Сахабыт сирин айылҕата куду анньан биэрэр баайа-дуола үтүмэн үгүс, онтон тутаахтара – ньиэп, гаас, көмүс уонна, биллэн турар, алмаас таас. Оттон итинтэн алмаас салаатын ылан көрөр буоллахха, АЛРОСА тутаах баайа – үлэһиттэрэ. Кинилэр буолаллар – сайдыы саҕыллар сүрүн төрүөттэрэ, олуктара. Кинилэр буолаллар – өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тыын суолталаах төрүтүн оҥорооччулар.
edersaas.ru
Бу сырыыга биһиги эһиэхэ кинилэртэн биирдэстэрэ, 16-с №-дээх хайа байытар фабрика урууданы бэлэмниир уонна таҥастыыр учаастагар үлэлиир ыстаарсай маастар Артур Корякины билиһиннэрэбит.
Урууданы таҥастыыр наадатын, концентраттары хайдах оҥорон таһаарары Артур оскуола 8-с кылааһыгар үөрэнэ сылдьыаҕыттан билэр. Ол сыл кини төрөппүттэрэ уолларын баҕар бырамыысыланнас эйгэтин сэҥээриэ диэн, ити эйгэҕэ аан бастаан чугаһаппыттар. Онтулара кырдьык да, ити барыта туохтан, хайдах таҥыллан турарын олус диэн интэриэһиргээн, сэргээн барбыт. Төрөппүттэр ону өйөөн, оҥорон таһаарыы эйгэтигэр, ылыахтаах идэтигэр интэриэстэммитин тута өйөөбүтүнэн барбыттар.
Артур лоп курдук сүүрбэ сыллааҕыта, 2001 сыллаахха, М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэ гимназиятын физика-математика кылааһын үөрэнэн бүтэрэр. Аата-суола киэҥник биллэр гимназия өрөспүүбүлүкэҕэ профильнай, кэккэ биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтиигэ бастакынан ылсыбыт, идэтийбит бастыҥ оскуола буолар. Ону тэҥэ профильнай хайысхаҕа үөрэтиигэ ресурснай киин быһыытынан үлэлээбит баай уопуттаах.
Ол да иһин, бу үөрэх кыһатын үөрэнэн бүтэрээччилэр, ол иһигэр Артурдуун бииргэ үөрэммит оҕолор, ханна туттарсан киириэхтээхтэрин, туох идэни баһылыахтаахтарын оскуола сылларыттан быһа холуйан билэллэрэ. Ол курдук, биһиги бүгүн кэпсиир дьоруойбут чопчу Мииринэйдээҕи политехническай институту (оччолорго СГУ, билиҥҥинэ ХИФУ салаата) талан, “хайа салаата” хайысхаҕа үөрэнэ киирэр бигэ санаалааҕа. Оттон чопчу ханнык идэҕэ үөрэнэрин Мииринэйгэ эксээмэн туттара сылдьан быһаарыммыта. Онно кини “туһалаах сир баайын таҥастааһын” диэн идэ баарын билэн, уһуннук толкуйдуу барбакка, талбыта. «Электроснабжение» уонна «Электромеханика» курдук атын хайысхаларга холоотоххо, быдан интэриэһинэй уонна инникилээх идэ диэн сөпкө быһаарбытыттан билигин киэн тутта саныыр.
Каадыр отделыгар – күн аайы кэриэтэ
— Артур, АЛРОСА-ҕа хайдах киирбиккин кэпсии түс эрэ.
— 2006 сыллаахха институту бүтэрээт да, ылбыт идэбинэн үлэлээри АЛРОСА салаа тэрилтэлэригэр үлэ көрдөнөн барбытым. Кэккэ төрүөтүнэн мин хайаан да Накыын бырамыысыланнас былаһааккатыгар үлэлиир Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээтигэр үлэлиэхпин баҕарарым. Хас нэдиэлэ аайы ХБК хонтуоратыгар тиийэн, үлэ туоһулаһан тахсарым. Оччолорго ити кэмбинээккэ үлэҕэ киирии олус судургута суоҕа. Мин эрэ буолуо дуо, каадыр отделыгар тиэстээччи үгүс эбитэ буолуо. Ол да буоллар, арааһа, мин тохтоло суох, дьаныһан туран тиийэ турарбын бэлиэтии көрөннөр, балтараа ый курдугунан дьэ, табыллыбытым. Атырдьах ыйыгар баахта ньыматынан 15-с №-дээх хайа-байытар фабрикаҕа сезоннай кэмҥэ 14/14 күн үлэлииргэ (14 күн үлэлиигин, 14 күн сынньанаҕын) конвейер массыньыыһын үлэтэ тахсыбытыгар киирбитим. Быһааран эттэххэ, ХБК байытар холбоһуга икки комплекстаах: сылы быһа эргиччи үлэлиирэ – 16-№-дээх байытар фабрика диэн, оттон дьыл сорох кэмигэр үлэлиирэ (сезоннайа) – 15-с №-дээх ОФ.
