Арктикаҕа бу ый бүтүөр диэри 5500 туонна бородууктаны таһыахтара
Билигин хоту уонна Арктика улуустарыгар социальнай суолталаах аһынан-үөлүнэн «Якутоптторг» АУо хааччыйар.
Өрөспүүбүлүкэ премьер-миниистирэ Андрей Тарасенко телеграмҥа баар ханаалыгар:
— «Якутоптторг» хампаанньа Арктика оройуоннарын бурдугунан уонна саахарынан хааччыйар. Кулун тутар бүтүөр диэри 5 500 туонна бородууктаны тиэйии соруга турар. Билигин социальнай суолталаах ас-үөл 12 ыйга тиийэр саппааһа хампаанньа филиалларыгар баар. Ил Дархан Айсен Николаев бырабыыталыстыба иннигэр аһы-үөлү таһар предприятиелары өйүүр туһунан соругу туруорбута , — диэн суруйда.
Социальнай суолталаах ас-үөл испииһэгэр бурдук, саахар, үүнээйи арыыта, оҕуруот аһын кэнсиэрбэтэ, куруппа, мокоруон, үүт кэнсиэрбэтэ, туус, чэй уонна да атын көрүҥнэр киирэллэр.
Манна эбэн эттэххэ…
Быйыл «Якутоптторг» оҕуруот аһын базатыгар тарҕатар-саамылыыр киин аһыллыбыта. 4,4 тыһ кв. миэтэрэ иэннээх базаҕа арктическай улуустарга тириэрдиллиэхтээх ас-үөл саппааһа ууруллуохтаах.
edersaas.ru
Хаартыска СИА