Артыыс идэлээх эдэр ыал

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Сергей, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Василина Балановтарга ыалдьыттаатым. Артыыс дьиэ кэргэн диэх курдук. Күлэн-үөрэн, кэпсээн-ипсээн… Интервью ыла тиийэн баран сорох түгэннэргэ, хата, бэйэм интервью биэрэ олорор курдук сананным. Дьиэ кэргэн бары Саҥа дьыллааҕы харыйа иннигэр истиэнэ хаһыатын уруһуйдуу олороллоругар түбэстим.
Людмила Попова, “Саха сирэ”, https://edersaas.ru/

Төрөөбүт дойду
Сергей: Мин Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы Арыы Толоон диэн учаастагар төрөөбүтүм. Оччолорго оскуолабыт үс кылаастаах этэ. Ол иһин салгыы Кириэс Халдьаайыга интэринээккэ олорон үөрэнэрбит. Оскуола кэнниттэн сопхуоска ыанньыксыттаабытым. Хара үлэ диэн тугун эппинэн-хааммынан билэбин. Эһиилигэр Намнааҕы педагогическай училищеҕа үлэ уонна черчение учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Ол эрэн, миэнэ буолбатах диэн, быраҕан кэбиспитим.
Василина: Өлүөхүмэ улууһун ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыыллаах Арыытыттан төрүттээхпин. Оҕо сааһым кырылас кумахтаах Өлүөнэ өрүс биэрэгэр ааспыта.

Артыыс идэтигэр уһуйуллуу
Сергей: Үөрэхпин быраҕан баран дойдубар тиийдим. Ол сырыттахпына, биир дойдулааҕым Ефим Степанов кэллэ. Бу хоһооннору үөрэт диэн кумааҕыга биэрдэ. Ол иннинэ Платон Ойуунускай “Өрүөл кэриэһэ” хоһоонун эрэ билэрим. Туттарсарбар саҥаҥ иһиллибэт диэн мөҕөн турардаахтар. Ол да буоллар мүччү-хаччы туттаран киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэн баран, Нерюнгрига куукула тыйаатырыгар ананан тиийбитим. Ол быыһыгар дойдубар Арыы Толооҥҥо кулуупка дириэктэрдээбитим. Улахан саҥаны киллэрбэтэҕим эрээри, аныгылыы, бэйэм көрүүбүнэн үлэлээбитим. Үксүгэр дэриэбинэбит эр дьонун мунньан, кытыннара сатыырым. Онтон нерюнгрилар сурук суруйан, төттөрү ыҥыттаран ылбыттара. Ол тиийиибэр, олоҕум аргыһа Василина кэлэн үлэлии сылдьара.

Василина: Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар, өрүү култуура үлэһитэ буолар ыралааҕым. Ону дьонум сөбүлээбэттэрэ. Саха салаатыгар туттарсан көрөн баран, биир баал кыайан тиийбэккэ, киирбэккэ хаалбытым. Хата, баҕалаах култуурам колледжыгар баран туттарсыам диэн испэр үөрэ санаабытым. Ийэм хомойбута. Ол тухары ийэм, сайабылыанньабын култуураҕа бэрдэриэн баҕарбат. Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх педагогическай училищеҕа тиийдибит. Дьиэ иһэ барыта сиэркилэ. “Василина, олус үчүгэй дии. Киирдиҥ да бэйэҕин көрүнэ түһэҕин”, — диэн ийэм кыракый оҕону көөчүктүүр курдук инньэ диэбитэ. Онон Култуура колледжыгар театральнай режиссура салаатыгар уонна Педагогическай колледжка муусука учууталын салаатыгар сайабылыанньа биэрдибит. Эксээмэннэрбин барытын ситиһиилээхтик туттаран, иккиэннэригэр киирэн хааллым. Ийэм, муусука учууталын идэтин тал диэн, тылыгар киллэрэ сатаан баран, бүтэр уһугар тиийэн, бэриниэ суохпун билэн, хайыай, сөпсөстө. Бэркэ үөрэнэ сылдьан кэтэххэ (заочнойга) көһөн хааллым. Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырыгар тиийэн үлэбин саҕалаатым.

