Арктическай улуустарга туһуламмыт Стратегия ис хоһооно киэҥ

Ааптар: 
29.08.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арктика социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Стратегиятын» бигэргэтэр ыйаахха илии баттаабытын кэнниттэн бу историческай суолталаах докумуону өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр салайааччыларыттан саҕалаан, ыраах хотугу сир олохтоохторугар, көс олохтоох табаһыттарга тиийэ ырыталлар.

 edersaas.ru

Онон ырытыыга кыттыһан, тус сыаллаах кэлим стратегическай былааннааһын докумуонун туһунан СӨ Арктика сайдыытыгар уонна Хоту дойду норуоттарын дьыалаларыгар миниистирэ Владимир Черноградскайы кытта кэпсэттибит.

Тосхол хорутуулаах үөрэтиини ааста

— Саха сирин Арктиката сайдыытыгар туһуламмыт кэскиллээх хайысхалары торумнуур докумуон бырайыага төһө өр оҥоһулунна?

— Биллэн турар, бу маннык дириҥ ис хоһоонноох кэлим былааннааһын өр ырытыллар, дьүүллэһиллэр буоллаҕа. Арктика сайдыытын тосхолун аан маҥнай «Стратегическай чинчийии киинэ» АНО оҥорон саҕалаабыта. 2019 сыллаахха Арктика министиэристибэтэ тэриллэн, бу суолталаах тосхолу аны биһиги салгыы дириҥник үөрэтэн ырыппыппыт. Онон б.дь. атырдьах ыйын 14 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев илии баттыар диэри икки сылтан ордук кэм устата өрөспүүбүлүкэ бары министиэрисибэлэрэ, бөдөҥ тэрилтэлэрэ, дьокутааттар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, Арктика улуустарын салайааччылара кыттыһан, бииргэ ырытыһан, сүбэлэһэн, быһата, сүбэбибитин холбоон оҥордубут.

Сүрүн бырайыактар

— Докумуон ис хоһооно өйдөнүмтүө, ааҕыллара чэпчэки буолан, киһи остуолугар ууран олорон бэлиэтэнэ сылдьыан сөп гына оҥоһуллубута ордук кэрэхсэтэр. Ол гынан баран, боростуой киһи өйдөөбөт тиэрминэ үгүс. Холобура, нууччалыыттан тылбаастаабакка эттэххэ, «флагманские проекты» диэн. Бу тугуй?

— Стратегия чэрчитинэн олоххо киириэхтээх сүрүн бырайыактар итинник ааттаналлар. Бу өйдөбүл сүрүннээн суолталаах докумуоҥҥа бэйэтигэр эрэ туттуллар. Исписисэлиистэр туттар тиэрминнэрэ. Ол эбэтэр хас биирдии сүрүн бырайыак иһинэн олоххо киириэхтээх тосхоллору торумнааһын буолар.

«Өйдөөх бөһүөлэк» олоххо киириэҕэ

— Быйылгы сыл сүрүннээн Стратегияны кытта билсиһии, ырытыһыы буолара буолуо? Бу суолталаах докумуону олоххо киллэрии эһиилгиттэн саҕаланар дуо?

— Саха Сирин Ил Дарханын ыйааҕа баттаммытын кэннэ, үс ый иһигэр Стратегияны олоххо киллэрии сүрүн былаанын бэлэмнээн, сэтинньи 14 күнүгэр диэри киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэргэ сорудах бэриллиннэ. Ол кэнниттэн сыыйа анал былаанынан Арктиканы сайыннарыы сүрүн тосхолун олоххо киллэрии саҕаланыаҕа.

— «Өйдөөх бөһүөлэк» диэн өйдөбүл баар эбит дии.

— «Пилотнай» диэн аныгы технологиялары туһанан тутуллубут бырайыактар. Ол чэрчитинэн «Өйдөөх бөһүөлэги» оҥорор сорук турар. Ол эбэтэр толору хааччыллыылаах олорор дьиэлэри ититиигэ ороскуоту аччатар инниттэн, аныгы энергетическэй технологияны туһанан тутуу барыаҕа.  Бу маннык «Өйдөөх бөһүөлэк» модельнай бырайыагын бастаан Өлөөҥҥө тутан, үөрэтэн, чинчийэн көрүөхпүт. Ол кэнниттэн салгыы Арктическай улуустарга тутан олоххо киллэриэхпит.

Хоту сиргэ бырамыысаланнас «бээтинэтэ»

— Сорох хоту улуустарга бырамыысыланнас хаалларбыт «Мэҥэ бэлиэтэ» үгүс. Холобура, Дьааҥы Баатаҕайыгар ГОК-тан хаалбыт уруккута күөх сирэм дабааны маҥхаппыт үрүҥ туус бөһүөлэк «сирэйин» быһыытынан биллэр. Аны Кулаарга эмиэ маннык араас «бээтинэ» үгүс диэн истэбит. Стратегияҕа бу туһунан туспа пуунунан киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Бу маннык суолталаах үлэ хайдах былааннаахтык ыытыллыай?

