Владимир Путин 2035 сылга диэри Арктика сайдыытын стратегиятын туһунан ыйаахха илии баттаата

Бөлөххө киир:

РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2035 сылга диэри РФ Арктикатын сирэ сайдыытын туһунан ыйаахха илии баттаата.

Бу cтратегия РФ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин төрүттэрэ олоххо киириилэригэр олоҕуран оҥоһуллубута. Манна Арктика сирэ сайдыытын сүрүн хайысхалара, соруктара, миэрэлэрэ быһаарыллаллар, ону сэргэ туох түмүктээх үлэ ыытыллыахтааҕа эмиэ киирдэ.

«Арктика — стратегическай эрэгийиэн. Арассыыйаҕа улахан суолталаах сир буолар. Дойду бэрэсидьиэнин ыйааҕыгар Арктика сирэ сайдарыгар чопчу сыаллар туруорулуннулар. Бастатан туран, 2,5 мөлүйүөн граждан олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы, ону тэҥэ экэниэмикэни, тырааныспары сайыннарыы буолар», — диэн РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев этэр.

Арктика сирин сүрүн кыһалҕаларыгар, кутталларыгар килиимэт тэтимнээхтик сылыйыыта, нэһилиэнньэ ахсаанын аҕыйааһына, олох хаачыстыбата мөлтөҕө, социальнай өҥөлөр тиийбэт буолуулара, дьиэ-уот боппуруостара киирдилэр.

Стратегияҕа сүрүн соруктары ситиһэргэ миэрэлэр быһаарылыннылар. Ол курдук, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕириигэ, успуорка, экэниэмикэҕэ, үлэлэр ыытыллыахтара.

Стратегия үс түһүмэҕинэн олоххо киириэҕэ: бастакы түһүмэх — 2020-2024 сылларга, иккис түһүмэх — 2025-2030 сылларга, үһүс түһүмэх — 2031-2035 сылларга.

edersaas.ru

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0