Арсен Томскай «inDriver от Якутска до Кремниевой долины» кинигэтэ
Суруналыыска үлэтигэр күнтэн күн саҥа тиэмэ тосхойор. Бэҕэһээ санаан даҕаны көрбөтөх олох дьикти, бииртэн-биир атын хайысханы бүгүн өйдүү сатыы, хасыһа сылдьар буолаҕын. Муус ылыытын, улуу киһи олоҕун, халлаан тымныытын, оннооҕор хотон сыбаҕын ымпыгар-чымпыгар киирэн, үөрэтэн киирэн бараҕын. Ити курдук киэҥ далааһыннаах, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыана суох көстүүлэри уонна быһылааннары сырдата сылдьан, бу күһүҥҥүттэн наар биир киһиэхэ “кэтиллэ” түһэбин.
Санаан көрүҥ – эбии ыйааһыны түһэрии, оҕо тоҕо кэлэҕэй буолара, дьиэни куупал анныгар тутуу – ырааҕынан дайа сылдьар тиэмэлэр. Ол да буоллар, барытыгар биир киһи, Арсен Томскай, чугас сыһыаннаах буолан биэрдэ. Кэнники кэпсэтиибитигэр Арсен Григорьевич биирдэ “Кинигэбин ылан аах эрэ, туох диэн саныыргын билиэм этэ” диэтэ. Соторутааҕыта күн сирин көрбүт «inDriver от Якутска до Кремниевой долины» диэн кинигэтин ити курдук бэлэхтээн кэбиспитэ. Бу кинигэни көрдөһүүтэ да суох булан ааҕар былааннаах этим, онон, эгэ эрэ буоллаҕа дии, үөрүүнү кытта сөбүлэстим. Дьэ туох кинигэ эбитий?
Кинигэ ахтыы быһыытынан суруллубут. Ааптар бэйэтин олоҕун суруйарын быыһыгар, биир киһиттэн турар хампаанньа хайдах сүүнэ улахан аан дойдутааҕы корпорация буола үүммүтүн кэпсиир. Инньэ гынан, ааҕааччы биир киһи олоҕун туһунан эрэ буолбакка, биисинэс сайдыытын туһунан сиһилии кэпсээни ааҕар. Арсен бэйэтин олоҕун туһунан олус аһаҕастык кэпсиирэ суруйуу ис хоһоонугар көстөр. Туох хомоппутун, уолуппутун, кимтэн кыйахаммытын, үөрбүтүн кистээбэккэ уонна судургутук суруйар. Кинигэҕэ билигин даҕаны үрдүк дуоһунаска үлэлии олорор элбэх дьон ахтыллыбыт. Кинилэри кытта хайдах үлэлэһэ, өйдөһө сатаабытын туһунан ханарыппакка, ааттарын кистээбэккэ суруйбута, кинигэни ордук кырдьыктаах, тыыннаах оҥорор.
Маннык хабааннаах кинигэ ааҕааччылар истэригэр хайаан даҕаны «бэйэтэ суруйбут дуу, дьоҥҥо суруттарбыт дуу» диэн ыйытыыны үөскэтэр. Тус бэйэм, ааптары кытта сирэй көрсөн кэпсэппит киһи буоламмын, бэйэтэ суруйбутугар олоччу итэҕэйдим. Кинигэ суруллубут «буочарыгар» Арсен куолаһын тута таайаҕын – кимиилээх соҕустук, арыый ыксаабыт курдук кэпсээһин үкчү Томскай бэйэтэ кэпсэтэрин курдук.
Ол эрэн, сорох сирдэринэн кэпсээни атын омук тылыттан тылбаастаабыт курдук түгэннэр бааллар. Холобур, ГАИ үлэһитэ тохтоппутун хоһуйарыгар “милииссийэ үлэһитэ” диирин оннугар “офицер” диэн суруллубута Америка боевигыттан түгэн курдук иһиллэр. Эбэтэр охсуһуу туһунан суруйарыгар “сильно ударил в живот” диир. Сөбүнэн сөп эрээри, хайдах эрэ олуонатык иһиллэр – боротокуолга суруйбут курдук. Чэ, ити эбэтэр эрэдээктэр кэнники эбиитэ эбитэ дуу, эбэтэр саҥа суруйбут ааптар толоос хоһуйуута буолуон сөбө дуу. Сүрүннээн айымньы ис киирбэхтик, киһини ис хоһоонунан үлүһүтэр гына суруллубут.
Кинигэ ис тутула
Айымньы ааптар олоҕун сүрүн түгэннэринэн хас даҕаны баска араарыллыбыт. «Программист», «Фрилансер», «Предприниматель», «Искатель», «Развиватор» диэн. Бэйэтин олоҕун сайдыытын хоһуйар бастарга, тус олоҕун хампаанньатын сайдыытын кытта дьүөрэлээн, олус сатабыллаахтык сааһылаабыт.
Кинигэҕэ буолан ааспыт кэмнэр көстөллөр. Саамай ырааппыта, отучча сыл анараа өттүгэр, биһиги дойдубутугар көмпүүтэр диэни харахтаабыт дьон ахсааннаах кэмнэрин хоһуйар. Үөрэх кыһатын хайдах бүтэрэн, программист быһыытынан быыкаайык, саҥа үөскээн эрэр эйгэҕэ бэйэтэ үлэлиир ньыма тобулан, кэммиэрчэскэй бааннарга үлэлээн барбытын кэпсиир. Онтон сыыйа хампаанньатын хайдах тэринэн барбытын, бииргэ үлэлиир кэлэктиибин сүүмэрдээбитин, туох ыарахаттары көрсүбүтүн, арыйыылары оҥорбутун сиһилии сэһэргиир.
Сороҕор, маннык ис хоһоонноох кинигэлэргэ, наар ситиһиилэр уонна кыайыылар тустарынан кэпсэммит буолар. Оттон Арсен Томскай кыайыылары даҕаны, хотторуулары даҕаны кистээбэккэ суруйар. Төттөрүтүн кыайтарбыт, алҕаһаабыт өрүттэригэр тохтоон, сиһилии ырытан биэрэр. Бу кинигэ көннөрү аралдьытар ааҕыыттан сүрүн уратыта итиннэ сытар. Онон эдэр ыччакка туһалаах буолара саарбахтаммат.
Буолбуту ахтыы
Тус бэйэбин бу айымньы аттыбар буолбут дьиҥнээх олоҕу хоһуйар өттө быдан күүскэ абылаата. Үөрэх «быһа сиэбит» оҕото “биисинэс акулатыгар” кубулуйуутун туһунан устуоруйа, туох даҕаны эбии киэргэтиитэ суох интэриэһинэй. Оттон итиннэ кэпсэнэр быһылааннар курдугу бэйэҥ уу хараххынан илэ көрбүт буоллаххына, ааҕыыттан сатаан арахпат үлүгэрэ буолар эбит. Ykt.ru саайт сайдыытын, омуна суох, маҥнайгы күннэриттэн кэтээбит киһи буоллаҕым! Rulez&Sux балаһаларыгар уус-уран суруйууга эрчиллибитим, “Дневники” балаһаҕа өр сылларга олорон, блогер быһыытынан сайдыбытым. Ykt.ru дизайнын уларыйыыларыгар ардыгар хайҕаан, үксүгэр утарылаһан, элбэх сырабын бараабытым. “Индрайвер” такси сулууспата өссө “Вконтакте” саайтка аһыллыаҕыттан туһаммытым. Дьэ уонна саайт хайдах сайдыбытын, такси сервиһэ хайдах атыылаһыллыбытын, таҥыллыбытын, кыра-кыралаан саҥаттан айыллыбытын туһунан тэрийбит киһи бэйэтэ суруйбутун ааҕар олус интириэһинэй эбит.
