Артыыс Михаил Скрябин тыыннааҕар биэрбит интервьюта

Ааптар: 
11.01.2017
Бөлөххө киир:

Ааптартан: 2016 сыл ахсынньы 28 күнүгэр саха артыыһа, Саха сирин кинематографистарын сойууһун чилиэнэ Михаил Скрябин төрөөбүтэ 70 сыла буолла. Аныгы көлүөнэ көрөөччүгэ кини ордук биллиилээх киинэ режиссера Алексей Балабанов киинэлэригэр — “Река” (2002 с., ситэриллибэтэх), “Американец” (2003 с., ситэриллибэтэх), “Груз-200” (2007 с.), “Кочегар” (2010 с.) – оруолларынан биллэр. “Кочегар” киинэҕэ (“СТВ” кино-хампаанньа) сүрүн оруолу толорбутун иһин “Эр киһи бастыҥ сүрүн оруола” номинацияҕа “Белый слон” национальнай бириэмийэҕэ түһэриллибитэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru

Михаил Архипович 2011 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр Күн сириттэн туораабыта. Бүгүн ааҕааччыга Михаил Архиповиһы кытта 2000 сыллаахха көрсөн ылбыт интервьюбун билиһиннэрэбин.

Скрябин Михаил Архипович, драма артыыһа.

1946 сыл ахсынньытыгар Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Покровскай орто оскуолатын 1966 сыллааҕы выпускнига.

1974 сыллаахха Щепкин аатынан театральнай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ.

Театрга отучча сыл үлэлээн, онтон уон аҕыһын Ньурбатааҕы театрга, алта уонча спектаклга араас оруоллары айда.

Көрөөччүлэргэ “Уон үһүс председатель” /Закиров/, Далан “Тулаайах оҕо” сэһэнинэн туруоруллубут ”Хааннаах Илкээн” /Арчыкаан, Бакымда/, Суорун Омоллоон “Күн күөрэйиэн иннинэ” /Чака/, Н.Неустроев “Куһаҕан тыын” /Бырдаахап/, Алампа “Олох оонньуура” /Баһымньы Дьаакып/, о.д.а. спектаклларга айбыт уобарастарынан биһирэппитэ. 

П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай театрын артыыһа Михаил Скрябиҥҥа быйылгы сыл таһаарыылаах, өйгө-санааҕа иҥэрдии кэрэ-бэлиэ түгэннэрдээх буолла. Ол курдук, быһайын дойдулар икки ардыларынааҕы ХХIV Москватааҕы киинэ фестивалыгар, мин билэрбинэн киинэ артыыһын быһыытынан сахалартан бастакынан, ыҥырыллан сырытта. Бу иннинэ Москваҕа, Санкт-Петербурга ыытыллыбыт өссө түөрт киинэ фестивалыгар кыттыыны ылбыта.

Төһө да нууччата баһыйдар /Москваҕа ыытыллар буоллаҕа/, аан дойду кинематографистарын биир улахан форумугар ыҥырыллыы — бу артыыс киһиэхэ искусствоведтар, кириитиктэр болҕомтолорун тарпыт хартыынаҕа уһуллуутун, кыттыытын кэрэһилиирин таһынан, хайа эрэ өртүнэн, кини талаанын, дьоҕурун билинии буолар дии саныыбын. Театрга үлэлиир киһи хонноҕор боччум ситиһии. Сахалыы да санаан көрдөххө, сыралаах, сындалҕаннаах үлэнэн кэлэн эрдэҕэ.

Соторутааҕыта Михаил Архипович дойдутугар, Дьөппөҥҥө, сынньана тахсыбытын истэн, быраатынан илдьиттэһэн, көрсөн киинэҕэ уһуллуутун туһунан сэһэргэспиппит.

— Дьэ, Михаил Архипович, кэпсээ эрэ, хайдах эн, драма артыыһа, киинэҕэ тиийэн хааллыҥ? Буолаары буолан Россия бүгүҥҥү күҥҥэ биир биллэр киинэ режиссера Алексей Балабанов /көрөөччүлэр кинини “Брат”, “Брат-2”, “Война” киинэлэринэн билэр буолуохтаахтар/ туруорбут хартыынатыгар биир сүрүн оруолу оонньоотуҥ?

