Артыыс Дорофеев

Ааптар: 
09.06.2018
Бөлөххө киир:

Драма уонна киинэ артыыһын Роман Дорофеевы көрөөччүлэр үчүгэйдик билэллэр. Роман ааспыт ыйга ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ култуура миниистиринэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит Андрей Борисовтыын  Италия уһулуччулаах суруйааччыта, Нобелевскай бириэмийэ лауреата Луиджи Пиранделло “Хайа аарымалара” испэктээкилин көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыттара.  Бүгүн Романы кытта сэһэргэһиибин ааҕыҥ.


Силис тардар үнүгэстэр

 — Роман, дьоҥҥун чөркөөхтөр олус ытыктыыллар, сөбүлүүллэр. Эдэр сылдьан тэрээһиҥҥэ куруук кытталлара, талаан баар дьоно диэн сыаналыыллар. Эйигин быыкаа сылдьан остуоруйа туруора оонньуура диэн кэпсээн турардаахтар. 

— Ийэлээх аҕам иккиэн тулаайах дьон. Ийэм Марфа Семеновна Кэбээйиттэн төрүттээх. Аҕам Роман Романович төрдө Чурапчы. Өссө көһүү иннинэ Тиксиигэ барбыттар. Ийэтэ өлүөн аҕай иннинэ ­эдьиийигэр: “Бу уолу иитиҥ. Дарапыайаптары ааттатыаҕа”, —  диэбит. Аҕам киинэ көрдөрөөччүнэн үлэлээбитэ.  Онон кулууп эргин чугас буоллаҕа. Билигин ийэлээх аҕабыт иккиэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Сиэннэрин көрсөллөр. Убайдарым Григорий — ХИФУ преподаватель, Василий — учуутал, Сергей — Тааттаҕа МЧС үлэһитэ. Мин ыал кыратабын. Кыра сылдьан кинигэ кыбына-кыбына оҕолорго остуоруйа оонньото сатыырым эбитэ үһү. Биирдэ дьоммут ону санаан күлэн турардаахтар.

Куруһуок туһата 

— Оҕо эрдэххиттэн артыыс буолуоххун баҕарар этиҥ дуо?

— Бастаан хирург буолуохпун баҕарар этим. Хааны көрөн саллыбытым. Онтон историк, юрист буолуохпун баҕарбытым. Ол эрээри, драмкуруһуокка сылдьыахпыттан, санаам тосту уларыйбыта. Оскуолабытыгар Матрена Николаевна Вырдылина диэн учуутал баара. Кыра кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биирдэ суолга көрсөн, хайаларын оҕолоро буоларбын ыйыталаста, куруһуокка ыҥырда. Сарсыныгар ону өйдүү биэрэн, кулуупка олохтоох кастины ааһаары, табаарыстарбын кытары сүүрэн аҕай тиийбиппит. Куруһуокка наһаа умсугуйан, сөбүлээн сылдьыбыппыт. Матрена Николаевна киһи эрэ сэргээн истиэх элбэҕи да кэпсиирэ, аахтарара.  Литератураҕа тапталы иҥэрбитэ. Ол сыл «Борис Годунову», «Ньургун Боотуру» туруорбуппут. Өссө олоҥхонон Дьокуускайга, Владивостокка “Океан” лааҕырга кыттан кыайбыппыт. Матрена Николаевна: “Хайаан да артыыс буолуҥ диэбэппин. Кылаабынайа, элбэҕи билэр-көрөр дьон буола улаатыҥ. Дьон-сэргэ иннигэр санааҕытын сайа этэр буолуҥ”, —  диирэ.

“Хаартыскам манна туруоҕа”

— Оскуолабыт иһинээҕи күрэстэргэ кыайыылаах буоламмыт, биирдэ оптуобуһунан куоракка аҕалан күүлэйдэттилэр. Онно Саха тыйаатырыгар аҕалбыттара үчүгэйиэ-эн! Киинэҕэ, тэлэбиисэргэ көрөр артыыстарбыт хаартыскалара барыта истиэнэҕэ бу кэккэлээн туралларын сөҕө-махтайа көрбүтүм! Ол туран табаарыспар, “мин хаартыскам манна туруоҕа” диэбит үһүбүн. Оскуоланы бүтэрэн баран, АГИКИ киирбитим. Билигин хаартыскам ол сиргэ ыйанан турар. Табаарыһым: «Өссө оччолорго итинник этэн турардааххын ээ», — диэбитэ.