— Урукку сылларга оҥоһуллубут экологическай хоромньу туһунан Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар тиийэ кэпсэтии барар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Арктика сиигэр-уотугар урукку сыллартан хаалбыт айылҕаҕа билиҥҥэ диэри буортулаах мунньуллан сытар ыарахан уйуктаах тимири, бөҕү-сыыһы ыраастааһыҥҥа, тиэйиигэ дьүүллэһии бара турар. Үгүс этии киирэр. Онон бу салааҕа хамсааһыны таһаарар инниттэн сүрүн тосхолго бу боппурос эмиэ киирдэ.

Тутуу матырыйаалын — миэстэтигэр

— Стратегияҕа Булуҥ (Тиксии), Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Усуйаана, Абый, Муома уонна Аллараа Халыма улуустарыгар тутуу матырыйалларын аччыгый уонна дьоҕус биисинэс тэрилтэлэрэ бэйэлэрэ оҥорон таһаараллара ситиһиллиэҕэ диэн этиллибит. Үлэ уопутун бу көрүҥэ холобурдаммыт улуустарга баар буолан, бу маннык чопчу ыйыллыбыттара буолуо дуу?

— Арктиканы бырамыысаланнас баһылааһынын кэмигэр олохтоох матырыйаалтан олорор дьиэни тутуу конструкцияларын миэстэтигэр оҥорон таһаарар тэрилтэлэр аһылла сылдьыбыттара биллэр. Холобура, Булуҥ оройуонугар “ТиксиСтрой” диэн тэрилтэ баар буола сылдьыбыт. Онно тутууга анаан бетонтан уонна керамзиттан элбэх мэндиэмэннээх дьиэ бөдөҥ панелларын оҥорон таһаарар эбиттэр. Бу маннык араас холобур Арктика атын да улуустарыгар баара биллэр.

Оптоволокно уу аннынан тардыллыа дуо?

— Уу аннынан барар оптоволоконнай сибээһи Хотугу муора суолунан уонна арктическай өрүстэр анныларынан ыытыы арктическай оройуоннарга сибээһи тупсарыаҕа диэн Стратегияҕа этиллибит былаан остуоруйаҕа тэҥнээх дии. Ол кыаллыа дуо?

— Российскай Федерация Арктическай зонатыгар сыыппара сибээһи олохтооһун – Стратегия сүрүн соруга. Онон ВОЛС сибээһи уу аннынан ыытыы экономическай өттүнэн эрэ буолбакка, экология өттүнэн эмиэ куттала суох көрүҥ. Маннык аныгы технологияны туһаныы РФ Бэрэсидьиэнин уонна өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын стратегическай ыйаахтарын олоххо киллэрии түргэтиэ этэ.

Айан суола — хорук тымыр

— Хоту дойду үгүс олохтооҕо Арктика улуустарын Саха сирин киинин кытта сибээстиир тирэх айан суолун магистралын тутуу Стратегияҕа киирбитин кыһыл сурааһынынан тардыа этэ дии саныыбын. Оннук суолталаах боппуруос олоххо киириитэ айан суолун маршрута «Хандыга-Уус-Ньара-Хонуу-Белай Гора-Сыаҕаннах-Уяндино-Депутатскай-Уус-Куйга» чопчу ыйыллыбыт буолан, ордук итэҕэтиилээх. Бу  билигин үлэлии турар суоллар дуо?

— Өскө сылы эргиччи үлэлиир суолу тутууну этэр буоллахха, бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Арктическай оройуоннарын киин сири кытта «автозимник» дэнэр кыһыҥҥы суол эрэ сибээстиир. Федеральнай таһымҥа «автозимник» диэн айан суолун туһунан өйдөбүл олох суох. Арктическай зонаҕа курууһу тиэйии болдьоҕун уһатар сыалтан транспорт инфраструктуратын сайыннарыы соруга турар. Онон бу боппуруоһу оннуттан хамсатаары Стратегияҕа киллэрдибит.

… Ити курдук, СӨ Арктика сайдыытыгар уонна Хоту дойду норуоттарын дьыалаларыгар миниистирэ Владимир Черноградскайы кытта бу күннэргэ ырытыыга сылдьар «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арктика социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Стратегиятын» сорох пууннарыттан кылгастык ырытан ыллыбыт. Биллэн турар, 107 сирэйтэн турар үс улахан тосхоллоох Стратегия ис хоһоонун биир кэпсэтиигэ барытын хаппат буоллахпыт. Онон ким интэриэһиргээбит бу дириҥ ис хоһоонноох киһи интэриэһин тардар докумуону сиһилии ааҕыҥ, үөрэтиҥ диэн сүбэлиибит. Билигин ырытыы, дьүүллэһии бара турар. Онон санааҕытын «Саха сирэ» хаһыат уонна «Эдэр саас» саайт нөҥүө тиэрдиҥ.

 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СӨ Арктика сайдыытыгар уонна Хоту дойду норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэ пресс-сулууспатын тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0