Арктика сайдыытын торумнара

29.07.2019
Бөлөххө киир:

Күн бүгүн Сахабыт сирин муус­таах байҕалыгар тиийэ киэҥ нэлэмэн туундаранан, үрдүк хайаларынан, аар тайҕанан тайаан сытар 1 608,8 тыһыынча м2 сирдээх 13 Арктическай оройуоҥҥа баара-суоҕа 67 674 киһи олорор. Ол аата, 24 м2 — биир киһи. Хоту улуустарга кэлиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыы турар. Арктика сирэ салгыы хайдах сайдарый? Олохтоох дьон олоҕун таһымын хайдах үрдэтэбит?

Бу ыйытыыларга хоруйу булаары, от ыйын 21-22 күннэригэр СӨ Арктикатын уонна хотугу норуоттар сайдыыларын министиэристибэтэ Саха сирин Арктическай зонатын 2030 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тосхолун дьүүллэһиини тэрийэн ыытта. Манна министиэристибэлэр бэрэстэбии­тэллэрэ, хотугу улуустар баһылыктара, билим үлэһиттэрэ мустан, санааларын үллэһиннилэр, бырайыактарын көмүскээтилэр.

Дьиҥэр, Арктика сирэ-уота алмаа­һынан, көмүһүнэн, сэдэх өҥнөөх тааһынан, таас чоҕунан, сэлии муоһунан, хорҕолдьунунан, Лаптевтар муораларын анныгар сытар ньиэбинэн-гааһынан баай. Арассыыйа көмүһүн саппааһын 20% Дьааҥы, Халыма туһаайыытынан өссө даҕаны хостоно илик. Усуйаана уонна Дьааҥы икки ардыгар улахан көмүс баайдаах сири — Күчүһү туһаҕа таһаарарга инвестициялыыр бырайыак олоххо киириэхтээх. Манна сылга 4,5 туонна көмүһү хостуохтара. Ону таһынан, хоту дойду уорааннаах хонноҕор 450-520 тыһыынча туонна сэлии муоһа кистэнэ сытар диэн сыаналыыллар.

148 этии көрүлүннэ

Икки күн иһигэр 148 этии көрүлүннэ, Индигир, Дьааҥы, Анаабыр, Өлүөнэ, Халыма сүнньүнэн олорооччулар бэйэлэрин бырайыактарын 5 бөлөҕүнэн арахсан билиһиннэрдилэр. Кинилэр «Арктика киһитэ», «Эйгэни сайыннарыы», «Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы, дьоҕус уонна орто ур­­баан», «Инвестициялыыр уонна инф­раструктурнай улахан быра­йыактары олоххо киллэрии», «Экология, билим, аан дойду таһымнаах быра­йыактар» хайысхаларынан этиилэрин бэлэмнээтилэр.

Үгүс хамаандалар кыһыҥҥы массыына суолун үлэтин 5-5,5 ыйга диэри уһатарга, оҕуруот аһын харайар ыскылаат, логистическай киин тутуутун туруорустулар. «Арктика» национальнай бырайыагы торумнуурга, «Көс эмчит» бырайыагы олоххо киллэрэргэ, агро уонна экотуризмы сайыннарарга этии киирдэ.

Өлөөн Томторугар — 160 тыһыынча туонна урууданы хостуохтара    

Уһук хоту бырамыысыланнаһы сайын­нарарга, хамнастаах үлэ миэстэтин тэрийэргэ 2035 сылга диэри маннык улахан инвестициялыыр бырайыактар олоххо киириэхтэрин сөп. Өлөөн улууһугар Томтордооҕу айылҕа баайдаах сиргэ сэдэх таастары (цезий, лантан, неодим о.д.а.) хостуурга «Восток Инжиниринг» ХЭТ лицензия ылан, сылга 160 тыһыынча туонна урууданы аны түөрт сылынан туһаҕа таһаарыаҕа. Маны үлэлэтэргэ 8 миллиартан тахса солкуобай үп көрүллүөҕэ. Бу диэки тырааныспар сырыыта суох буолан, урууданы кыһыҥҥы суолунан Красноярскай кыраай хоту өттүгэр баар Хатангатааҕы муора пуордугар таһыахтара. Онтон Архангельскайга диэри тиэйиэхтэрэ.

Урууда таһыытын тэтимирдэргэ «Анаабыр» муора пуордун тутар туһунан этии киирдэ. Ону таһынан, чугас айылҕа баайдаах сиртэн Өлөөн, Анаабыр нэһилиэктэрин гаастааһын боппуруоһун бырайыакка көрдүлэр.

Анаабырга – мөлүйүөнүнэн туонна хара көмүс

Анаабыр улууһугар геологтар ыыппыт чинчийэр үлэлэрин түмүгүнэн, манна сылга 12 мөлүйүөн туонна ньиэби уонна 10 миллиард м3 гааһы биэрэр кыах­таах айылҕа баайын саппааһа баар эбит. Инникитин улахан үбү-харчыны хамсатар бырайыагы олоххо киллэрэргэ 370 мил­лиард солкуобай ирдэнэр диэн сыаналыыллар.

Бырамыысыланнас сайдан, Үөһээ Муунанан уонна Томторунан ааһар Мииринэй оройуонугар – 26 км, Өлөөҥҥө – 679 км, Анаабырга – 316 км уһуннаах кытаанах бүрүөһүннээх суол тутуохтарын баҕараллар.

