Ахсынньы 5-7 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы VIII форума ыытыллыаҕа. Манна Саха сирин дэлэгээссийэтэ кыттыыны ылыаҕа. Бу форумҥа сылын аайы 2 000 тахса киһи кыттар. Форумҥа биир сүрүн миэстэни уопсастыбаннай түмсүүлэр ылаллар. Тэрээһиннэр чэрчилэринэн, Арктика тирээн турар кыһалҕаларын дириҥник хорутан ырыталлар.
Быйыл барыта сэттэ хайысханан кэпсэтии барыаҕа. Ол иһигэр пленарнай мунньах, оробуочай бөлөх сиэссийэтэ, “төгүрүк остуоллар” ыытыллыахтара. Ахсынньы 5-6 күннэригэр Арктика сүрүн кыһалҕаларын ырытыыга, манна эрэгийиэннэр ылар оруолларын тустарынан икки улахан пленарнай мунньахтар буолуохтара. Хотугу муора суолун сайыннарыыга икки түһүмэхтээх улахан кэмпириэнсийэ былааннанан турар. Ону сэргэ, Арктикаҕа, хоту оройуоннарга авиацияны сайыннарыы туһунан кэпсэтиэхтэрэ, туризмы, тыа хаһаайыстыбатын, аччыгый, дьоҕус биисинэһи сайыннарыыны ырытыһыахтара.
Форумҥа биир сүрүн миэстэни энэргиэтикэ боппуруоһа ылыаҕа. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр хоту улуустарга тыал, күн күүһүн туһанар комплекстар үлэлии тураллар. Онон форумҥа биһиги холобурбут элбэхтэ ахтыллар буолуохтаах.
Санатан эттэххэ, Арктиканы сайыннарыыга Арассыыйаҕа тирэх зоналар тэриллэн тураллар. Олортон биир улахан зона биһиги хотугу улуустарбытыгар тэриллэн үлэлиэхтээх. Ону таһынан, Саха сирин салалтата Арктика зонатыгар 13 хотугу улууһу барыларын киллэрэргэ туруорсар. Билигин биэс улуус: Аллайыаха, Булуҥ, Усуйаана, Анаабыр, Аллараа Халыма, бу зонаҕа киирсэр. Манна өссө аҕыс улуус эбии киирэн биэриэхтээх. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев алтынньыга федеральнай көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ биэрбит интервьютугар эмиэ этэн турар. Онон бу боппуруос форум кэмигэр сиһилии ырытыллыаҕар эрэнэбит.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru