Арктика күнэ: эбэҥки улахан сугулаана

Ааптар: 
19.03.2019
Бөлөххө киир:

2002 сыллаах биэрэпис чахчытынан, Саха сиригэр 18 тыһ. 232 эбэҥки олороро быһаарыллыбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин эбэҥкилэрин ассоциацията Арассыыйа төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктарыгар биир бастакынан, 1999 с. кулун тутар 15 күнүгэр, тэриллибитэ.

edersaas.ru


Ассоциация бэрэсидьиэнинэн өр сылларга Борис Николаев үлэлээбитэ, бу соторутааҕыта кини бэйэтин солотун учуонай Александр Варламовка туттарда. Ассоциацияҕа эбэҥки норуотун чулуу дьоно Августа Марфусалова, Дьокуускайга олорор эбэҥкилэр «Дулин Буга» (Орто дойду) национальнай-култуурунай уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Атласов, учуонай Анна Мыреева, эбэҥки норуотун «Барҕарыы» уопсастыбаннай пуонда бэрэссэдээтэлэ Александра Винокурова уо.д.а. күүс-көмө буолаллар. Саха сирин эбэҥкилэрин уопсастыбаннай хамсааһына төрөөбүт тылы уонна култуураны сайыннарыыга күүскэ үлэлиир, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттар. Олохтоох сала­йыныы тиһигэр киириигэ үс улуус эбэҥки национальнай улууһа, хас да нэһилиэк эбэҥки национальнай нэһилиэгэ буолар статустарын илдьэ хаалбыттара.


Күн бүгүн

Ассоциация олохсуйбут үгэстэрдээх, улуустарга уонна национальнай нэһилиэктэргэ салаалардаах хамсааһын буола үүннэ, Нерюнгрига эбэҥки ыччатын эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы сойууһа баар. Сайыны көрсө «Бакалдын» бырааһынньык ыытыллара үгэскэ кубулуйда уонна киин куоракка олорор бары омуктары түмэр, ыаллыы эрэгийиэннэр аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктарын болҕомтолорун тардар тэрээһин буолла. Кыһын тэриллэр «Тоҥ балык» бэстибээл хабар эйгэтэ кэҥээн иһэр уонна хотугу төрүт салааны сайыннарарга тирэх буолла. Эбэҥки чулуу дьонун үбүлүөйдэригэр анаан литературнай киэһэлэр, көрсүһүүлэр тиһигин быспакка тэриллэллэр. Норуот маастардара А.Д.Степанова, П.И.Семенова, Е.Н.Тырынкина уо.д.а. айар быыстапкаларыгар тириинэн уонна түүлээх таҥаһынан эбэҥки национальнай көстүүмнэрин, бултуурга-балыктыырга кэтиллэр төрүт таҥастарын сөргүтэн киэҥ дьүүлгэ таһаардылар. Хотугу омуктар национальнай култуураларын уратыларын, тылларын-өстөрүн салгыы сайыннарыыга, араас бырайыактары саҕалыыр кэпсэтиилэри таһаарарга итиэннэ инники үлэҕэ-хамнаска тирэх буолар докумуоннары ылынарга түөрт сылга биирдэ сийиэс (улахан сугулаан) тэриллэр. Холобур, ааспыт VI сийиэс 2014 сыллаахха саас, кулун тутарга, Дьокуускайга ыытыллыбыта.

