Арктика агротехнологическай университета баар буолла!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин аграрнай үрдүк үөрэҕин сайыннарыыга дьоһун суолталаах дьаһалы таһаарда.

edersaas.ru

Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академиятын «Арктикатааҕы агротехнологическай университет» диэн уларытан ааттыыр туһунан бирикээскэ Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы М.И.Увайдов муус устар 10 күнүгэр илии баттаата.

Бу академия салалтатын өр сыллаах уонна утумнаах үлэтин түмүгэр ситиһилиннэ, – диир профессор Афанасий Чугунов. – Былырыын академия федеральнай министиэристибэ хотугу төрүт салаалар исписэлиистэрин бэлэмнээһиҥҥэ тирэх үрдүк анал үөрэҕин кыһата буолар чиэскэ тиксибитэ. Быйыл университет статуһун ылла! Бастатан туран, бу тыа хаһаайыстыбатын үгүс, араас хайысхалаах исписэлиистэрин бэлэмниир үлэни кэҥэтэр, материальнай-техническэй базаны хаҥатар-байытар кыаҕы биэриэҕэ. Научнай лабораториялар, методическай үлэ кабинеттара аныгы технологиянан сэбилэнэн кэҥэтиллиэхтэрэ. Билиҥҥи тыа хаһаайыстыбатын наукатын кэҥии, уустугура турар технологияларын кыахтарынан толору билиини биэрэр, үөрэтэр научнай исписэлиистэр, преподавателлэр идэлэрэ үрдүк таһымҥа тахсыаҕа. Университет иһинэн научнай-чинчийэр хайысхалаах араас институттар тэриллиэхтэрэ. «Университет» диэн тыл бэйэтэ да этэрин курдук, манна үөрэнэр устудьуоннар киэҥ уонна дириҥ билиини ылыахтара. Ону таһынан, үөрэх тэрилтэтэ өрөспүүбүлүкэ эрэ иһинэн муҥурдаммакка, атын эрэгийиэннэр, дойдулар университеттарын кытары сибээстэһиитин кэҥэтиэ итиэннэ атын эрэгийиэннэртэн, дойдулартан ыччаттар кэлэн үөрэнэр буолуохтара. 

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0