Мин хайаан да манна бастайааннай үлэни булунар соругу туруорунан, үлэҕэ үөрүйэхтэнэр, уопутурар, сатабылга уһуйуллар туһугар ылбыт билиибин иҥэринэн, билиини хаҥатынар суолу тутуспутум.
«Төһөнөн кыһанаҕын, дьаныардааххын, оччонон үтүө түмүк ситиһиллэр” диэн баһылыахтаах идэлэрин тала, толкуйдана сылдьар оскуола үөрэнээччилэригэр уонна бүтэрээччилэргэ анаан сүбэлиэм этэ. Оттон идэни уонна үлэлиир тэрилтэни бу идэбинэн манна үлэлээн, олоҕум бөҕөх туруктаах буоларын ситиһиэм диир түгэҥҥэр таларыҥ ордук».
Ити курдук, үлэлээтэҕим аайы бэйэбин үтүө өттүттэн көрдөрөн, сууйуу сезона бүтэрин саҕана, 2006 сыл сэтинньитигэр миигин сылы эргиччи үлэлиир 16-с №дээх ОФ-ка дробильщигынан көһөрбүттэрэ. Оччолорго фабрика кэлэктиибэ эдэрэ, орто саас – 28 этэ. Бары да олус доҕордуу, аһаҕас уонна энтузиазмнаах буолан биэрбиттэрэ, уопуттарын үөрүүнэн үллэстэллэрэ. Мин саҥа кэлэктиипкэ, симиэнэҕэ да чэпчэкитик киирэбин. Бэйэм кэпсэтэн-ипсэтэн иһэр үгэстээх, иирсээнэ суох киһибин. Үлэм бастакы күннэриттэн саҕалаан барытын сэргии, сэҥээрэ көрбүтүм. Барыта да сонун этэ – саҥа тэрил, муҥутуур аныгы фабрика. Эбэн эттэххэ, бу 16-с №-дээх ОФ 2003 сыл атырдьах ыйыгар үлэҕэ киирбитэ. Күн бүгүҥҥэ диэри автоматизация муҥутуурдук туттуллар, алмаас бырамыысыланнаһыгар, АЛРОСА-ҕа эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа Федерациятын үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар хайа-байытар фабрика буолар.
Артур билиммитинэн, бастаан утаа, салайааччы быһыытынан үлэлиэн иннинэ дьону, уһуннук үлэлээбиттэри хайдах соруйан, дьаһайан барыахпыный диэн салла санаабыт. Кэлин халтайга куттаммытын өйдөөбүт. Саҥа начаалынньыгы биир идэлээхтэрэ ылыммыттар. Кини ыйыытын-кэрдиитин истэллэр, ону тэҥэ сүбэни-соргуну да харыстаабакка үллэстэллэр эбит. Оттон ол сүбэ-ама саҥа саҕалыыр салайааччыга олус наада этэ.
Билигин кини кэлэктиибин ситиһиилээхтик эрэ салайар буолбатах, ону таһынан үлэ-дьайыы оптимизациятыгар сыһыаннаан тус идеяларын үллэстэр.
— АЛРОСА-ҕа урут-уруккуттан саҥа үлэҕэ киирээччигэ кэлэктиипкэ түргэнник үөрүйэхтэнэригэр көмөлөһөр туһуттан, билиини уонна уопуту үллэстэр, ону таһынан идэлээх быһыытынан түргэнник сайдарга көмөлөһөр уопуттаах үлэһити – настаабынньыгы сыһыарыы үтүө үгэһэ баар…
— Настаабынньыктарым элбэхтэр. Инженер уонна салайааччы быһыытынан сайдарбар ол кэмҥэ миэхэ – 15-с №-дээх ОФ начаалынньыга Е.Г. Попадьин (хампаанньаттан барыар диэри кылаабынай обогатитель солбуйааччытыгар тиийэ үүммүтэ); оччолорго 16-с №-дээх ОФ кылаабынай инженерэ, билигин 16-с №дээх ОФ начаалынньыга – И.В.Аксёнов; оччолорго 16-с №-дээх ОФ начаалынньыга, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор С.В. Каморников.
Оттон миигин инники, “передовойга” сылдьар кэммэр иитэн-такайан таһаарбыт, технология симиэнэтин маастарын сатабылыгар үөрэппит, сыһыарбыт дьонум – урууданы бэлэмниир уонна байытыы учаастагын начаалынньыга (УРиО) А.Ю.Куковскай уонна УРиО начаалынньыгын солбуйааччы В.В.Павлов буолаллар.
Настаабынньыктааһын көмөтүнэн мин сөбүгэр түргэнник үүммүтүм. Оттон бэйэҥ эмиэ кыһаныаххын наада. Кыһамньылаах, үлэҕэ дьулуурдаах буолуу ирдэнэр.
2007 сыл ыам ыйыгар буолбут түгэни күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн: баахтаҕа үлэлии кэлбитим, арай көрсүһүүгэ салалтам этэр: “15-с №-дээх ОФ технологическай симиэнэтигэр маастарынан бараҕын”. Соһуйбут омуммар, этэргэ дылы, сыҥааҕым түһэ сыспыта. Судургутук “олус соһуйбутум” диэтэхпинэ, ситэтэ суох буолуоҕа. Хайдах? Ама?! Ол кэмҥэ мин баара эрэ алта ый үлэлээбит ыстаастааҕым эбээт. Оттон миэхэ инженер-тиэхиньик дуоһунаһын биэрэллэр! Бэйэм олус эппиэтинэстээх уонна бэйэбэр ирдэбиллээх буолан, бирикээскэ илии баттыам иннинэ 10 мүнүүтэ курдук толкуйдаан турбутум. Ол сезоҥҥа бэркэ үлэлээбиппит, оттон эһиилгитигэр – туох да ааттаахтык.
«Настаабынньыктааһын суолтата, оруола – сүҥкэн. Кинилэр көмөлөрүнэн иһитиннэриини быдан түргэнник иҥэринэҕин, сыаната биллибэт үтүө уопуту ылаҕын. Оттон ол барыта – эн идэҕэр сайдаргар биллэ көмөлөһөр».
2009 сыллаахха миигин 16-с №дээх ОФ УРиО технологическай симиэнэтин маастарыгар көһөрбүттэрэ. Онтон кэлэр үс сыл устата, үгүс өттүгэр 16-с №-дээх ОФ ыстаарсай маастардара уоппускаҕа баралларыгар солбуйар этим. 2012 сылтан аны 16-с №дээх ОФ-ка быстайааннай өрүккэ ыстаарсай маастарынан анаммытым. Ити кэмҥэ балай эмэ уопуту мунньуммут үлэһит этим. УРиО начаалынньыга уонна кини солбуйааччыта суох кэмнэригэр солбуйар буолбутум. Билигин да бу дуоһунаспар үлэлии сылдьабын. Үлэлээбитим 15 сыл буола охсубут. Этэргэ дылы, буортулаах диэҥҥэ киирсэр ыстаас туолбута быданнаабыт. Билигин мин биэнсийэҕэ эрдэлээн тахсар кыахтаах эбиппин (күлэр).
Настаабынньыкка тиийэ үүнүү
— 15 сыллаах уопут… Бэйэҥ настаабынньык буолбутуҥ быданнаатаҕа?
— Оннук. Билигин бэйэм үгүстэргэ настаабынньыкпын. Мин хас да үөрэнээччим бэлиэр технологическай симиэнэ маастарынан үлэлии сылдьар. Үлэлээбитим тухары мунньуммут баай уопуппун эдэр үлэһиттэргэ уонна саҥа үлэҕэ киирээччилэргэ үөрүүнэн үллэстэбин. Бэйэм эмиэ оннугу аастаҕым. Этэргэ дылы, “биһиги бастакы да, бүтэһик да буолбатахпыт”. Ол да иһин, настаабынньыктааһыны быһымыахха наада, ол быһыннаҕына, хас эмэ уонунан сылларга мунньуллубут сыаната биллибэт сүдү уопут сүтэригэр тиийэр.