Дьиэ кэргэн
Василина: Нерюнгрига үлэлии сылдьан ыал буолбуппут. Икки кыыс оҕолоохпут. Улахаммытын баар-суох дьүөгэм уонна иитиллэн үөскээбит өрүһүм аатынан Лена диэн сүрэхтээбиппит. Тохсус кылааска үөрэнэр. Режиссер эбэтэр сценарист буолар баҕа санаалаах. Иллэҥ кэмин барытын кэриэтэ кинигэ ааҕан атаарар. Онтун быыһыгар киинэ көрөр. Билигин Миронов “12 стульев” киинэтинэн “ыалдьа” сылдьар. Хаста даҕаны хат эргитэн көрөр.
Кыра кыыспытын сайаҕас буола улааттын диэн, Сайаана диэн ааттаабыппыт. Үһүс кылааска үөрэнэр. Илиитинэн ону-маны оҥорорун, ас астыырын, иистэнэрин сөбүлүүр. Бэйэм эмиэ кыра эрдэхпиттэн быыс буллум эрэ баайабын. Бу дьоммор Саҥа дьылынан бэлэхтээри иһит баайа сылдьабын.

“Биһикчээн” биэрии ыытааччыта Сарыада
Василина: Дьокуускайга көһөн кэлэн баран “Саха” НКИХ Л.П.Керемясова салайааччылаах “Сэргэлээх” айар холбоһукка үлэлии киирбитим. Бары көхтөөх, айар-тутар дьон буолан, үлэлииргэ, сайдарга олус интэриэһинэй этэ. “Күлүмэн”, “Уучукучук”, “Ымыычаан” биэриилэрдээх этим. Иккис сылбар сүүрэн-көтөн, студиятыгар, оонньуурдарыгар, аатыгар тиийэ барытыгар  салайааччы Лена Петровнаны, режиссер Аня Рожинаны кытта толкуйдаан, биир сүбэнэн “Биһикчээн” биэриини арыйан, үлэбитин өссө таһаарыылаахтык саҕалаабыппыт. Биэриибит алтынньы 10 күнүгэр тахсаат, Саҥа дьыл бырааһынньыгын кэнниттэн тута, Пресса баалыгар “Дебют года” номинацияҕа кыайыылааҕынан ааттаммыта.