Сэттис сийиэс

Арктика күнүн көрсө кулун тутар 15-16 күннэригэр эбэҥкилэр VII сийиэстэрэ Нерюнгрига ыытылынна. Бу дьоһун сугулааҥҥа Москваттан, Санкт-Петербуртан ыалдьыттар, Амур уобалаһын, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин, Хабаровскай уонна Забайкалье кыраайын дэлэгээссийэлэрэ кытыннылар. Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу омуктар түөлбэлээн олорор сирдэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, күннээҕи олоххо-дьаһахха инновационнай технологиялары киллэрии тула киэҥ кэпсэтии ыытылынна. Ыччаты иитии-үөрэтии уонна каадырдары бэлэмнээһин боппуруостарыгар ураты болҕомто ууруллунна.
Сийиэс чэрчитинэн, кулун тутар 12-17 күннэригэр Нерюнгрига уонна Иенгра бөһүөлэгэр «Дулин Бугав итылин – Заповеди моей земли» диэн эбэҥки тылын уонна култууратын норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлэ буолла. Биллэрин курдук, Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрэ быйылгы сылы Төрүт олохтоох омуктар аан дойдутааҕы сылларынан биллэрбитэ. Инньэ гынан, бэстибээлгэ эбэҥки тылыгар, кини диалектарыгар, дэгэттэригэр анаммыт кэпсэтиилэр, быыстапкалар, кэнсиэртэр итиэннэ «Эбэҥки тыла: саҥа кэм тыына» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ, дьиэ кэргэттэргэ аналлаах «Мин дьиэ кэргэним уонна мин төрөөбүт тылым» куонкурус, бастыҥ табаһыттары чиэстээһин, илии-атах оонньуутугар итиэннэ эбэҥкилии ырыаҕа-үҥкүүгэ күрэхтэһиилэр буоллулар.

Сийиэс – үлэбитигэр тирэхпит


Ольга Игнатенко, Иенгра эбэҥки национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга:
— Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт олохтоох омук түөлбэлээн олорорбут быһыытын, 2014 с. нэһилиэкпит сирин-уотун үгэс буолбут салаа территориятын (ТПП) быһыытынан бигэргэттэрбиппит. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытары дуогабардаһан итиэннэ оройуон сэбиэтигэр уураах ылларан, бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ тулалыыр эйгэҕэ дьайыыларын хонтуруоллуур уопсастыбаннай сэбиэккэ тэрийэн үлэлэтэ сылдьабыт. Уопсастыбаннай сэбиэт чилиэннэринэн аҕа ууһун кырдьаҕастара, общиналар, тэрилтэлэр салайааччылара, итэҕэскэ эйэлэспэт актыбыыстар үлэлииллэр. Уопсастыбаннай иниспиэктэр буолалларын туоһулуур дастабырыанньалаахтар, ханна эмэ, туох эмэ кэһии, алдьатыы таҕыстар эрэ тута биллэрэн, киэҥ билиигэ таһаараллар. Биһиги сирбитигэр-уоппутугар киирэн үлэлиир бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ алдьаппыт сирдэрин чөлүгэр түһэрэллэрин ирдиибит. Ити эрээри, «Газпром» курдук бөдөҥ хампаанньалар этнологическай эспэртиисэни ыытар, тулалыыр эйгэҕэ оҥорор хоромньуларын толуйар буоллахтарына, дьоҕус артыаллар бэрт көһүүннэр, кинилэри кытары суутунан эрэ быһаарсарга тиийэбит. Биһиги сорукпут: ыччаттарбытыгар чөл айылҕаны хаалларыы, төрөөбүт тылбытын уонна төрүт култуурабытын сайыннарыы. Онуоха биир тирэхпит — бу сугулаан.

Ыспыраапка
Иенгра – Нерюнгри оройуонун Иенгра эбэҥки национальнай нэһилиэгин административнай киинэ. 1926 с. төрүттэммитэ. Нерюнгриттан 51 км тэйиччи, Иенгра үрэх хаҥас кытылыгар турар. Бөһүөлэк аттынан тимир суол уонна “Өлүөнэ” федеральнай массыына суола ааһаллар. 2019 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи чахчынан, нэһилиэккэ 1103 киһи олороруттан 80 %-а эбэҥкилэр. Манна орто үөрэхтээһин интэринээт-оскуолата, оҕо саада, ускуустуба оскуолата, история-этнография мусуойа, этнокултуура киинэ, бибилэтиэкэ, учаастактааҕы балыыһа, ОДьКХ салаата, “Иенгра” МУТ, аҕа ууһун общиналара бааллар. Сүрүн дьарык – табаны уонна килиэккэлээх кыылы иитии, бултааһын, балыктааһын.

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0