«Настаабынньыктааһыҥҥа сүрүн үлэҕэ курдук принципиальнайдык сыһыаннаһабын, туһунан үлэ диибин”.
Үлэ сүнньүнэн алҕастаах түгэннэригэр, бэл, санаа да сыппат дьонугар да, хайаан да ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрэбин. Ол кинилэр сөптөөх суолунан баралларын, таһымнара үрдээн иһэрин туһугар. Кырдьыгынан эттэххэ, араас буолар. Ол гынан баран, тус сыһыан үлэҕэ, оҥорон таһаарыыга дьайыа суохтаах. Сорох оҕо таах ааһан иһэн кэриэтэ үөрэҕи ылынар, барытын иҥэринэр дьоҕурдаах, оннук оҕолуун үлэлиир астык. Ол быыһыгар миэстэтигэр тэпсэҥнээн-тэпсэҥнээн баран, эмискэ “уһулу ойон тахсар” эмиэ баар буолар. Ким эрэ өйдөөбөт, ким эрэ саҥа киллэриини утарар, ол кэнниттэн ылыныы уонна бэринии түһүмэҕэ кэлэр. Ити барыта араастык ааһар, бары да дьон буоллахпыт, маарыннаспат, уратылаһар өрүттээхпит. Ол да буоллар, бүгүн бэҕэһээҥҥитээҕэр ордук буоларга кыһаныахха уонна оннукка дьулуһуохха.
— Ыстаарсай маастар эбээһинэһигэр туох киирэрий?
— Ыстаарсай маастар бары учаастактарга технологическай симиэнэ тэтимнээхтик үлэлиирин тэрийэр, ол гынан баран, кини сүрүн үлэлиир-дьарыктанар сирэ – урууданы бэлэмниир уонна байытар учаастак буолар. Мин таҥастааһын (туоннанан ааҕыллар), алмаас хостооһуна (караатынан), арааран ылыы (бырыһыанынан) курдук тутаах көрдөрүүлэр былааннарын толорторууга эппиэтинэстээхпин. Үлэҕэ, оҥорон таһаарыыга куттал суох буолуутун хааччыйыыга, дьон олоҕун уонна доруобуйатын туругар эппиэттээхпин. Оттон ол – биһиги үлэбит биир тутаах суолталаах элэмиэнэ. Хайа-байытар фабрикатын тэриллэрэ саахала суох үлэлииллэрин тэрийэбин. Биһиги үлэбитигэр кылгас да кэмнээх тохтобул (простой) табыллыбат. Ирдэнэр технологическай параметрдары тутуһан туран, технологическай дьайыы сөпкө оҥоһуллуутун хонтуруоллуубун. Тэрил уонна тимир конструкциялары өрөмүөннүүр үлэ тэрээһинигэр кыттабын.
Үлэлиир тэрил туһунан этэр буоллахха, хас биирдиилэригэр ураты сыһыан наадатын бэлиэтиибин. Буолан баран, өрөмүөннүүргэ. Дэлэҕэ, ардыгар кинилэри кытта “кэпсэтэр” да түгэн баар буолуо дуо? Истэргэ күлүүлээҕин иһин, ардыгар алдьаммыт тэрил иннигэр олоппос туруоран баран, онно олорон кинилиин “кэпсэтэн” бараҕын. Ол “сэлэһэ” олорон тугу уонна хайдах гыныахтааҕыҥ төбөҕөр киирэн кэлэр.
Уопсайынан, үлэм үрдүк эппиэтинэһи уонна болҕомтолоох буолууну ирдиир. Учаастакка араас буолуон сөп, ол гынан баран, үөскүүр кыһалҕалары биһиги суһаллык быһаарабыт. Сүрүнэ, өссө төгүл хатылыыбын, биһиги үлэбит – оҥорон таһаарыы учаастагар үлэ тохтобула суох барарын уонна түмүгэ көдьүүстээх буоларын хааччыйыы. Ону да ситиһээри биһиги үлэлиир буоллахпыт.