Тыйаатырга курдаттыы таттарарым
Василина: Ол тухары иллэҥ кэммэр Саха тыйаатырыгар саҥа тахсыбыт испэктээктэри хастыыта да баран көрөрүм. Ис-испиттэн тыйаатырга талаһарым. “Саха” НКИХ, нууччалыы эттэххэ, “в своей тарелке сылдьарым” эрээри, тугум эрэ тиийбэт курдук сананарым. Ол сырыттахпына Олоҥхо тыйаатыра аһыллар үһү диэн иһиттим. Үлэбин сөбүлүүбүн, эмиэ даҕаны бэйэм да билбэппинэн, ким эрэ тыйаатырга сиэтэн илдьэн эрэрин курдук сананабын. Үс саастаах оҕобун дьиэтигэр соҕотохтуу хаалларан, үлэм быыһыгар кастиҥҥа тиийдим. Киирбитим, арай, дьон бэлэмнэнии бөҕө, тойуктара, оһуохайдара, чабырҕахтара баһаам. Дьон эчи кылыһахтара үчүгэйиин. Мин буоллаҕа ып-ыраас харахпынан килэччи көрөн баран олоробун. Кырдьык-хордьук блокноттаахпын, уруучукалаахпын. Ол олордохпуна билэр кыыһым кэлэн: “Тугу бэлэмнэнниҥ?”, — диэн ыйытта. Мин — тугум да суох. Эмискэ бэйэм да билбэппинэн, өйбөр “Дьулусхан субуйа сүүрүк дьураа хара аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур” диэн тыллар киирэн кэллилэр. Ханна эрэ аахпыппын дуу, эбэтэр кэргэним өссө Нерюнгрига үлэлии сылдьан үөрэппитэ хатанан хаалбыт дуу, кылгас да буоллар суруннум. Эмиэ да, үлэлээх эрээри манна тугу гына кэлбиппиний дии саныыбын. Испэр икки киһи мөккүһэн “оҕоҕун дьиэтигэр соҕотохтуу хаалларан, үлэҕин быраҕан манна тугу гына кэлбиккиний?” диэн ыйыталларын курдук. Оскуолаҕа учууталбыт үөрэтэрин өйдүү биэрэн, хайдах сатыырбынан тахсан туойдум. “Биһикчээн” биэриибин көрөллөр эбит. «Саха» НКИХ үчүгэй биэриилээххин, хамнастаах үлэлээххин. Биһиэхэ манна хамнаспыт кыра, үлэтэ сылаалаах. Тоҕо тыйаатырга көһүөххүн баҕараҕын?”, — дииллэр. Дириэктэрдэрэ В.Г.Власов: “Манна резервэҕэ бааргын. Телевидениеҕэр үлэлии сырыт”, — диэтэ. Инньэ гынан киирбиппин-киирбэтэхпин өйдөөбөтүм. Ылбыттарын туһунан телефонунан биллэриэхтэрэ диэтилэр. Тиэтэйэ олорор буолан, үчүгэйдик быһаарса да барбакка, үлэбэр ыстанным. Кастинг туһунан букатын да умнан кэбиспиппин. Арай, биир үтүө күн телефонум тыаһаата. Сарсын тыйаатырга кэпсэтии буолар, кэл диэтилэр. Лена Керемясова хамнас аҥаарыгар “Биһикчээҥҥин” ыыппаккын дуо диэн этии киллэрдэ. Мин сөбүлэстим. Ол эрээри, тыйаатырга бардахпына телевидениебэр тиэтэйэ олоробун, телевидениеҕэ тиийдэхпинэ тыйаатырбар ыксыыбын. Икки нэдиэлэ курдук оннук эрэйдэнэн баран, тыйаатырбын талбытым. Билигин олох кэмсиммэппин.

Ийэ, аҕа иккиэн артыыс буоллахтарына
Василина: Биллэн турар, дьиэ үлэтигэр, оҕону көрүүгэ-истиигэ иккиэн артыыс буолар уустуктардаах. Саамай ыарахана — гастролга барарга оҕолору хааллартыыр. Төрөппүттэрбит эрэ баар буолан көҥүл барабыт-кэлэбит. Кинилэргэ улаханнык махтанабыт. Арыт оҕолорбут утуйа сыттахтарына кэлэбит, утуйа сыттахтарына барабыт. Бэлэмнэниибит бириэмэтэ араас буолар. Онон дьиэ үлэтин син аттаран сылдьабыт. Атын артыыстар дьиэ кэргэттэригэр хайдаҕын билбэппин эрээри, биһиги дьиэ иһинээҕи үлэни эр киһи, дьахтар киэнэ диэн улаханнык үллэстибэппит. Мин суохпуна аҕабыт ас астыан, иһит сууйуон, дьиэ дьаһайыан сөп. Биллэн турар, электричество розетката алдьаммыт эҥин буоллаҕына, онно олох орооспоппун. Оттон туох эрэ ыараханы көтөҕөр наада буоллаҕына көмөлөһүөхпүн, илии-атах буолуохпун сөп. Уопсайынан, ханнык баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии улахан оруоллаах быһыылаах дии саныыбын. Кыралаан өйдөспөт буолуу, мөккүһүү ханна барыай. Онно санааны уурбат, дириҥэппэт ордук.

