Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр Арктика сайдыытыгар туһаайан, саҥа министиэристибэ тэриллиэҕин туһунан иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Санатан эттэххэ, Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт 2014 сыллаахха тэриллибитэ. Айсен Николаев суруналыыстарга иһитиннэрбитинэн, билигин Арктикаҕа ураты болҕомтону уурар кэм кэллэ. “Арктика диэн, дьиҥэр, хоту улуустары эрэ көрүү буолбакка, суолтата киэҥ. Аан дойду үрдүнэн Арктика киэҥ сири ылар. Манна сир баайа баар, инфраструктура сайдыахтаах. Бу сыл аҥаара кэтээн көрөн баран, туспа анал министиэристибэ баар буолуохтаах диэн түмүккэ кэллим. Бу министиэристибэ Арктика боппуруостарын барытын түмэн үлэлиэҕэ”, — диэн этэр Айсен Сергеевич.
Онон, Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт баазатыгар сотору кэминэн Арктика министиэристибэтэ тэриллиэҕэ. Туһааннаах ыйаах, Ил Дархан иһитиннэрэринэн, бу сыл бүтүүтэ тахсыаҕа.
Хаартыска: Ykt.ru саайтан.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.