— Былаан, көрдөрүү туһунан эттэххэ, бу сыллар тухары үлэ кээмэйэ, көрдөрүүтэ да, арааһа, улааттаҕа?
— Оннук, үлэ кээмэйэ биллэ улаатар. Билигин иллэҥ кэм суоҕун да тэҥэ. Оҥорон таһаарыы үлэтин таһынан атын боппуруостарынан эмиэ дьарыктанаҕын. Ол ырыынак, аан дойду конъюктурата уларыйыытын кытта сибээстээх буолуон сөп. Оттон уонна олорор да кэммит уруккулуу буолбатах, атын. Ол эрэн, үлэм эбээһинэстэригэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһабын: наада — ол аата наада. Этэргэ дылы, “звоноктан звонокка” диэри таһаарыылаахтык үлэлиибин, оннук сыһыаны салайар дьоммуттан ирдиибин.
«Киһи үлэлиир эйгэтигэр профессионал буолуохтаах, үлэлээбит ыстааһыттан уонна регалиятыттан тутулуга суох, хаачыстыбалаахтык үлэлиэхтээх диэн бириинсиби тутуһабын».
Билигин, 15 сыл ааспытын кэнниттэн, оҥорон таһаарыыга сыһыаннаах үгэс буолбуттан атын (стандартнайа суох) боппуруостары быһаарарбын, саахал тахсыан сөптөөх балаһыанньатын туоратарбын сөбүлүүр буоллум, ону баһаардахха, кыайдахха астыныы кэлэр. Үлэни сэргэхситэн биэрии да диэн өйдүөххэ сөп (күлэр).
— АЛРОСА-ҕа оҥорон таһаарыы көдьүүһүн үрдэтэр туһуттан саҥаны киллэрээччилэр (рационализатордар) күрэхтэрэ тэриллэр, хампаанньа үлэһиттэрин араас көҕүлээһиннэрин өйүүр, үлэһиттэрин Арассыыйа араас куонкурустарыгар уонна тэрээһиннэригэр кытыннарар. Бу өттүгэр туох эмэ ситиһиилэр бааллара эрэбил: тус бэйэҥ эбэтэр кэлэктиипкин да кытта буоллун?
— Бу сылларга кыра да, улахан да кээмэйдээх элбэх рационализатордыы идея олоххо киирдэ. Холобур, тутаах тэрили тупсаран оҥорууга биир идэлээхпиниин кыттыгас идеябытын кытыннарбыппыт. Бу маны дьиҥ олоххо киллэрии сэмэй ааҕыынан хас сыл аайы 5 мөлүйүөн солкуобай экэниэмийэни биэрэр. Бу үлэбит иһин биһиэхэ ботуччу бириэмийэни анаабыттара саныахха да астык, кэнэҕэһин үлэ көдьүүстээх буолуутун да көҕүлүүр. Ону таһынан, АЛРОСА сыл аайы ыытар рационализатордыы этии куонкуруһугар эмиэ бириистээх миэстэни ылбыппыт. Илиинэн үлэни аҕыйатыыга эбэтэр суох оҥорууга, ону таһынан технологическай дьайыыны, тэрили тупсарыыга сыһыаннаах, экэниэмийэ өттүнэн туһата суох үлэ да эмиэ элбэх.
Хамсык сыла элбэххэ үөрэттэ
— Кэлэктиип түмсүүлээх буолуута, биир санаанан салайтаран үлэ – элбэҕи быһаарар. Оттон эһиги кэлэктиипкит хайдаҕый?
— Бу курдук табыллан таҥыллыбыт, биир сомоҕо буолан үлэлиир кэлэктиипкэ үлэлээһин – чахчыта да, табыллыы. Үрдүк эппиэтинэстээх, баай уопуттаах, биирдик саныыр кэлэктииптээх түгэҥҥэ, омуна суох, таас хайаны да суулларыахха сөп. Кэлэктиип биир сомоҕо буолуута, күүһэ ордук уустук кэмнэргэ көстөн кэлэр. Холобур, бу хамсык сыла элбэххэ үөрэттэ. Кэннини хайыһан ааспыты көрөр буоллахха, туох суоҕай, хайдахтаах уустук соруктары толорбуппутуй, кыайбыппытый?! Оттон бастаан утаа кыаллыа да суох курдуга эбээт…
«Биһиги кэлэктииппит – сөпкө таҥыллыбыт, табыллыбыт кэлэктиип, үлэһиттэрбит баһыйар өттүлэрэ олус эппиэтинэстээх уонна идэлэригэр бастыҥ, чаҕылхай дьон. Кинилэрдиин үлэлиирбиттэн дуоһуйабын».
