“Төлкөттөн” төлкөлөөх артыыс — Зоя Багынанова

18.05.2017
Бөлөххө киир:

Үйэ аҥара сценаттан түспэккэ айа-үлэлии сылдьар артыыстан киһи хас оруолу толорбутун туһунан ыйыталаһыан даҕаны, хайдах эрэ, туттунар… Баһаам элбэх буоллаҕа. Чэ, сылга иккитэ да сүрүн оруолу толордоҕуна – 100-тэн тахса охсор. Офелия, Медея, Туймаада, Аан Далбар (“Өлүөнэ сарсыардата”), Буойа (“Күкүр Уус”), Айыы Куо, Мэник Мэнигийээн… Оттон, хайа баҕарар артыыска, айар куттаах киһиэхэ сүрүн, сүрүнэ суох оруол диэн, үксүгэр, суох ээ, быһыыта. Ардыгар, быыкаайык, биитэр биир да тыла суох эрээри, тоҕо эрэ олус суолталаах, туохтааҕар да күндү оруол эмиэ баар буолааччы… edersaas.ru

Итинник саныы-саныы Саха тыйаатырыгар тиийэн кэлэбин. Бүгүн мин саха норуодунай артыыһа Зоя Петровна Багынановалыын кэпсэтэбин. Кини муус устар 22 күнүгэр 75 сааһын туолла. Ону тоҕо холку баҕайытык этэҕин диэтэххитинэ, Зоя Петровналыын төлөпүөнүнэн кэпсэтиибитигэр бэйэтэ билиммитинэн, муус устар 22 күнэ диэн ити “сымыйа даата”. Төрөппүт оҕолоро төннөн иһэриттэн, абааһыттан куоттаран, аҕата сурукка киллэртэрбэтэх. Онон, сокуоннай сааһын ситэн докумуон ыларыгар, Сэбиэт бэрэстээтэлэ ити дьоһунаах даатаны суруйбут.

Оттон Зоя Петровна үбүлүөйүн төрөөбүт дьиэтин кэриэтэ истиҥник саныыр Сахатын тыйаатырын кэлэктиибэ, режиссер Руслан Тараховскай туруоруутугар, бэс ыйын 15, 16, 17, 18 күннэригэр “Төлкө” испэктээгинэн бэлиэтиир былааннаах.

“ Зоя Петровна, “Төлкө” эн айар дьылҕаҕар ураты улахан оруоллаах?..

—Оруоллааҕын ааһан – “содуллаах”… (күлэр).

— Ол хайдах?!

—Чэ, кэпсиим…”

              Норуодунай артыыстыын кэпсэтииттэн.

Кус оҕото буола сыспыттааҕым… 

Мин 1969 сыллаахха Ньурбаттан Дьокуускайга, Саха тыйаатырыгар кэлбитим. Биир сезон үлэлээбитим кэннэ, арай, тэлэбиидэнньэлэр “Төлкө” арамаанынан киинэ устар буолбуттар үһү, диэн сурах кэллэ. Онно Саха тыйаатырыттан Лааһар Сергучев Харатаайап оруолугар бигэргэтиллибит, кини уолун Сылластыгас Сүөдэри Геннадий Сивцев – мин оччотооҕу кэргэним, оҕолорум аҕалара оонньуур буолбут. Лааһардыын уҥуохтарынан-иҥиэхтэринэн олус маарыннаһар этилэр. Сылгыһыт Сүөдэр – Сэргэй Константинов. Оттон мин Маайаны оонньуур буолбутум. Дьэ, бу оруолга тиксиим олох соһуччу этэ… Уус Алдантан биир эдэр, толору эттээх-сииннээх кыыс кэлэн Маайаны оонньуохтааҕын, туох эрэ мэһэйдээн, кыайан кэлбэтэх. Онон, миигин анаан кэбистилэр. “Кэргэниҥ баар, онон эн сырыт, оонньоо”, — диэтилэр.

