Арктикатааҕы университет үөрэҕи, науканы, оҥорон таһаарыыны тэҥҥэ дьүөрэлээн үлэлиир

Ааптар: 
19.06.2020
Бөлөххө киир:

Скальпелэ суох хирург, кирпииччэтэ суох оһохчут суоҕун кэриэтэ, ханнык даҕаны үөрэх быраактыката суох үчүгэй исписэлиистэри бэлэмнээбэт. Саҥалыы тыыннаах, ураты көрүүлээх Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университет үөрэҕи, науканы, быраактыканы, оҥорон таһаарыыны дьүөрэлии тутан үөрэтэр киэҥ хабааннаах үлэтин саҕалаата.

edersaas.ru

Икки диплом

Биллэрин курдук, Тыа хаһаайыстыбатын академията быйыл муус устартан Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет (АГАТУ) аатын сүкпүтэ. Ону кытта саҥа идэлэргэ үөрэтэр, сонун бырайыактары олоххо киллэрэр. Арассыыйа, ону таһынан тас дойдулар үрдүк үөрэх кыһаларын кытары үлэлэһэр, уопут атастаһар. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр Арктикатааҕы университет устудьуоннарыгар туох кыаҕы биэрэрин, хайдах усулуобуйаны олохтуурун биирдиилээн наардаан көрүөҕүҥ. Күн бүгүн университет “Икки диплом”, устудьуоннар уонна преподавателлэр уопут атастаһыылара, норуоттар икки ардыларынааҕы быраактыка бырагыраамаларын үлэлэтэр.

Ол курдук, бастакынан, М. Козыбаев аатынан Хотугу Казахстан судаарыстыбаннай университетын кытта дуогабар түһэрсибиттэр. Онно олоҕуран, холобура, манна бэтэринээр үөрэҕэр киирэн баран, тас дойдуга экэнэмиис дипломун ылыахтарын сөп диэн университекка быһаараллар. Ити курдук, уопсайа, хас даҕаны үөрэх хабыллар. Устудьуоннар маннааҕы уонна анарааҥҥы университеттарга миэстэтигэр баран үөрэнэллэр. Үөрэхтэрин бүтэрэллэригэр тута икки дипломнаах үлэһит буолан тахсаллар.

Уопут атастаһыыта

 Аны, иккиһинэн, устудьуоннар уонна преподавателлэр уопут атастаһыыларыгар университет улахан болҕомтону уурар. Аҕыйах кэмтэн бэттэх Казахскай национальнай аграрнай университеты кытта сибээһи олохтообуттар. АГАТУ-га бакалавриакка уонна магистратураҕа үөрэнэр устудьуоннар онно баран 1 семестр үөрэниэхтэрин, уопут атастаһан кэлиэхтэрин сөп. Ону таһынан, тустаах хайысхаҕа дойду тарбахха баттанар биир бастыҥ кыһатын – Ставропольетааҕы судаарыстыбаннай аграрнай университеты кытта үлэлэспиттэрэ балачча ырааппыт. Устудьуоннар баран 1 семестр үөрэнэллэр. Онон, бу номнуо олохтоммут ньыма диэххэ сөп.

Быраактыкалана таарыйа хамнас аахсаллар

Үсүһүнэн, норуоттар икки ардыларынааҕы уопут атастаһыытыгар эмиэ үлэлэһэллэр. Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай аграрнай университеты кытта бииргэ үлэлэһэр буолан, Германияҕа кинилэр баазаларыгар устудьуоннары быраактыкаҕа ыыталлар. Устудьуоннар фермердэргэ быраактыка бара таарыйа, 3-4 тыһыынча евро хамнас аахсан кэлэллэр эбит. Бу номнуо хаһыс даҕаны сылын тиһигин быспакка туһаныллар уопут.

 

Омук тылыгар босхо үөрэтэллэр

—Бука, ирдэбилэ кытаанах буолуо, – диэн ыйыттым. Онуоха: —Аҕыйах сылтан бэттэх Арктикатааҕы университеттар ситимнэригэр (UArctic) киирдибит. Манна скандинавскай дойдулар бары, АХШ, Канада хапсаллар. Ону таһынан, СНГ аграрнай университеттарын чилиэнэ буоллубут. Бу Сойууска киирбит университеттарга аан аһаҕас. Саамай улахан ирдэбил – омук тылын билиэхтээхтэр уонна үөрэхтэригэр үчүгэй буолуохтаахтар.

Ол инниттэн университеппытыгар бэйэбит устудьуоннарбытын нэдиэлэҕэ үстэ факультатив быһыытынан босхо омук тылыгар үөрэтэбит. Айаннарын төлөбүрүн университет уйунар, анараа университеттар суоттарыгар олороллор, ону таһынан, истипиэндьийэ төлүүбүт. Ыччат сэҥээрэр. Итини барытын биһиги университеппыт кыайа тутта, – диэн ректор Иван Слепцов кэпсиир. Онон АГАТУ-га киирбит устудьуоннар Финляндияҕа, Швецияҕа, Норвегияҕа, Канадаҕа, АХШ, Исландияҕа, Данияҕа баран үөрэниэхтэрин сөп. Ону таһынан, Даляннааҕы технологическай университекка (Кытай) баран 1 семестр үөрэнэллэр. Саамай сүрүнэ – устудьуон баҕата. Университет маныаха усулуобуйаны барытын олохтуур.

Баһырхай грант

Ааспыт сыллаахха университет Erasmus+ SAGRIS (үрдүк үөрэх кэнниттэн туруктаах тыа хаһаайыстыбатын уонна кэлэр кэм агро-систиэмэтин бэлэмнээһин) 87.000 евро суумалаах граны ылан турар. Бырайыак иитинэн үөрэх үһүс түһүмэҕин (аспирантураны) европейскай ирдэбилгэ олоҕуран сайыннарар, итиэннэ аспираннар чинчийии ыытар лабораторияларын аналлаах тэриллэринэн хааччыйыахтара. Аспираннар уонна үлэһиттэр Европатааҕы бииргэ үлэлэһэр дойдуларга үөрэниэхтэрэ, быраактыкаланыахтара.

Быйыл АГАТУ Краковскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын университетын (Польша) кытта Erasmus+ KA1 граныгар кыттыһан кыттыбыттар. Бу устудьуоннар уонна үлэһиттэр семестр устата Европа дойдуларыгар босхо үөрэнэллэригэр кыах биэриэн сөп.

РФ Бэрэсидьиэнин грана

Бэс ыйын 15 күнүгэр бэтэринээр устудьуоннар бырайыактара РФ Бэрэсидьиэнин 4 264 269 солкуобайдаах гранын ылла. Бырайыак иитинэн бэтэринээринэй мэдиссиинэ факультетын баазатыгар бэйдиэ сылдьар уонна дьиэ кыылларын босхо стерилизациялыахтара, кастрациялыахтара, үөрэтэр сэминээрдэри ыытыахтара. Устудьуоннар иккис бырайыактара эмиэ грант кыайыылааҕынан буолла. Ол гранынан СӨ Ыччакка бырабыыталыстыбатын кытта кыттыһан “Саҥа Саха сирэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа ыччатын пуорумун АГАТУ баазатыгар тэрийиэхтэрэ, “Эдэр фермер” дьыалабыай оонньуу буолуоҕа. Бырайыак олоххо киирэригэр 391 тыһыынча солкуобайдаах грант көрүллүбүт.

Доруобуйаҕа туһалаах аһытыы

Аны университет иһинэн тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах хаан, аһылык, комбикорм, сир, о.д.а. араас анаалыстары оҥорор лабораторияны аспыттар, тэрилин барытын атыыласпыттар. Олортон биирдэстэринэн аһытыы (закваска) оҥорор лаборатория буолар. Бу ханна даҕаны ханыыта суох, ураты аһытыы кымыс, курунга, быырпах оҥорорго туһаныллар. Састаабыгар үрдүк антибиотическай састааптаах култууралар киирэллэр. Өскөтүн билигин бу утахтары бэлэмниир улахан тэрилтэлэр килиэп доруоһатынан аһытар эбит буоллахтарына, инникитин АГАТУ киһи доруобуйатыгар туһаттан атыны аҕалбат лаксембиотик диэн аһытыытынан битэмииннээх саха утаҕын оҥорон таһаарар кыахтанар. Күн бүгүн аһытыыны бэлэмнииргэ тиэхиньиичэскэй усулуобуйатын регистрациялаппыттар.

Хортуоппуй саҥа суордун таһаарыахтара

Науканан дьарыктанар иккис хайысхаларынан биоклональнай-генетическэй лаборатория буолар. Манна университет учуонайдара күннэтэ, Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр хортуоппуй саҥа суордун таһаарарга үлэлэһэллэр. Икки сыл устата 10 суорду лабораторияҕа үүннэрбиттэр, быйыл сиргэ таһаарбыттар. Үс сылынан гибрид итиэннэ 9-10 сылынан өрөспүүбүлүкэҕэ букатын саҥа, бары өттүнэн хаачыстыбалаах, Саха сирин усулуобуйатыгар табыгастаах хортуоппуй үүнүүтүн хомуйарга суоттаналлар.

Эт боруодатын иитии

Үсүһүнэн, университет эттээх боруода сүөһүнү иитиинэн дьарыктанар. Хоту олорорбут быһыытынан, этэ суох сатаммаппыт. Билигин сии олорор сүөһүбүт боруодата үүккэ аналлаах. Университет бэйэтэ сүөһү иитэр, лабораториялаах, маныаха сөптөөх каадырдаах.

Абитуриент-2020

Ити курдук киэҥ көрүүлээх Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университет, уопсайа, 48 бырагырааманан үөрэтэр. Быйыл 1 500 кэриҥэ миэстэҕэ (Арассыыйа бүддьүөтүттэн 851 миэстэ көрүллэр) устудьуону ылар былааннаах бэс ыйын 15 күнүттэн үлэтин саҕалаата. Докумуону 5 көрүҥүнэн туталлар, ол курдук: университет бэйэтин саайтын нөҥүө, электроннай буостанан, Арассыыйа буостатынан итиэннэ “Мои документы» өҥө куораттааҕы уонна улуустааҕы офистарын нөҥүө. Онон улуус олохтоохторо туох даҕаны кыһалҕата суох докумуоннарын ыытыахтарын сөп.

Быйыл “теплоэнергетика уонна теплотехника”, “электроэнергетика уонна электротехника” (бакалавриат), “землеустройство уонна кадастр”, “ойуур дьыалата” (магистратура) диэн саҥа идэлэр аһыллыбыттар.

АГАТУ иһинэн Технология уонна управление кэллиэһэ үлэлиир. Манна 9-с уонна 11-с кылаас кэнниттэн аттестат орто баалынан ылан (биир кэлим эксээмэн баала ирдэммэт), орто үөрэхтээх үлэһиттэри бэлэмнээн таһаараллар. Ону таһынан, Өктөмнөөҕү филиалга үөрэххэ ылаллар.

Саха сиригэр аан маҥнайгынан диэххэ сөп, АГАТУ быйылгыттан төлөөн үөрэнээччилэри өйүүр ураты бырагырааманы олоххо киллэрэр. Ол курдук, быйыл төлөбүрдээх үөрэххэ киирбит оҕолор “В” категорияҕа массыына ыытар көҥүлү ыларга итиэннэ 11 оробуочай идэттэн (сыбаарсык, асчыт, парикмахер, тыҥырах, кыламан оҥорор маастар, уо.д.а.) талан үөрэнэллэригэр кыах бэриллэр. Сүрүн үөрэхтэрин төлөөбүттэрин иһин, кинилэр манна буор босхо үөрэнэллэр.

Саҥалыы тыыннаммыт университет аана абитуриеннарга куруук аһаҕас. 9-с кылааһы бүтэрбит оҕолортон саҕалаан аспирантураҕа тиийэ араас үөрэххэ ыҥыраллар. Онон Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет букатын саҥалыы көрүүлээх, үөрэҕи, быраактыканы, науканы уонна оҥорон таһаарыыны бииргэ дьүөрэлээн үлэлиир.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0