Архангельскай Арктикаҕа аартыгы арыйар

Ааптар: 
30.03.2017
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээҥҥиттэн, кулун тутар 29 күнүттэн, Архангельскай куоракка “Арктика – территория диалога” норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум үлэтин саҕалаата. Төрдүс төгүлүн ыытыллар тэрээһин үлэтэ-хамнаһа “Арктикаҕа киһи олоҕо” диэн сүрүн тиэмэ тула барыаҕа. Ил Дархан Егор Борисов салайар Саха Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтэ норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум үлэтигэр кыттар. 

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Пуорум үлэтигэр араас дойдуттан икки тыһыынча кэриҥэ киһи кыттар. Бочуоттаах ыалдьыттар ортолоругар Исландия бэрэсидьиэнэ Гудни Йоханнессон, Финляндия бэрэсидьиэнэ Саули Ниинисте бааллар.

Мунньахха Арктика сирин-уотун социальнай, экономическай сайыннарыы тыын суолталаах боппуруостарын, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии хаамыытын дьүүллэһиэхтэрэ, региоҥҥа айылҕа баайын туһаҕа таһаарыыга араас таһымнаах, элбэх өрүттээх бииргэ үлэлээһин ньымаларын ырытыахтара.

Пуорум кэмигэр аан дойду бөдөҥ хампаанньаларын кытта Арктикаҕа бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэһиилэр түһэрсиллиэхтэрэ.

Кулун тутар 30 күнүгэр тэрээһин сүрүн дьаһалыгар –пленарнай мунньахха Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кыттыыны ылара күүтүллэр.

Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Арктикаҕа сайдыы аҕыс тирэх зоналарын тэрийии, региоҥҥа бырамыысыланнаһы сайыннарыы, тырааныспар тиһигин тэрийии бырайыактарын билиһиннэриэҕэ. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэ 13 оройуонун Арктика зонатыгар киллэриини туруорсуоҕа, региоҥҥа олох таһымын үрдэтиигэ, бырамыысыланнас бырайыактарыгар инвестицияны тардыыга бэйэтин этиилэрин киллэриэҕэ. Маны тэҥэ, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттары судаарыстыба өттүттэн өйөөһүҥҥэ, сир баайын хостооһунунан дьарыктанар тэрилтэлэр эппиэтинэстэрин үрдэтиигэ туһуламмыт саҥа сокуоннары ылыныыны, баар сокуоннарга уларытыылары киллэриини көҕүлүөҕэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0