“Көстүбэт сир кистэлэҥэ” (КСК) бырайыак айар бөлөҕө олунньу тоһуттар тымныытыгар Арктикаҕа сырыытын туһунан биэриилэрэ көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Тугу бэлиэтии көрдүлэр, айылҕа туох күүтүллүбэтэх өрүттэрин көрүстүлэр? Бэйэҕит көрүҥ, сыаналааҥ, төрөөбүт дойдубут кэрэтин видео да нөҥүө буоллар хараххытыгар хатааҥ.
Видеону көрүөххүт иннинэ аҕыйах тылынан бырайыак, ааптар туһунан билиһиннэрэ түһүүм. “Көстүбэт сир кистэлэҥэ” (КСК) ааптара Елизавета Эверстовалыын маҥнай кэпсэтэрбэр: “Тоҕо букатын атын эйгэ киһитэ (юрист) спонсордар көмөлөрүнэн тыа сирдэрин кэрийэн устаҕын?”, — диэн ыйытыыбар – дьон билигин олоҕу хайдах баарынан дии-дии омсолоох эрэ өрүтүн бэлиэтии көрөр, олох күлүк өрүтүн сэргэ, ама, үчүгэй, кэрэ суох үһү дуо, — диэн хоруйдаабытын соһуйа да, сэргии даҕаны истибитим. Эдэр киһи ол туруоруммут соругун ыһыктыбакка, сүрүн үлэтин таһынан үтүө сүгэһэр оҥостон илдьэ сылдьар, өссө ыырын кэҥэтэр — быйыл кыһын букатын даҕаны Арктикаҕа тиийэ сылдьыбыттар. Ол туһунан бэйэтэ маннык кэпсиир:
— Арктикаҕа өссө былырыын күһүҥҥүттэн барар баҕалаах этибит. Дьүөгэм Лена Анисимова Улахан Сис хайалар хаартыскаларын көрдөрбүтүгэр чопчу итиннэ тиийэр эбиппит диэн былааннаммыппыт. Ахсынньыга “Көстүбэт сир кистэлэҥэ. Арктика” бырайыакпытынан Ил Дархан гранын куонкуруһугар кыттан кыайан, кынаттанан спонсордарга бырайыакпыт туһунан кэпсээбиппит. Кинилэр биһигини өйөөн, Саха сириттэн биир даҕаны блогер үктэнэ илик Абый улууһун Улахан Сис хайаларыгар (Гранитный город) баран кэлбиппит. 12 күн устата массыынанан айаннаатыбыт. Уопсайа, 3 тыһ. км. тахсаны массыынанан, 600 км. тахсаны бураанынан сырыттыбыт.
Сырыыбытын барытын видеоҕа устубуппут, ол сылдьан араас уустуктары көрсүбүппүт. Уһун айан уйулҕа да, үп-харчы даҕаны өттүнэн ыарахан. Барыта биэс сиэрийэни былаанныыбыт, күн бүгүн онтон иккитэ таҕыста. Сахабыт сирэ олус да кырасыабай, киэҥ уонна бэрт сэмэй ыччаттаах, дьонноох. Маны барытын бу таһаарыыларбытыгар толору арыйабыт. Биһигини өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо эрэ буолбакка, атын эрэгийиэннэр, тас дойдулар эмиэ көрөллөр. “Кэрэ сир кистэлэҥэ. Арктика” иһинэн эмиэ кыра нэһилиэктэри, Сахабыт сирин айылҕатын, үлэһит дьонун сырдатабыт.
Түгэнинэн туһанан спонсордарбытыгар, биһигини өйөөбүт биирдиилээн дьоҥҥо, Саха сирин, Муома, Абый улууһун олохтоохторугар махталбытын тиэрдэбит.
ВИДЕОлары манна көрүҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru