕинэн сөбүлүүр…

Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыттара – Саха тыйаатырын артыыстара Айталина уонна Вячеслав Лаверновтар. Кинилэр иккиэн «Сайсары күөлгэ» уонна Кэрэл» киинэлэргэ сүрүн оруоллары толорбуттара.

– Дорооболоруҥ! Баһаалыста, бэйэҕитин билиһиннэриҥ эрэ.
Айта: — Мин Аммаҕа төрөөбүтүм. Оҕо сааһым Томпоҕо ааспыта. Төрөппүттэрим иккиэн учууталлар, ол иһин туйах хатаран, учуутал буолуохтаах этим. Математикаҕа үчүгэй буоламмын, экэнэмиис эбэтэр математика учуутала буолуохтааххын диэн дьонум эрдэттэн үөрэтэллэрэ-такайаллара.
Слава: — Оттон мин Өлүөхүмэттэн төрүттээхпин. Оҕо эрдэхпиттэн артыыс буолуохпун баҕарар этим. Ансаамбылга дьарыктаммытым, оскуола биэчэрдэригэр ыллааччыбын. Оскуола кэнниттэн аан бастаан медицинскэйгэ туттарсан киирбитим, биир сыл үөрэнэн баран АГИКИ-га туттарсан көрөргө санаммытым. Кыайан киирбэтэхпинэ, аармыйаҕа барыам дии санаабытым.
— Славалаах Айта, хайдах билсибиккитий? Бастакы көрүүттэн таптал баар диэҥҥэ итэҕэйэҕит дуо?
Айта: — Мин абитуралыыр кэммэр дьүөгэбинээн ааһан иһэн АГИКИ дьиэтигэр киирэ сылдьыбыппыт. Онно бу дьиэни наһаа сөбүлээбитим, хайдах эрэ ураты баҕайы тыыннаах этэ, киирээти кытта — биллэр худуоһунньуктар хартыыналара. Айар куттаах дьон эйгэлэрэ улаханнык сөхтөрбүтэ, угуйбута. Дьоммуттан көҥүллэтэн-көҥүллэтэн докумуоннарбын тутар хамыыһыйаҕа хааллардым. Уонна сарсыҥҥы күнүттэн консультацияҕа сылдьыыны саҕалаабытым, устунан устудьуон буолбутум. Бастакы көрүүттэн таптааһын диэни мин өйдөөбөппүн. Ама хайаан, киһини көрөөт да, таптаатым диэххиний? Таптыыр диэн олох атын буоллаҕа дии. Киһини кытта өр билсэн, алтыһан баран, таптыахха сөп буолуо дии саныыбын.
Слава: — Өйбүн сүтэриэхпэр диэри таптыыр эбиппин диэн, Айтаҕа: “Миэхэ күндү кэргэн буолаҕын”, — диэн быһа-бааччы этэн кэбиспитим. Мин аҕам ийэбэр эмиэ: “Кэргэн буолаҕын”, – диэн этэн кэбиспит. Романтик буолбатахпын быһыылаах, ол эрээри бэйэҕэр эрэллээх буоллаххына, ханнык баҕарар кыыс сүрэҕин уулларыахха сөп дии саныыбын (күлэр).
Оттон ити көрөөт да таптаатым диир олуона бөҕө буоллаҕа дии. Мин, холобур, сөбүлүү көрбүтүм, билсибитим, сөбүлүүрүм күүһүрэн испитэ, онтон, дьэ, таптыыр эбиппин диэн өйдөөбүтүм.
— Лаверновтар дьиэ кэргэн хаһан баар буолбутай?
Айта: — Алын куурустарга көннөрү бииргэ үөрэнэр эрэ эбит буоллахпытына, 3-с куурустан саҕалаан доҕордуу сыһыаммыт истиҥ иэйиигэ кубулуйан барбыта. 2011 сыллаахха балаҕан ыйыгар ыал буолбуппут, онтон 2012 сылга уол оҕоломмуппут. Оҕобут Коля диэн ааттаах.  Биһиги бэйэ-бэйэбитин булсан дьоллоохтук олорорбутугар дьылҕабытыгар махтанабыт уонна кырдьыахпытыгар диэри бу курдук этэҥҥэ сүүс-сүүспүтүттэн өйөнсөн, өйдөһөн олоруохпут диэн эрэнэбит.
— Тапталлаахтар күннэрин хайдах бэлиэтиигитий?
Слава: — Ханнык баҕарар бырааһынньык артыыс киһиэхэ үлэ күнэ буолар. Биллэн турар, бэйэ-бэйэбитигэр соһуччу “валентинка” бэлэхтэһээччибит. Артыыс дьон буоларбыт быһыытынан, гостуруолларга сылдьабыт, ол иһин сороҕор атын-атын сиргэ баар буолааччыбыт. Ол курдук, атын да бырааһынньыктары үлэ үөһүгэр көрсөбүт.