Бастакы сүрэхтэнии

— Устудьуоннуу сылдьаҥҥын улахан артыыстары кытары оонньуур чиэскэ хайдах тиксибиккиний?

— Төрдүс кууруска үөрэнэ сырыттахпына, “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” испэктээккэ оҕо оруолугар артыыс наада буолбута. Ити кэмҥэ биһигини Алексей Егоров-Өркөн сыанаҕа хамсаныыга үөрэтэрэ. Саҥа дьыллааҕы шоуга кыттар этибит. Онно таба көрөннөр,  миигин Хохочой оҕо эрдэҕинээҕитин оонньуугун диэтилэр. Тыйаатыры кытта ый устата Улан Удэнэн, Монголиянан, Хакасиянан, Тыванан гастролга барсар улахан чиэскэ-бочуокка тиксибитим.

Онно, дьэ, легендалары кытта адьас чугастык алтыстым. Наһаа толлобун, долгу­йабын. Улахан дьон буоллаҕа. Дьонум ­буоллаҕына, туох да наһаа эйэҕэстэр. Аргыый сүбэлии-амалыы, үөрэтэ-такайа сылдьаллар. Онон ааттаах-суоллаах дьонтон уһуйуллубутум элбэх диэн үөрэбин, киэн туттабын. Кэлэн баран ыстаапка аҥаарыгар хамнастаан үлэҕэ ылбыттара. Ол миэхэ, устудьуоҥҥа,  улахан дьол этэ. Хайа уонна итэҕэйэн, эрэнэн ылбыттарыгар сытар буоллаҕа, саамай улахан суолтата.

Тыйаатыр толору бырааптаах артыыһа

— Биир кэмҥэ анаан тургутан көрдүлэр быһыылааҕа. Испэктээктэн испэктээк салҕанар. Ол аата оруол үөрэтэн иһиэхтээхпин. Ол тургутууну этэҥҥэ аастаҕым, тыйаатырга толору хамнаска үлэҕэ ылан, букатын да улаханнык үөрдүбүттэрэ.

2007 с. үөрэхпин бүтэрбитим. Ити сыл  “Хаарыан хампа күөх кытыл” сыанаҕа туруоруллубута 25 сылыгар оруоллары эдэр көлүөнэҕэ биэртэлиир буоллулар.

Үлэбэр көрүдүөрүнэн хааман истэхпинэ биллэр-көстөр улахан режиссер, СӨ култуура миниистирэ Андрей Борисов көрсөн ыҥырда. Кэбиниэккэ киирбитим, аны, эмиэ биир улахан ытык артыыс, П.Ойуунускай аатынан Госбириэмийэ лауреата Ефим Степанов олорор. Мин тэпсэҥнии турдум. Арай, ол турдахпына, Ефим Николаевич көрөн олорон баран: “Барсар”, —  диэтэ. Онон бүттэ. Кириискэ буолан ­хаалбытым. Саҥа састаабынан оонньоон холоммуппут.

Эппиэтинэс сүҥкэн. Улахан артыыс кэнниттэн оонньуур хас эмэ бүк ыарахан. Сулуска хайдах да тиийбэккин. Ол иһин, куоппуйалаабакка, Кириискэ мин өйбүнэн хайдаҕый диэн толкуйдуу сатыыбын. Итэҕэли, эрэли түһэн биэрбэт курдук.

“Detsat” айар бөлөх

— Устудьуоннуу сырыттахпытына Алексей Егоров-Өркөн уонна Дмитрий Шадрин-Шандор “Detsat” айар бөлөҕү тэрийбиттэрэ. Ити кэмҥэ Comedy club, Кривое зеркало, КВН үөдүйбүт кэмнэрэ. Устудьуоннар Александр Иванов, Алексей Макаров, мин этюдтары кинилэргэ көрдөрөбүт.

Бастаан  бөлөхпүт “Детсад”, “Балаганчик”, “ЭС” (эдэр саас) диэн ааттана сыспыта. Онтон Өркөн кэргэнэ, “ДетСАТ” (Дети Саха академического театра) буолуҥ диэн толкуйдаан, этэн, өй уган биэрэн, биһиги “ДетСАТ” буолан хаалбыппыт.