Оруоллары толоруу
Сергей: Нерюнгриттан көһөн кэлээт да, үлэ суох буолан, Култуура уонна искусство арктикатааҕы институтугар харабылынан киирбитим. Ол кэмҥэ режиссер Сергей Потапов туруорбут “Тыал баарын тухары” киинэтигэр Улуну диэн чаҕар уол оруолун толорбутум. Салгыы “массовкаҕа” киллэрэн барбыттара. Миэстэ тахсыбытыгар тыйаатырга ыстаакка үлэҕэ киирбитим. Онтон Михаил Борисов ыалдьан кэлбэтэҕэр “Дьадаҥы Дьаакыпка” кини оннугар суруксут оруолун толорбутум. Василий Яковлев-Далан “Тыгын Дархан” романынан испэктээккэ тыла суох уол оруолугар киллэрбиттэрэ. Айсен Дойду “Манчаарытыгар” Макаар диэн ааттаах суруксут, Шекспир “Тит Андронигар” Сатарыйаан оруолун уо.д.а. испэктээктэргэ араас оруоллары толоробун.
Василина: Иллэрээ сыл “Ыаллыылар” диэн киинэҕэ кылгастык оонньоон турабын. В.О.Каратаев “Оҕо тулаайах” испэктээккэ Олоҥхоһут (режиссер Сергей Потапов), Эсхил “Көрбүөччү” драматыгар иирбит кыыс оруолун (Кирилл Семенов инсценировката, Динислам Тутаев режиссер), “Пионовая беседка” кытайдар пьесаларыгар Манаах эдьиий оруолун (режиссер Степанида Борисова), Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотунан туруорууга Айыыһыт оруолун (режиссер Матрена Корнилова), В.Г.Исаков “Эрбэхчэй Бэргэн” олоҥхотун туруорууга Сабыйа Баай Хотун оруолун (режиссер Динислам Тутаев) уо.д.а. испэктээктэргэ оонньуубун.

Олоҥхо — муҥура биллибэт баай
Василина: Олоҥхоҕо саха сиэрэ-туома, кистэлэҥэ барыта суруллар. Холобура, оҕо төрөөтөҕүнэ тугу гыныллыахтааҕа, уруу тэрийэргэ туох сиэри-туому тутуһуллуохтааҕа — барыта баар. Итиэннэ Олоҥхо киһини бэйэтигэр тардар күүстээх, алыптаах. Олоҥхото суох туох эрэ тиийбэт курдук буолар эбит. Төһөнөн элбэҕи билэҕин, соччонон интэриэс өссө күүһүрэр. Олоҥхону өссө даҕаны ситэ өйдүү иликпит быһыылаах.

Артыыстар көрүдьүөс түгэннэрэ
Сергей: Икки түгэни кэпсиим. Биир артыыс баар. Аатын биллэр биричиинэнэн эппэппин. Гастролга бардахпытына иккилии-үстүү эбэтэр түөртүү буолан “колхуостаһабыт”. Ол аата аска харчы кыттыһан бэйэбит астанан аһыыбыт. Үксүн кулуупка түһэбит. Библиотекаҕа, спортивнай саалаҕа, сыанаҕа утуйабыт. Биир улууска бу кэпсиир артыыспыныын библиотекаҕа түстүбүт. Киһим олус эрдэһит. Сарсыарда 4-5 чааска уһуктан уоту холбоон кэбистэ. “Баһаалыста, уоккун араар эрэ”, — диэтим. “Сытан эрэн кинигэ ааҕыахпын баҕарабын”, — диэбитигэр көрөөччү саалатыгар баран аах, мин утуйа түһүөм этэ, диэн сүбэлээтим. Киһим кырдьык-хордьук таҥнан барда. Арай, Иннокентий Луковцев таһырдьа тахсан иһэр эбит: “Хайа, эһиги дьоннор хара сарсыардаттан этиһэн эрэҕит дуу?”, — диэн дьиибэлээн ылар. Иннокентийдыын кэпсэтэ олордохпутуна киһибит арбайан аҕай сүүрэн кэллэ. Хараҥаҕа булумахтана сылдьан, уоту уматабын диэн баһаарынай сигнализация тааһын алдьатан, хонуопкатын баттаан кэбиспит. Инньэ гынан утуйа сытыахпыт баара дуо, “мчстанан” уубут көттөҕө дии.
Гастролга хас да бөлөх улуустарынан арахсан барабыт. Онон, манна тыйаатырбытыгар оонньуур артыыс оруолун эмиэ солбуйан толоробут. Арай биирдэ “Лоокуут уонна Ньургуһун” испэктээккэ Күһэҥэй оҕонньор оруолун толорор буоллум. Оҕонньор Лоокуту көрсөн балаҕанна тутун, ыал буол диэн алгаан баран куругар иилинэ сылдьар сүгэтин биэриэхтээх. Сыанаҕа тахсан оонньуу сылдьабыт. Арай, сүгэбин ылаары гыммытым суох, умнан кэбиспиппин. “Кэл эрэ тукаам. Ол икки хатыҥ икки ардыгар тиит үүнэн турар. Тиит төрдүгэр сүгэ охсон хааллардым. Ону ылан балаҕанна тутун, ыал буол. Өтөр манан кэлэн ааһыам. Чэ, мин соҕуруу туораатым”, — диэтим. Киһим олох өйдөөбөтө: “Мин эмиэ аргыстаһыым”, — диэн баран кэннибиттэн батыһан барда. Сыанаттан күлэрбин туттуна-туттуна нэһиилэ таҕыстым. Көрөөччүлэр, хата, оннук буолуохтаах диэн ылыммыттара.