— Билигин Лаверновтары өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо Саха тыйаатырын артыыстарын быһыытынан, ону таһынан, киинэлэргэ оонньообут оруолларгытынан билэллэр. Киинэ уонна тыйаатыр туох уратылаахтарый?
Айта: — Сыанаҕа оонньуур ордук ыарахан дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ, көрөөччү бу утары олорор, сыыһа-халты тахсыа суохтаах. Оттон киинэҕэ хас эмэ дубль оҥоруохха сөп. Ол эрээри тыйаатыр сыаната ордук умсугутуулаах, таттарыылаах.
Слава: — Ити Айта эппитин курдук, сыанаҕа оонньуургар эн саҥаҕын түгэх эрээккэ олорор көрөөччү кытта истиэхтээх, хамсаныыгын көрүөхтээх уонна испэктээги өйдүөхтээх. Оттон киинэҕэ оонньуур эмиэ бэйэтэ кэккэ уустуктардаах. Ыллыҥ да оонньоон кэбиспэккин. Биллэн турар, уобараска киириэххин, кини хараахтарын толору арыйыаххын наада. Онон, чэ саамай сүрүн уратылара – эн уобараскын  көрөөччү сыаналыыр (уобараскар кэлин тугу эмит эбэн-көҕүрэтэн биэриэххин сөп), оттон киинэ лиэнтэтигэр биирдэ уһуллан хааллыҥ да, дьон онон сыаналыыр (көннөрөр кыаҕыҥ суох буолар).
— Кэргэннии дьон биир сиргэ үлэлииллэрэ хайдаҕый?
Слава: — Биһиги түгэммитигэр олус табыгастаах. Биир сиргэ бииргэ үлэлиир элбэх паара баар. Холобур, биһиги тыйаатырбытын ыллахха – Андрей Саввич уонна Степанида Борисовтар, Ефим Николаевич кэргэнэ Натальялыын, Матрена Корнилова уонна Петр Баснаев. Уонна өссө Дмитрий уонна Ньургуйаана Шадриннар бааллара, билигин Дмитрий “Сахафильм” дириэктэринэн үлэлии сылдьар. Уопсайынан, биир сиргэ үлэлиир уонна аргыстаһан бииргэ дьиэлиир туох да куһаҕана суох.
— Сүрүн оруолларгыт туһунан кэпсээҥ эрэ.
Айта: — Бастакы сылбар “Учуутал” испэктээккэ Пальмираны оонньообутум, онтон “Альберти циркэтигэр” Анна, Король Лир кыра кыыһын Кэрэдиэлийэ, “Лоокуут уонна Ньургуһуҥҥа” Ньургуһун, “Ревизорга” Мария Антоновна, “Сатабыллаах саһыл саҕалаах” испэктээккэ Машенька оруолларын толорбутум. Ону таһынан, «Дьикти сааска» Айтаны, «Эрчим уонна Ким», «Кэрэл» киинэлэргэ уһуллубутум.
Слава: — Мин “Лоокуут уонна Ньургуһун”, “Кустук” испэктээктэргэ сүрүн оруоллары оонньообутум. Оттон киинэҕэ – Никита Аржаков “Дьикти саас”, “Айыы Уола”, «Сайсары күөлгэ» киинэлэригэр уһуллубутум.
— Тапталлаахтар күннэринэн таптаһар, тапталларын көрдүүр сүрэхтэргэ тугу баҕарыа этигитий?
Иккиэн: — Таптыыр сүрэхтэр толору дьоллоох буоллуннар, тапталларын көрдүүр сүрэхтэргэ ситиһиини уонна табыллыыны баҕарабыт. Дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүнэ — бэйэ-бэйэни өйдөһүү уонна өйөһүү буолар эбээт. Ол суох буоллаҕына, төһө да уохтаах таптал уостар. Тапталгыт хаһан да уостубатын.
— Айта, Слава, кэпсээҥҥит иһин махтал, Тапталлаахтар күннэринэн эҕэрдэлиибин уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, улахан тапталы, айар үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

Дмитрий ВАСИЛЬЕВ кэпсэттэ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Хаартыскалар:Лаверновтар тус архыыптарыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0