Таһаҕас тиэйиитин кээмэйин улаатыннарарга Тиксиигэ муора пуордун саҥардыахтара, ону таһынан, Хотугу муора суолун сайдыытын тиһилигинэн Байыаннай-муора флотун хараабыллара тохтуур сирдэрин тутуохтара.

Атомнай ыстаансыйа 

Дьааҥы өрүс сүнньүнэн кыһыл, үрүҥ көмүс, хорҕолдьун хостоон, туһаҕа таһаарыахтара. Арктическай оройуоннарга бырамыысыланнас эбийиэктэрин уонна чугастааҕы нэһилиэктэри уотунан, сылааһынан тиһигин быспакка хааччыйарга кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйалары Булуҥ, Усуйаана, Аллараа Халыма улуустарын кытылларыгар тутары былаанныыллар.

Бырамыысыланнас хампаанньалара Теплай Ключ – Тополинай – Баатаҕай — Нижнеянскай хайысхаларынан Дулҕалааҕынан ааһар массыына суолун тутарга туруорсаллар. Ону таһынан, Индигир өрүс сүнньүнэн Аллайыаха, Абый, Муома улуустарыгар, инникитин Халыма диэки тахсар төгүрүк сыл үлэлиир массыына суолун тутуутун бырайыакка киллэрдилэр.

Кылгас кэмнээх арктическай навигация кэмигэр Халыма улуустарыгар уонна Чукоткаҕа бородууктаны уонна табаары Аллараа Халымаҕа баар Зеленай Мыс өрүс пуордун нөҥүө таһаллар. Ол эрэн, таһаҕаһы сүөкүүр, тиэйэр тиэхиньикэ эргэрэн бүттэ, онон пуорду саҥардар кэм уолдьаста диэн олохтоохтор туруорустулар. Зырянкатааҕы чох разреһын сылга 26 тыһыынча туоннаҕа диэри кыамтатын улаа­тыннаран, чоҕу Чукоткаҕа, Магаданскай уобаласка, Чуумпу акыйаан эрэгийиэнигэр таһаарыахха сөбө бырайыакка киирдэ.

Санаалар

Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана:

— Арктика сайдарын туһугар саҥа оройуоннары, куораттары уонна бөһүөлэктэри тутуохпутун наада. Бүгүн элбэх этии киирдэ, дьон санаатын этиннэ. Манна ырыынакка тахсан күрэстэһэр кыахтаах тыа хаһаа­йыстыбата суох, онон хотугу норуоттар төрүт дьарыктарын харыстыыр туһунан кэпсэтии барар. Бырамыысыланнас өттүн таарыйдахха, Күчүстээҕи, Томтордооҕу айылҕа баайдаах сир туһаҕа тахсыаҕа.

Оборона министиэристибэтэ, ЫББМ тирэх пууна суох Тиксии сайдар кыаҕа суох, ону өйдүөхпүтүн наада. Онон манна байыаннайдар төннөллөрүн ситиһиэхтээхпит.

Күн бүгүн ОДьКХ өҥөтүгэр орос­куоппут улахана атахтыыр. Холобур, аҥаардас Дьааҥы улууһугар хомунаа­лынай хаһаайыстыба субсидиятыгар сылга 2,5 миллиард солкуобайы көрөбүт. Хоту улуустарга таас чох­тоох айылҕа баайдаах сири туһаҕа таһаардахпытына, ОДьКХ ороскуота биллэ кыччыа этэ.

2021 сылга Олоҥхо ыһыаҕын Өймөкөөн улууһун Томторугар Индигир, Халыма оройуоннарыгар барыларыгар анаан ыытыахпыт.

Ити курдук, экэниэмикэ сайыннаҕына, Арктика олохтоохторун олоҕун уйгута тупсан иһиэ.

Владимир Солодов,  СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ:

— Саха сирин Арктическай зонатын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятын биһиги 13 Арктическай улуус баһылыктарын, федеральнай эспиэртэри, билим үлэһиттэрин  кытта дьүүллэстибит. Кэнсиэпсийэ чопчуланнаҕына, ким баҕарар бэйэтин этиитин ыытар кыахтаныа. Арктика сайдыытыгар төһө үп-харчы угулларын туһунан этэр билигин өссө эрдэ. Бырайыак ситиэн наада.

Ону таһынан, ити үөһэ этиллибит хотугу улуустары сайыннарарга болҕомто ууруллуо. Биир өрүс сүнньүн олохтоохторо усулуобуйалара тэҥ соҕус буолан, Анаабыр, Өлүөнэ, Дьааҥы, Индигир, Халыма диэн бырайыактары араартаатыбыт. Ол чэрчитинэн улахан инвестициялыыр бырайыактар олоххо киириэхтэрэ, бөһүөлэктэр инфраструктуралара, дьоҕус уонна орто ур­­баан сайдыа.

Түмүк    

Биллэн турар, маннык баараҕай бырайыактары үлэлэтэргэ Арктика оро­йуоннарыгар үлэһит илии кэлиэн наада. Сүүһүнэн, тыһыынчанан киһи. Аны аҕы­йах сылынан ньиэп-гаас, көмүс онтон да атын айылҕа баайа туһаҕа тахсар күнүгэр, халыҥ харчы, үтүмэн үп үрүлүйэ кутуллуо, олох эргийэр киинэ Арктикаҕа түмүллүө диэн ыра санааланыахха сөп.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0