— В.Серошевскай “Предел скорби” кэпсээнинэн киинэ оҥоруохха баар этэ, диэн “Сахафильм” директора С.Сивцев этиитин Санкт-Петербурдааҕы “СТВ” кинокомпания интэриэһиргээн, сценарий оҥорон, Балабановка көрдөрбүттэр этэ. Ону устарга сөбүлэнэн, Алексей Балабанов бэйэтэ Дьокуускайга кэлэн саҥа хартыынатыгар артыыстары сүүмэрдээбитэ.

Киинэ барыллаан “На краю земли” диэн ааттааҕа. Сахалыы саҥалааҕа, кэлин английскайдыы, нууччалыы /киинэ ханна көрдөрүллэринэн/ тылбаастаныахтааҕа. Ис хоһоонун туһунан биир-икки тылынан этэр буоллахха, олоххо тардыһыы күүһүн уруйдуур хартыына. Серошевскай бокоорор ыарыыга ылларбыт сахалар трагедияларын туһунан кэпсиир биир күүстээх айымньыта. Туора киһи хараҕынан да буоллар, туох өйдөөх-санаалаах, кэмэлдьилээх омук эбиппитин толору арыйан көрдөрбүт дии саныыбын.

— Балабанов режиссер болҕомтотун тугунан тартым дии саныыгыный? Туох ирдэбиллээх этэй?

— Оннук айылаах тугум баар буолуой. Көннөрү сэһэргэспитэ эрэ. Уонна, хайа, ырыганым оҕото сыттаҕа дии! /Күлэр./ Бокоорор буолбут киһи оруолугар сөп түбэстэҕим ээ.

Саха театрыттан Майя Спиридонованы, Туйаара Свинобоеваны, Михаил Семеновы уонна миигин ыҥырбыта. Киинэҕэ өссө Спартак Федотов, Щепкин аатынан театральнай училище үөрэнээччилэрэ Анна Флегонтова, Василий Борисов уонна куорат оҕото Маша Кычкина уһуллубуттара.

Площадкабыт Мурманскай уобаласка Кандалакши куораттан түөрт көстөөх сиргэ баара. Онно тыа үрэҕин үрдүгэр саха балаҕанын туруорбуттар этэ. Үс ый курдук кэмҥэ үлэлээбиппит.

— Хомойуох иһин, бу хартыына ситэ уһуллубакка тохтотуллубут этэ дии?

— Истибиккит буолуо, киинэҕэ биир сүрүн оруолга уһулла сылдьыбыт Саха театрын артыыската Свинобоева Туйаарабыт массыына саахалыгар түбэһэн суорума суолламмытын. Ол кэнниттэн тута Балабанов хартыынаны салгыы устартан кыккыраччы батыммыта. Төһө эмэ Туйаараны атын артыыһынан солбуйан, саҥаттан устарга этэ сатаабыттарын үрдүнэн. Бу иннинэ эмиэ манна Алексей Октябринович бэйэтэ массыынаҕа оһоллонон хомурҕанын тоһуппута.

— Дьикти эбит. Баҕар, сирдэрэ-уоттара сөбүлээбэтэҕэ буолуо?

— Буолуо ээ. Кандалакши былыр-былыргыттан хаайыы дойдута этэ буоллаҕа. Синньэ Бүөтүр ыраахтааҕы саҕаттан. Биһиги Халымабыт курдук, хас хардыыҥ киһи уҥуоҕа дойду эбит этэ…

— Оччотугар киинэҕит хайдах фестивальга тиийэн хаалла?

— Уһуллубут матырыйаалларынан кэлин Балабанов бэйэтэ түөрт уонча мүнүүтэлээх киинэ таҥан оҥорбут этэ. “Река” диэн ааттаан. Ол Москватааҕы фестивальга “Отечественное кино” программаҕа куонкурсу таһынан кыттыбыта. Көрөөччүлэр олус чугастык ылыммыттара. Фестивальга билэр дьоно Балабановка “Война” киинэҕинээҕэр быдан ордук!” дэһэллэрин истибитим. Кириитиктэр да үрдүктүк сыаналаабыттара.

Бу хартыынатынан Алексей Октябринович Каннааҕы фестивальга кыттар санаалааҕа. Сыаналаах омук пленкатыгар уһулбута. Кэлин экспорга барыа диэн. Ону инньэ диэн аһаҕастык этэрэ, оннук сыал-сорук туруорара.