Ыччакка биллэн-көстөн бардыбыт. Үөрүү бөҕөбүт. Наар толору көрөөччүлээх саалаҕа үөрэнэн хаалбыппыт. Биирдэ Ньурбаҕа тиийбиппит, саалаҕа уонча киһи олорор. Онтубут, олохтоох тэлэбиидэнньэнэн аллараа сүүрэр биллэриигэ: Детсад —  “Кэскил” диэн суруйан кэбиспиттэр. Ол иһин, кырачааннар кэнсиэрдэрин көрөөрү үксүн эбээлэр, эһээлэр мустубуттар. Оччолорго “Кэскил” киинэбит бастакы чааһа баара. Хата, Ньурба тэрээһинигэр болуоссакка тахсан көрөөччүлэрдэммиппит. Оннук, араас түгэннэр буолаллар этэ эрээри, эдэр дьон иннибит диэки түһүнэн иһэрбит.

“Киинэ – мин дьылҕабар”

— Киинэҕэ “ДетСАТ” оруоллаах. “Кэскилтэн” саҕалаан ылсыбыппыт. Бэйэбит баҕабытынан. Саҥа дьыллааҕы “Кыһын тымныы эрээри…” киинэ толкуйдаммыта. Салгыы “Арай биирдэ”, “Кэскил-2”, “Көҥүл боотурдар”, о.д.а. салҕанан, бииртэн биир саҥа, сонун сүүрээн киирэн иһэр. Онон “детсаттар”, уопсайа, 18 киинэлээхпит.

Оонньообут сүрүн оруоллара

Эдэр артыыһы, Роман Дорофеевы, билигин Саха сиригэр билбэт көрөөччү диэн суох. Кини испэктээккэ  оонньообут сүрүн оруолларыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ: “Кэрэ көмүскэлигэр”– Гоша Чусовской, “Олох оонньуута” – Миитэрэй, “Хаарыан хампа күөх кытылым” – Кириискэ, “Хара кыталык” – Хабырыыс, “Дыгын Дархан” – Таас Уллуҥах, “Сааскы кэм”—Микиитэ, “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” – Хохочой, “Мэҥэ халлаан оҕото Манчаары Баһылай” – Манчаары, “Иирбит Ньукуус” – Ньукуус, “Ревизор” – Хлестаков, о.д.а. оруоллары итэҕэтиилээхтик оонньоон, көрөөччүлэр хайҕалларын ылбыта.

Оонньообут, режиссердаабыт ­киинэлэриттэн билиһиннэрдэххэ: «Үбүлүөй”, “Кэскил-2”, “Көҥүл боотурдар”,  “Сибэкки”, “Таптал”, уо.д.а.

Олоҕун олуктара

Дорофеев Роман Романович

1985 с. олунньу 2 күнүгэр Таатта улууһугар Чөркөөххө төрөөбүтэ.

2002 с. Чөркөөх орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ.

2002-2007 сс. Дьокуускайга култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтугар драмтыйаатыр уонна киинэ артыыһа идэтигэр үөрэнэр.

2006 с. Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатырыгар үлэҕэ ылаллар.

РСФСР үтүөлээх, САССР норуодунай артыыһа П.Васильев аатынан бириэмийэ бастакы лауреата. “Тит Андроник”, “Иирбит Ньукуус”, “Ревизор” испэктээктэргэ оонньоон, “Эр дьоҥҥо бастыҥ оруол” үрдүк ааты ылбыта. СӨ култууратын туйгуна.

Кэргэннээх, икки оҕолоох.

Сэмсэ тыл

Алексей Егоров-Өркөн, СӨ култууратын туйгуна, “Лена” киинэ тыйаатырын дириэктэрэ:

— Ромалыын устудьуон эрдэҕиттэн билсэбит. Үһүс кууруска үөрэнэригэр, кинилэргэ педагогтаан турабын. Талааннаах, дьулуурдаах, сүрэхтээх үлэһит уол харахха тута быраҕыллара, биллэрэ-көстөрө. Рома табаарыс быһыытынан наһаа эрэллээх. Кинини мин улахан талааннаах артыыс быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбын. “ДетСАТ” айар бөлөх  төрүттэнэригэр, саха киинэтэ сайдыытыгар улахан кылааттаах.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0