Арктическай оскуолаҕа номнуо 600 сайабылыанньа киирдэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Быһа сибээскэ» Ил Дархантан Арктическай оскуола хаһан арылларын туһунан ыйыттылар.

edersaas.ru

Онуоха бэрт кылгас бириэмэҕэ өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга толору хоруйу биэрдэ:

Арктическай оскуола балаҕан ыйын 1 күнүттэн аһыллыаҕа.  Бу норуоттар икки ардыларынааҕы  таһымнаах ураты бырайыак айылҕаттан талааннаах оҕолорбутугар дириҥ билиини биэриэҕэ. 180  оҕо үөрэниэхтээх оскуолатыгар номнуо 600-тэн тахса сайабылыанньа киирдэ. Онтон 70%-на — Дьокуускай куораттан. Сайабылыанньаны от ыйын 27 күнүгэр диэри ылыахтара. Оскуолаҕа 7-8-9 кылаас оҕолоро үөрэниэхтэрэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: rg.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0