Онон камера хараҕар киирэр барыта дьиҥнээх, чахчы буоларын ирдииллэрэ. Хаар буолла да дьиҥнээх хаар, ардах буолла да дьиҥнээх ардах. Биир үксүн бириэмэбит күнү-дьылы кэтээһиҥҥэ бараммыта. Аны киһи тыына бурҕаҥныырын уһулаары тымныыга үлэлиирбит. Аһаах киһи сыыстаран хаалыам диэн хаттыктанаары гынарбын көҥүллээбэттэрэ — туох барыта олоххо баарынан буолохтааҕын ирдииллэрэ.

— Алексей Октябринович Балабанов чугастык билистэххэ хайдах киһи эбитий?

— Оо, олус боростуой киһи. Хаһан да бэйэтин үрдүктүк туттубат, эйиигин аннынан санаабат.

Киһи быһыытынан туох да үчүгэй киһи. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх. Биһикки сүрдээҕин тапсан үлэлээбиппит. Кинилиин билсибиппин дьылҕам бэлэҕинэн ааҕабын. Уонна үлэтигэр туох да ирдэбиллээх режиссер. Хамаандата олох чаһы курдук үлэлиир. Бары да идэлэрин толору баһылаабыт дьон буоллахтара. Кылаабынай оператора Сергей Астахов дойдуга биир бастыҥынан биллэр. Былдьаһыкка сылдьар киһи.

Сарсыарда лоп курдук уоҥҥа камера үлэлээбитинэн барара. Арай арыт гримердартан тардылларбыт. Ол кинилэр үлэлэрэ элбэҕиттэн тахсара. Бокоорор буолбуту хас үүтүн-бааһын оҥоруохха, ойуулуохха диэтэххэ бириинчик, уустук үлэ ээ. Арыт салайааччылара Тамара Фрид кэлэн “Миша, бүгүн, баһаалыста, суунума,” диэн көрдөһөрө. Тымныыга күнү күннээн гримнээх сылдьар ыарахан этэ.

— Урукку киинэлэргэ саха олоҕун ойуулааһыҥҥа киһи тутуһуоҕа, сөбүлэппэтэ элбэх буолара. Оттон Алексей Октябринович эн санааҕар былыргыбытын төһө кырдьыктаахтык арыйан көрдөрдө?

— Киинэҕэ “Сахафильмтан” Алексей Романов үһүс режиссерунан, бутафорунан Петр Бояркин, художнигынан биһиги театрбытыттан Дария Дмитриева үлэлээбиттэрэ. Онон дьиэ-уот, туттар тэрил олоххо баарга чугаһытыллан оҥоһуллубуттара. Бэйэлэрин ирдэбиллэрэ да оннук этэ.

Биир эпизодка оонньуур киһим сүөһү сааҕынан балаҕанын сыбыахтаах. Балабанов “Илиигинэн сыбаа,” —  диир. Мин буолумматым. “Былыр да күрдьэҕинэн сыбыыллара,” — диибин. Киһим сиргэнэр дии санаата быһыылаах, кыйаханыах курдук. “Ол аата хайдах, көрдөр,”- диэтэ. Көрдөрдүм. Сирэйэ дьэ сырдаата. Сөбүлэстэ: “Чэ сөп, күрдьэхтэн”. Оннук Балабановка сүбэһиттээн турардаахпын. /Күлэр./

Киинэҕэ Серошевскай кэпсээниттэн улахан туорааһын суох этэ. Арай суоһар түмүгүн уларытан биэрбиттэрэ. Кэпсээҥҥэ умайбыт дьон өлүктэрин уонна соҕотох тыыннаах хаалбыт оҕону торҕоннообут эһэ кэлэн сиэтэлиир. Ону Балабанов киинэтигэр оҕону тыыннаах хаалларан олох салҕанарын көрдөрөр баҕалааҕа.

— Ис хоһооно философскай хабааннаах, билиҥи кэмҥэ сэдэх, көрөөччү кэтэһэр киинэтэ уһуллуохтааҕа хааллаҕа. Эн санааҕар, Алексей Октябринович  бу бырайыагын тиһэҕэр тиэрдиэ дуо?

— Ким билиэ баарай. Аҥарын курдуга уһуллубут киинэни ситэрэртэн аккаастаммыта ээ. Үп бөҕө ороскуоттаммытын аахсыбакка. Ол эрэн ити “Река” диэни таҥан оҥорбут дии. Баҕар, салгыаҕа. Кыттыгастаах киһи буоларым быһыытынан, саҕалаабыппыт атын да артыыстарынан тиһэҕэр тиэрдиллиэн баҕарабын.

