Артыыс Вячеслав Лавернов: “Кустуурбун, уһанарбын сөбүлүүбүн”
2019 сыл Арассыыйаҕа Тыйаатыр сылынан биллэрилиннэ. Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта — Саха тыйаатырын артыыһа Вячеслав Лавернов. Эдэр артыыс үлэтин-хамнаһын дьон балачча билэр, киэҥник сырдатыллар. Бу сырыыга ааҕааччыларга кини олоҕун, дьарыгын тула кэпсиэхпит.
edersaas.ru
Оҕо саас
— Вячеслав, оҕо сааһыҥ саамай өйдөнөн хаалбыт түгэнэ тугуй?
— Оннук түгэн элбэх буоллаҕа. Биэс сааспыттан акка олорбутум, аҕабын кытта окко сылдьыһан саҕалаабытым. Алтабар бэйэбэр анаммыт аттаах этим. Билигин уолум алтата. Саныыбын ээ, кини баччатыгар номнуо бэйэм атынан сылдьар эбиппин диэн. Билигин уолум акка чугаһыан да куттанар курдукпун.
Арыы оҕолоро буоларбыт быһыытынан, сайынын өрүстэн арахпат этибит. Сөтүөлээһини бастакынан аһа, бүтэһигинэн саба сатыыр этибит. Кыыллаах Арыы (Өлүөхүмэ) биэрэгэ киһи эрэ ымсыырар, биир даҕаны тааһа, ото-маһа суох кырылас кумах кытыллаах.
Биирдэ алта саастаахпар, арааһа, ыам ыйыгар быһыылаах, алҕас сааскы чалбахха түспүтүм. Таҥаһым хап-халыҥ этэ. Син биир мөҕүллэбин, онон кыратык буккулла түһүөххэ диэн илийэн уу киирэрин кэтэһэн өр да сыппытым.
Мүччүргэннээх түгэннэр
— Бука, мүччүргэннээх түгэннэрдээҕиҥ буолуо.
— Арыый улаатан баран, бэһис-алтыс кылаастарга үөрэнэ сылдьан, бастаан сааланарым саҕана аҕабыныын күөлгэ андаатардыы бардыбыт. Эмиэ саас. Ырбыыны эргийэ-эргийэ хааман киирдибит. Мин күөл кутуругар турабын, аҕам, манна манаа диэн баран, күөл баһын диэки хаама турда. Андаатар суох. Кэннибин хайыспытым, аҕам кэл, бардыбыт диэн далбаатаан ыҥыра турар эбит. Саабын сүктүм, ааспыт сыллааҕы тоҥмут мончууктары тэбиэлээн хоҥуннаран, илиибэр тутан баран, ханан киирбиппитин көрүтэлии сатыы турдум. Уһун саппыкылаахпын, сабар-саппат ууну кэһэн иһэбин, ол иһэн халтарыйан, муус анныгар биирдэ баар буола түстүм. Хата, сүгэ сылдьар саабыттан иҥнэн хааллым. Мончууктарым муус анныгар бара турдулар. Бэйэм саабыттан тардыһан таҕыстым. Аҕам көрбөтөх, матасыыкылга тиийэн кэтэһэн олорор, кыратык мөҕүлүннүм. Өссө да күөллэри кэрийиэх дьон хайыахпытый, дьиэлиирбитигэр эрэ тиийдэхпит.
“Кустааһын улахан оруоллаах”
— Ааҕааччылар эн медицинскэйгэ үөрэнэ сылдьыбыккын, онтон хайдах артыыс идэтин талбыккын билэллэр. Үлэҥ таһынан дьарыккын билбэттэрэ чахчы. Ити туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.
— Алта саастаахпар аҕабын кытта кустуу барсыбытым. Биһиэхэ анды суоҕун кэриэтэ. Ол күн аҕам хас даҕаны сыл буолан баран дуу, аан маҥнайгытын дуу, икки андыны ыппыта. Ол кэнниттэн биирдэ даҕаны түбэспэтэх эбит. Уонна аҕыйах сыллааҕыта, устудьуоннаан бүтэн куоракка дьиэбитин тутта сырыттахпытына, дьиэбит аттынааҕы күөлтэн андыны ыппыта. Ити бэйэтэ эмиэ бэлиэ түгэн диэххэ сөп эбитэ дуу.
2001 сыллаахха ууга барбыт нэһилиэктэр оҕолоругар Владивостокка лааҕырга сынньанар путевка биэрбиттэрэ. Лааҕыртан кэлбитим аҕам “Восход” матасыыкыл уонна саа атыыласпыт. Дьэ онтон ыла умсугуйан кустуур буолбутум. Биир даҕаны кус сезонун көтүтэ иликпин. Кустааһын мин олохпор улахан оруолу ылар.