Кими идеал оҥостоҕутуй?
Василина: Сахалартан Степанида Борисованы ордоробун. Соторутааҕыта саҥа туруоруллубут, Европа дойдуларынан көрдөрөн кэлбит “Мамаша Кураж” испэктээги көрбүтүм. Онно кини олус үчүгэйдик оонньуур, үрдүк таһымнаах, чаҕылхай артыыс буоларын өссө төгүл итэҕэйдим. Степанида Ильиничнаны артыыс да, киһи даҕаны быһыытынан сөбүлүүбүн. Оттон нууччалартан Безруковы, омуктартан Том Хэнкс оонньуулларын сөбүлүүбүн.
Сергей: Учууталым Симон Федотов оонньуурун ордорорум. Итиэннэ эмиэ биир сүдү артыыс, учууталым Ефим Степановтан элбэххэ үөрэнэбин. Нууччалартан хамсанан-имсэнэн Андрей Миронов оруолларын бэркэ толорор. Итиэннэ оҕо эрдэхпиттэн интэриэһиргээн көрө улааппыт артыыһым Юрий Соломин буолар.

Саҥа дьыл үгэстэрэ
Василина: Быйылгыттан саҥа үгэһи олохтоон эрэбит. Оҕолор улаатан, аҕаларын кытта көмөлөөн, истиэнэ хаһыатын уруһуйдаан эрэллэр. Дьиэбитин аҕабыт киэргэтэр, ол биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олохсуйбут үгэс. Оттон харыйаны бэйэм кыргыттарбынаан симиибин. Харыйабыт оонньуурун сыллата бэйэбит араас матырыйаалтан оҥорон хаҥатан иһэбит. Тохсунньу 1 күнүгэр ким да, ханна даҕаны барбат. Ол күнү сылы быһа кэтэһэбит. Бары олорон эрэн, утуйан ыла-ыла тэлэбиисэр көрөбүт. Оннук, тугу да гыммат, бары иллэҥ түгэммит биһиги дьиэ кэргэҥҥэ сылга биирдэ эрэ тосхойор. Уонна сыллата төрдүөн тутуспутунан “Елки” киинэни баран көрөбүт. Бэйэбит да ыалдьыттыыбыт, аймахтарбытын даҕаны ыалдьыттата ыҥырабыт. Иллэҥ кэммитин туһанан оҕолорбутун сынньатар-аралдьытар сирдэринэн сырытыннарабыт. Тохсунньу сынньалаҥнара ол курдук биллибэккэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр ааһан хааллар.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар Балановтар дьиэ кэргэн архыыбыттан туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0