Мин саныахпар, кэлэктииби салайааччы тэрийэр. Өскөтүн кини хайдах баарынан, дьаалатынан ыытан кэбистэҕинэ, кэлэктиип ыһыллар, бытарыйар… Ол иһин, хаһан баҕарар бииргэ тута, түмэ сылдьыахха, ону тэҥэ кэлэктииби харыстыахха, маныахха, дьайыахха уонна үлэлээччини өйүөххэ, көҕүлүөххэ наада. Бу барыта – тэрийэр үлэ биир тулхадыйбат өлүүскэтэ.
— Баахта ньыматынан үлэлиигин, хайдаҕый?
— Оннук, мин баахта ньыматынан үлэлиибин. Этэн аһарбытым курдук, Ньурба улууһугар баар Накыыннааҕы бырамыысыланнас былаһааккатыгар үлэлиибин. Оттон ХБК хонтуората бэйэтэ Мииринэйгэ баар. Урут баахтанан үлэ 14/14 диэн этэ. Бу хамсык үлэ хаамыытыгар уларытыылары киллэрэн, ааспыт 2020 сыл муус устарыттан 2021 сыл муус устарыгар диэри 56/56 графигынан үлэлээн кэллибит. Аны, баахта иннинэ булгуччу 14 күннээх обсеравторга сытыы ирдэнэр. Олус уустук этэ. Ол гынан баран, бу кыһалҕаттан ылыллыбыт миэрэ буоларын өйдүөххэ наада. Ыам ыйыттан саҕалаан 28/28 күннээх кыраапыкка көһүөхтээхпит. Арыый чэпчиэ.
Олорор сир туһунан этэр буоллахха, 2019 сылга диэри бастаан дьиэ кэргэммин кытта Мииринэйгэ олорбуппут, ол кэнниттэн Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Мантан Ньурбаҕа диэри таксинан тиийэбин, онтон салгыы үлэлиир былаһааккабытыгар бөртөлүөт илдьэр-аҕалар. Мин санаабар, баахта ньымата – туһунан арамаантыкалаах, үтүө да, мөкү да өрүттэрдээх, ол гынан баран, үтүө өрүтэ быдан элбэх, үөрүйэхтэнэҕин. Уопсайынан да, АЛРОСА үлэтэ – энтузиазмнаахтык сыһыаннастахха, олус интэриэһинэй ээ. Сүрүнэ, үлэҕин сөбүлүөххүн наада. Сөбүлээбэт түгэҥҥэ үлэҥ сыыйа адаҕаҕа кубулуйар. Онно эбии туохтан эрэ наар астыммат, кыйытта сылдьыы саҕаланыа, оннук сылдьан үлэлээбитиҥ көдьүүһэ дуона да суох буолуо. Үлэҕэ эппиэттэһэр сөптөөх хамнас уонна бөҕө туруктаныы тардар.
«Астык кэлэктиип, сиэрдээх хамнас уонна интэриэһинэй идэ – АЛРОСА хампаанньаҕа салгыы үлэлииргэ тардар үс төрүөт».
— Үлэттэн атын кэмҥэ тугунан дьарыктанаҕын?
— Дьиктитик иһиллиэ буолан баран, сынньанабын. Бэрт уһун кэм устата, биир да өрөбүлэ суох, хас күн аайы 12 чаас устата оҥорон таһаарыы сэрэхтээх эбийиэгэр үлэ – эт-хаан, өй-санаа да өттүнэн сылаалаах. Ол да иһин, баахтанан үлэ сынньалаҥа эмиэ хаачыстыбалаах, уһун гына таҥыллар.
Өрүүр кэммэр дьиэ кэргэммин, оҕолорбун кытта бииргэ буола сатыыбын. Дьыл ханнык кэмэ турарыттан тутулуга суох үгүстүк айылҕаҕа сылдьабыт. Хамсык иннинэ элбэхтик айанныыр этибит.
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас
АЛРОСА пресс-сулууспатын хаартыскалара