Ол киинэ режиссера Георгий Дьячковскай диэн, оччолорго тэлэбиидэнньэ эрэдээктэрэ, режиссера эбит этэ. Итиэннэ оператордаахпыт,  худуоһунньуктаахпыт. Уонна мин – соҕотох дьахтарбын. Дьэ, Мэҥэ-Хаҥалас олус кэрэ айылҕалаах Хорообут диэн сиригэр  киинэбитин уста тиийдибит. Онно бастакы сцена – Маайа далаһанан күөлгэ киирэн уу баһан тахсан истэҕинэ, Сылластыгас Сүөдэр кэлэн күүһүлээри гыныахтаах…  Сарсыарда 5-6 чааска ууга күлүк үчүгэйдик түһэр диэн, эрдэ туран, көлүйэҕэ киирдибит. Бэртээхэй далаһа оҥорбуттара, онно олорон, атахпын суунабын, онтон баттахпын өрүнэ олордохпуна, Сылластыгаһым бу бэрийэн кэлэр…   Онтон арай, туох эрэ сүпсүлгэнэ буолла — күөл нөҥүө өттүгэр эр дьон кус оҕолорун көрө түспүттэр. “Каадырга киллэриэх, наһаа бэрт!” –дьонум омуннуруу бөҕөтө. Аны миигин, “Ыл, Зоя, эдэр киһи, бараҥҥын кус оҕолорун үүр эрэ…”, — дэстилэр. Мин буоллар, чап-чараас сиидэс былааччыйалаахпын, атах сыгынньахпын, хап-сабар сүүрэн элэстэнэ турдум. Кус оҕолорун үүрдүм. Арай, тэйэр да бокуой биэрбэккэ, дьонум ытыалаан киирэн барбаттар дуо?! Тулам туохта биир кэм “тыбыр”- “тыбыр” гынар… Көхсүбүн тоһуйабын. Кэлин өйдөөбүтүм, доруобунньуктара, ууттан тэйэн, миэхэ түһэллэр эбит! Онтон, син тохтоотулар. Хаан тахсыбатах, туох да суола суох курдук. Ол онон умнуллубута. Онтон, төһө эмэ сыл ааспытын кэннэ, арай биирдэ атахпынан моһуогурдум. Тыый, ньиэрбэтин тымныттаҕым, диэн  билэр неврологпар тиийдим. Любовь Николаевна этиитинэн эрэнгиэҥҥэ түстүм. Арай бырааһым снимокпын көрө-көрө төбөтүн хамсатар, “мүчүк” гынар. “Хайа, Зоя, бу хантан кэлбит үс доруобунньугуй, өттүгүҥ уҥуоҕар хатана сылдьаллар!”, — диир. Онуоха дьэ өйдөөн кэллим – “Ээ, ол “Төлкөҕө” ытыалаабыттара…атын оннук түгэн суоҕа”, — диэтим. Дэлби күлүстүбүт. Ол оруобуна олунньу 23 күнүгэр этэ. Тыйаатырбар кэлэн, “Дьэ, бу көрүҥ, мин эмиэ бэтэрээммин! Мин курдук өттүгэр буулдьалаах ким баарый?!”, — диэммин, күлсүү бөҕөтө буолбуппут. Ол доруобунньуктарбын, мэһэйдээбэт буоллахтарына сырыттыннар диэн буолбута. Онон, сылдьаллар…

Дьэ, айар үлэм туһунан төһөлөөх сурулунна ини, суруллубата ини… Онон, сонун буолаарай диэн ити, “Төлкөттөн” сылтаан кус оҕото буола сыспыттааҕым туһунан кэпсээтим.

Оттон,  дьиҥэр баары эттэххэ, 1966 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран Ньурба тыйаатырыгар үлэлии кэлбиппэр, айар төлкөм  “Төлкөнөн” саҕаламмыта. Ол курдук, режиссер Василий Фомин “Төлкө” арамаанынан “Хараҥа түүн” испэктээҕи туруорбута, онно маҥнай Маайа ийэтин Ылдьаананы, онтон, Мария Кривогорницына (Николаева) “Утро долгого дня” киинэҕэ уһулла барбытыгар, Маайаны оонньуур буолбутум. Онтон ыла толору 50 сыл аастаҕа. Үйэ аҥара буолан баран, көрөөччүлэрбэр отчуотум кэриэтэ буолуо дии саныыбын. Онон, дириэктэрим Анатолий Павлович, эн үбүлүөйгэр анаан-минээн “Төлкөнү” туруорабыт, диэбитин иһин олус махтанабын.

“Бастакы тапталгытын харыстааҥ!”

“Иккистээн ыал буолуу үчүгэй дуо, диэн миигиттэн ардыгар ыйытааччылар…

—Ону?

—Уустук-үчүгэй, диибин…”

—Бастакыбын кытта 10 сыл, иккис кэргэмминээн 23 сыл бииргэ олорбуппут. Ыччаттарга куруук: “Бастакы тапталгытын харыстааҥ”, — диибин. Оттон, киһи олоҕу олоро сатаан баран, ол олоҕо табыллыбатаҕына, олус хомолтолоох, онон, хайыай, күһэллэн арахсар буоллаҕа… Оттон иккис олоҕу олоруу, үчүгэй киһиэхэ түбэстэххэ – дьол!  Мин, холобур, 14 сааспыттан кинигэҕэ-хаартыскаҕа сөбүлүү көрбүт киһибэр режиссер Федот  Потаповка кэргэн тахсан бараммын, билигин кини оҕолорун кытта олоробун, холбоон биэс оҕолоохпут, сиэннэр, хос сиэннэр да бааллар.