Маҥнайгы кус
— Маҥнай ыппыт куһум эмиэ остуоруйалаах. Анал сааламмыт киһи быһыытынан биир үтүө күн кустуу бардыбыт. Ол иннинэ аҕабын кытта дэлби сыал ыттыбыт. Онтон манаан олордохпутуна, арай, дурдабыт хаҥас өттүгэр биһигиттэн уонча миэтэрэ тэйиччи биир чыркымай кэлэн олордо. Аҕам ыт диэн баран туораан биэрдэ. Балачча өр кыҥаан баран биирдэ эрэ ытан кэбистим. Хамсаабата даҕаны, сытынан кэбистэ. Долгуйан салыбырыыбын да, салыбырыыбын. Өлүөхүмэҕэ дурдабыт уу ортотугар, хомус быыһыгар турар. Салыбырыырбыттан ууга долгун барар. Аҕам ону көрө сатаан баран: “Бүт эрэ, бүт эрэ”, — дэтэлиир. Бастакы кустааһыным ол курдук этэ.
Үүт тутар пууҥҥа – булт тиэмэтэ
— Саамай элбэҕэ хас куһу ыппыккыный?
— Күҥҥэ сүүрбэччэ эҥин эбитэ дуу. Дьон бары кустуур буолан, олох күрэх курдук. Сарсыарда эрдэ туран кустуу барабыт, кэлэн ынах ыы охсоот үүт туттара ыстанабыт. Үүт тутар пууҥҥа тиийэр баҕа баһаам. Онно ыһыахтан уратыта суох элбэх киһи. Бары эр дьон, бары кэпсэтиилэрин тиэмэтэ кус. Үүт туттара барбыт дьон чааһы чааһынан кус тула кэпсэтэрбит.
Манна дьиэм таһыгар кустуубун. Кус кэлбэт. Мэлийэн, төннөн иһэн дьиэбэр тиийэн утуйан хаалыахпын баҕарабын да, оҕобун уһуйааҥҥа илдьиэхпин, үлэлиэхпин наада: “Ээ чэ, сарсын киирбэппин», — диибин да, киэһээ саабын бэлэмнээбитим эрэ баар буолар, будильнига да суох уһуктан кэлэбин. Кустааһын ол курдук — “ыарыы”.
Уус удьуорун утумнаан
— Аны иллэҥ кэмҥэр уһанар эбиккин дии. Ити хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?
— Аҕам Николай Виссарионович — уус, олоҕун тухары сүгэ, өтүйэ кыбыныылаах, тутуурдаах. Оттон ийэм Раиса Еремеевна иистэнэр, санаабытын барытын тиктэр. Аҕам уһанарын кырабыттан көрөн улааттаҕым. Кэмэ кэллэҕинэ ылсыам диэн улаханнык сыстыбат этим. Биирдэ, сэттис кылааска үөрэнэ сырыттахпына, талааны көрүү куонкуруһа буолла. Мин ансаамбылбытыгар анаан дэйбиир оҥорбутум. Төһө да миэстэлэспэтэҕим иһин, дэйбиирдэрим туһалаабыттара. Арба, ол иннинэ бастаан сап кэтэрдэр бөтүүгү оҥорбутум. Бөтүүк кутуругун оннугар тоһоҕолордооҕо, онно сап кэтэрдиллэрэ. Ол бастакы оҥоһугум билигин даҕаны баар буолуохтаах.
Билигин саҥа тэрили, үстүрүмүөнү олус сэҥээрэбин. Ол тэрил кыаҕын, характеристикатын интэриэһиргиибин. Төһө кыалларынан мунньа сатыыбын. Сороҕор, иэйиим киирдэҕинэ гарааспар тахсан хастыы даҕаны чаас уһаныахпын сөп, күүстэринэн ыҥыран киллэрэн, баһаалыста, чэйдээ диэхтэригэр диэри умсугуйабын. Аны интэриэһим уларыйа турар, атыҥҥа көһөн иһэбин.
Иллэрээ сыл чочуйар станогунан дьарыгыра сылдьыбытым. Кыһыны быһа остуол, олоппос атахтарынан, балясинанан дьарыгырбытым. Ол станокпун эргэ таҥас сууйар массыынанан оҥостубутум. Былырыын анал чочуйар станок атыыласпытым. Киэргэтиитигэр ыйан-кэрдэн биэрээччим – кэргэним, хотунум Айта.