Манна даҕатан эттэххэ, декорацияларбытын кэлин “СТВ” кинокомпания “Кукушка” диэн хартыынатыгар туһаммыт этэ; күрүөбүт, далбыт, бэл ааммыт тутааҕын уларыппатах этилэрэ. Ол эмиэ да сөп ээ; тутуллубут, оҥоһуллубут тоҕо туһата суох туран хаалыай…

— Киинэҕэ бу бастакы сүрэхтэнииҥ буоллаҕа?

— Бу иннинэ араас рекламаларга, “Ыаллыылар” диэн телесериалга уһуллубутум. Өссө Санкт-Петербурдааҕы киинэ уонна телевидение институтун бүтэрбит Нөмүгү ыччата Эдуард Новиков С.Ермолаев драматынан “Бог” диэн дипломнай үлэтигэр оонньообутум. Ол үлэ студеннар фестивалларыгар “Кодак” фирма бирииһинэн бэлиэтэммитэ. Онтон Санкт-Петербурдааҕы фестиваль Гран-при хаһаайынынан буолбута, Москваҕа ыытыллыбыт ыччаттар дойдулар икки ардыларынааҕы фестивалларыгар “Святая Анна” бирииһи ылбыта.

— Площадкаҕа оонньуур сценаҕа оонньууртан уратылааҕа буолуо?

— Атыннаах бөҕө буоллаҕа. Дэлэҕэ драма артыыһа, киинэ актера диэн арахсыахтара дуо. Киинэҕэ биир эпизоду хаста да усталлар. Бастаан иннигиттэн, онтон ойоҕоскуттан, кэннигиттэн, онтон бииргэ оонньуур дьоҥҥун кытары. Онно барытыгар хамсыныыҥ, саҥаҥ сөп түбэһэн иһиэхтээх. Арыт биир көстүүнү устуу хас да күн уһуон сөп. Туораттан көрдөххө судургутун иһин, ымпыгар-чымпыгар киирдэххэ артыыстан үгүс сатабылы эрэйэр уустук үлэ.

Киинэҕэ уобараһы айыыга режиссер, артыыс, оператор бииргэ, ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Уонна көрөөччүгэ уобарас ис санаатын, настарайыанньатын тиэрдиигэ киинэ кыаҕа, ньымата холооно суох улахан.

— Кэнники сылларга саха олоҕун көрдөрөр, саха артыыстара кыттыылаах киинэлэр баар буолбуттарыттан, уонна, кылаабынайа, хаачыстыбалара, таһымнара биллэ үрдээн иһэриттэн киһи үөрэр. Итиниэхэ “Сахафильм” оруола улахан. Ити сайдыыбыт биир көстүүтүнэн буолар.

— Оннук. Уопсайынан, Москватааҕы киинэ фестивала даҕаны кэрэһилээбитинии, Россия кинематографията өрүттэр суолга киириэх курдук. Оннуун даҕаһан биһиги кинокомпаниябыт кытары атаҕар бигэтик туруо буоллаҕа. Саха артыыстара киин студияларга үлэлээһиннэрэ эмиэ саха киинэтин сайдыытыгар төһүү буолуон сөп курдук көрөбүн: опытыран иһэр буоллахпыт. Эмиэ Москватааҕы фестивалга “Сердце медведицы” /Эстония — Германия — Россия/ хартыына кыттыбыта. Онно сүрүн оруолу Щепкин аатынан театральнай училищены быйыл бүтэрбит саха кыыһа Ильяна Павлова оонньообута. Билигин “Сахафильм” “Хара мааска” хартыынаны устан үмүрүтэн эрэр. Аны Далан “Тулаайах оҕо” айымньытынан киинэ оҥорорго дойду улахан кинокомпанияларын кытта кэпсэтии барар. Итинник кыралаан иннибит диэки сыҕарыйан иһиэхпит буоллаҕа.

— Михаил Архипович, кэпсээниҥ иһин улахан махтал. Айымньылаах үлэҥ саҥа ситиһиилэринэн арыалланныҥ, дьиэ кэргэҥэр дьол-соргу тосхойдун! Бу баҕа санаабын биир дойдулаахтарын үллэстиэхтэрэ дии саныыбын.

2000 с.

(Роман Попов “Ахтылҕан сылааһынан илгийэн” кинигэтиттэн).

Матырыйаалга «Кочегар» киинэ кадрдара туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0