Сөдүөтүм аатын үйэтитэ сатыыбын. Тоҕо диэтэххэ, тыйаатырыттан наһаа хомолтолоохтук барбыта… Хом санаа баара, туох да диэбит иһин… Холобур, Андрей Борисов билигин: “Наһаа уустук кэмҥэ үлэлээбит. Барыта бобуулаах, барыта  цензуралаах эрдэҕинэ… Ол эрээри, тыйаатырын тутан олорбута”, — диэн махтанар, уонна, эдэр режиссер кэлбитигэр  итиччэ улахан киһини, сийиэс дэлэгээтин, лиидэри, кылаабынай режиссеру тута үлэтиттэн устан кэбиһии диэн олус охсуулаах буоллаҕа, ол гынан баран, кини миэхэ биирдэ даҕаны хом санаатын эппэтэҕэ, диир.  Уонна ити кылыһахтаах ырыаны илдьэ кэлбитин санаан көрүҥ. Ити “Суоһалдьыйаны…”, ити “Кыһыл Ойууну” — саамай уустуктардаах, бобуулаах кэмнэр этэ буоллаҕа!  Тыйаатырыттан барбытын кэннэ Культпросветка үлэҕэ ылбатахтара… Кини онно, сэрии иннинээҕи тыйаатыр туһунан, билэр киһи, биир лекцияны ааҕыан баҕарара… Онон, Ньурба тыйаатырыгар тиийбиппит. Ити 1983 сыл. Онно да, ылымаары гыммыттара, онно-манна баппатах дьон кэлэҕит, диэн сорохтор саҥараллар этэ… Оннооҕор бииргэ үөрэммит дьоно, сорохтор дорооболоспот да буолбуттара…  Онтон олус айманара… Ким да төлөпүөннээбэт, уулуссаҕа, иһэрин көрдөхтөрүнэ, туораан хаалаллар… Ситинник кэм этэ! …Билигин, дьэ, өйдөөтүлэр курдук… Дьиҥэр, кини сүрдээх киэҥ көҕүстээх киһи этэ…

“Кыйаар мохсоҕоллоро” диэн кимнээҕий?

— Кыйаар –кый ыраах. Кыйаар диэн былыр Бүлүүнү ааттыыллара үһү. Ыраах дойду, кыйаар дойду диэн… Үөһээ Бүлүүгэ, мин дойдубар Далырга күүстээх, сымса, хапсаҕайдьыт дьон үөскээн ааспыттара. Алексей Петрович Васильев-Мордьонноохоп, Мэйиккэ Василий Иннокентьевич Степанов-Буучугурас. Балаҕаннаахха Никита Константинович Докторов-Бычырдаан. Бу дьон туһунан үс сылы быһа киинэ уһуллум… Улууһум, дьонум-сэргэм уонна Сахам тыйаатыра өйөөтүлэр. Кэпсээтэххэ бүппэт устуоруйалаах. Дэлэҕэ Федот Потапов былыр миигин, “эрэйи бэйэҕинэн булар дьахтаргын…” , —диэ дуо?!..Сценарийын Зоя Попова, Майя Власьева, Степан Дадаскинов кинигэлэригэр олоҕуран,  суруйдулар. «Кыйаар мохсоҕоллоро» киинэбит премьерата Үөһээ Бүлүүгэ  “Манчаары Оонньууларын” кэмигэр буолуоҕа. Наһаа элбэх киһи кытынна, ону кэлин сиһилии кэпсиэхпит…  Улахан уолум Геннадий Багынанов, режиссер идэлээх, 4 киинэлээх, интэриэһиргээтэ. Миигин куруутун өйүүр, сүрүн консультаным кини…  “Ийээ, үчүгэй ээ…” , — диэтэҕинэ, күүспэр күүс эбиллэргэ дылы…

Сэмсэ тыл

Анатолий НИКОЛАЕВ, РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ:

—Зоя Петровна – тыйаатыр гвардееһа, тыйаатырга олоҕун анаабыт киһи буоллаҕа! Кини мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар. Олус көхтөөх уопсастыбанньык. Испэктээккэ оонньуурун таһынан, тыйаатыр тас үлэтигэр, араас көрсүһүүлэргэ, айар киэһэлэргэ — барытыгар бастакы!  Үлэҕэ сыһыанынан, дьиссипилиинэтинэн, бэриниилээҕинэн – эдэрдэргэ тыыннаах холобур буолар киһибит. Бэс ыйыгар Николай Якутскай “Төлкө” айымньытынан саҥа испэктээкилбитин Зоя Петровнаҕа аныыбыт!

ОЛОҔУН ОЛУКТАРА

БАГЫНАНОВА ЗОЯ ПЕТРОВНА

1942 с., муус устар 22 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр сэлиэнньэтигэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ  төрөөбүтэ.

1961 с. Далыр орто оскуолатын бүтэрбитэ.

1966 с. Москватааҕы М.С.Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ.

1966-1969сс. Ньурбатааҕы көһө сылдьар тыйаатыры сөргүтэн, төрүттэспитэ.

1969-1983 сс.— Саха тыйаатырын артыыһа.

1983-1985сс. – Ньурба тыйаатырын артыыһа.

1985-1991 сс. – Нерюнгритээҕи Куукула тыйаатырын төрүттэспитэ.

1991 сылтан күн бүгүнүгэр диэри Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0