Ити кэнниттэн аны удьурҕайы уонна быһах оҥорууну интэриэһиргээбитим. Былырыын кыһын онон дьарыктанным. Дьиҥэр, үлэ кэнниттэн киэһэ аайы уһанарбар эт-сиин өттүнэн сылайабын эрээри, маһы кыһан, тимири уһааран сынньанабын.
Тимири кытта эллэһии
— Хаһааҥҥыттан быһаҕы оҥорор буолбуккунуй?
— Иллэрээ сылтан. Удьурҕайы атыылаһабын, оттон тимирин көрдөөн булабын. Биир бириэмэҕэ массыына буруһуунатыттан “охсо” сылдьыбытым. Кыынын имитиллибит бэлэм тириини атыылаһан, илитэн, быһыылаан-таһаалаан хатарабын. Бастакы быһаҕым эмиэ остуоруйалаах. Саха быһаҕа уҥа, хаҥас илиинэн туттар дьоҥҥо анаан арахсар. Арай, номнуо килэритэ сылдьан өйдөөн көрбүтүм, хаҥастай буолан хаалбыт эбит. Угун эҥин оҥоро иликпин. Уҥа илиитинэн туттар киһи, хаҥастай быһаҕы оҥороро судургу. Илиим хайдах сыппытынан оҥорон кэбиспиппин быһыылаах. Ону хаҥас илиитинэн туттар доҕорум ылбыта. Ол курдук, быһахтарым бары бэлэх быһыытынан баран иһэллэр, бэйэбэр икки эрэ баар.
Уһанар киһиэхэ саамай үчүгэйэ – үлэ түмүгэ көстүүтэ. Саҥа чочуйуу ааспыттааҕар өссө тупсубут буоллаҕына, ол икки бүк үөрдэр, салгыы үлэлииргэ кынаттыыр.
“Иэйиим киирдэҕинэ аһыырбын да умнабын”
— Иэйииҥ хаһан, хайдах киирэрий?
— Оо, итини үчүгэй да, куһаҕан даҕаны диир кыаҕым суох. Холобур, кэргэним иэйиитэ киирдэҕинэ утуйбакка түүннэри олорон иистэнэр. Уолбунуун иистэнэр массыына тыаһыгар бигэтэн утуйабыт. Маҥнай утаа, чэ сынньан, сарсын да күн үүнүө диир этим. Ол гынан баран, иэйиитэ киирбит киһини тохтотор кыаллыбатын билэр, өйдүүр буолан, кэлин кыһаммаппыт. Бэйэм иэйиим киирдэҕинэ, аһыырбын умнан да туран уһанабын.
Уол оҕону иитии
— Уолгун куска, балыкка илдьэ сылдьар эбиккин дии.
— Аҕам андыны мин алталаахпар ыппытын өйдүүр буолан, былырыыҥҥыттан оҕобун куска илдьэ сылдьан эрэбин. Кус кэлбэтэр да, санаабытын түһэрбэппит. Аҕам холобурун батыһан тиэтэппэппин. Кэмэ кэллэҕинэ, бэйэтэ умсугуйар дьарыгын буллаҕына, ылсыаҕа диэн эрэнэбин. Билиҥҥитэ балыкка интэриэстээх.
Аҕам тылынан буолбакка, бэйэтин холобурунан үөрэтэр. Ол түгэннэрин кэлин эрэ өйдүүбүн. Биирдэ кустуу сылдьабыт. Аҕам ыппыт куһа от быыһыгар түһэн баран тахсыбат. Кэтэһэ сатаатыбыт да кэлбэт, ынахпыт ыама чугаһаата, дьиэлиирбит бу тиийэн кэллэ. Баран көрдөөтүбүт да, булбатыбыт. Аҕабыттан уонча миэтэрэ тэйиччи турабын. “Ытан көр, баҕар, көтөн тахсыа”, — диэтим. Аҕам ытаатын кытта, букатын сирэйин анныттан көтөн таҕыста. Мин ону көрөөт толкуйдуу да барбакка биирдэ эрэ ытан түһэрдим. Ол иннинэ куһу күөрэтэн ыппатах буолан, дьэ хайдах эрэ хайҕанабын дии турдахпына, аҕам куһаҕан хараҕынан көрбүтүнэн бу тиийэн кэллэ да, кэтэх тыаһа биирдэ “тас” гына тыаһаата. Ол курдук, саҥата суох дьиэлээтибит. Сааланыыга сэрэхтээх буолуу оскуолатын оннук ааспытым.
—Вячеслав, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru