Бүгүн, ыам ыйын 10 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев нэһилиэнньэҕэ анал этиилээх быһа эпииргэ таҕыста.
edersaas.ru
Айсен Николаев бүгүҥҥү анал этиитигэр Арктика улуустарыгар бары хааччахтар уһуллалларын туһунан эттэ. Манна 50-тан элбэх киһи мустар тэрээһиннэрэ эрэ бобулунна.
«Арктика улуустарыгар өссө муус устар 23 күнүгэр сорох хааччахтар уһуллубуттара. Маассабай тэрээһиннэр эрэ бобуллубуттара. Бүгүҥҥүттэн Арктика оройуоннарыгар бары хааччахтар уһуллаллар. Арай, 50- тан тахсалыы киһи мустар тэрээһиннэрэ бобуулаахтар”.
Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1