Сайдыы туһунан дьиҥнээх остуоруйа
Салгыы Саха сириттэн тахсан, Арассыыйа уонна аан дойду куораттарын биир-биир “ылан испитин” туһунан кэпсэнэр. Устуоруйа бу өттө эмиэ туспа кэрэхсэбиллээх. Атын омук дьоно саха киһитэ айбыт сулууспатын хайдах ылыммыта, сайдыы суолун ситиһиилэрэ уонна бүдүрүйүүлэрэ өйтөн суруллубут мүччүргэннээх сырыылар курдук ааҕыллар. Казахтар хайдах тута ылыммыттара, үрдүк сололоох тойоттор бэрик көрдөөн мэһэйдэспиттэрэ, Бирма, Индонезия, Мексика курдук ыраах дойдуларга биисинэс кимэн киириитэ, миллиардынан эргитэр сүүнэ улахан хампаанньалары кытта күөн көрсүһүү, барыта олус судургу тылынан быһаарыллар. Кэпсээччи – аттыбытыгар улаапыт саха чулуу уола.
Бу кинигэ соторутааҕыта, аны, англия тылынан тахсыбыта. Кинигэ таһыгар ааптар төрөөбүт сирин көрдөрөрдүү, тымныыга кырыаран турар мэтириэтэ баар. Онон аан дойду дьоно Стив Джобс, Трамп, Черчилль ситиһиилэрин туһунан ахтыыларын ааҕалларын сэргэ, саха уолун ситиһиигэ аналлаах сүбэлэрин болҕомтолоругар ылыахтара.
Кинигэ “Альпина Паблишер” кыһаҕа наһаа улахана суох тираһынан тахсыбыт. Сэрэйдэххэ, эбии бэчээттэнэрэ буолуо. Оттон маҥнайгы тираж сэдэх библиографическай таһаарыы буолара чахчы. Кумааҕы кинигэни ааҕартан тэйбиттэр “ЛитРес” электроннай кинигэ маҕаһыыныгар арыый чэпчэки сыанаҕа атыылаһыахтарын сөп.
Сэһэн түмүгэр, аар-саарга аатырбыт, аатыгар ахтыллыбыт “Силикон хочоҕо” “Синет” хампаанньа тиийиитэ хоһуйуллар. Бу – билигин аан дойду инновационнай сайдыытын инники кирбиитэ. Манна киһи-аймах сарсыҥҥыта айылла турар. Бүгүн сири-дойдуну баһылаабыт “Фейсбук”, “Гугл”, “Эпл”, “Убер” курдук хампаанньалар салаллар хонтуоралара манна олохсуйбуттар. Олор аттыларыгар Дьокуускайга олохтоммут хаары бүрүммүт хампаанньа тэҥҥэ үүнэр былааннаах кэккэлэспит. Кинигэҕэ суруллубуттар сайдыы саҕаланыыта эрэ буолалларын бүгүҥҥү күн туоһулуур. Соторутааҕыта Арсен Томскай “инстаграмыгар” “Индрайвер” күн аайы мөлүйүөнтэн тахса сырыыны оҥорор таһымы ааспытын биллэрбитэ. Онон манна суруллубут кэпсээн дьиҥнээх олоххо салҕанан бара турар.
Түмүккэ
Бу саха литературатыгар “success story” жанрга бэйэ аатыттан суруллубут маҥнайгы кинигэ буолар. Ситиһиигэ дьулуһар эдэр дьоҥҥо анаммыт бестселлер курдук сыаналыахха сөп. Ону сэргэ, тус бэйэни тупсарарга, киһи быһыытынан сайдарга хайдах баарынан аһаҕастык, сиһилии, киһини сэҥээрдэрдии суруллубут. Уопсайынан, олох туһунан элбэҕи билиэн баҕалаахтарга барыларыгар анаммыт. Түмүктээн эттэхпинэ, аттыбытыгар улааппыт, үүнэн-сайдан тахсыбыт биир дойдулаахпыт аан дойдуну баһылаабытын туһунан кинигэ кимиэхэ барытыгар интэриэһинэй буолуоҕа.
Егор КАРПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru