Арктическай оройуоннарга халаан буолуон сөп

Бөлөххө киир:

Арктическай оройуоннарга халаан буолуон сөп диэн эспиэр билгэлээбит.

Ол курдук хаар саппааһа Индигир, Халыма өрүстэр бассейннарыгар нуорманы таһынан буолан, бу оройуоннар ууга барар кутталламмыттарын туһунан ХИФУ  Сибиирдээҕи салаатын ирбэт тоҥу үөрэтэр Институт научнай үлэһитэ, географическай наука хандьыдаата Никита Танаев иһитиннэрбит:

— Индигир, Халыма өрүстэргэ уонна кинилэр салааларыгар хаар саппааһа нуорманы таһынан буолбут. Онон Алаһыай уонна бу өрүстэр бассейннарыгар 2017-2018 сс курдук балаһыанньа иккистээн үөскүөн сөп.

Халыма эбэ бассейныгар Аллараа, Орто, Үөһээ Халымалар оройуоннара, оттон Индигир эбэ — Аллайыаха, Абый, Муома оройуоннарыгар киирэллэр. Бу оройуоннарга сиринэн тиийии суол суоҕун тэҥэ. Онон өскөтүн, ууга барар түгэннэригэр, хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэрии уустуктардаах уонна ночооттоох.

РФ ЫБММ иһитиннэрбитинэн, Саха сирин 98 нэһилиэнньэлээх пууна уу кэлиитигэр сэрэхтээх. Онтон 14-дэ өрүстээх сиргэ киирэр. 16,5 тыһыынча киһи, 2.7 тыһыынча тиэхиньикэ, 191 устар тэрил, 10 -авиационнай тиэхинньикэ бэлэмнээх.

Ульяна Захарова.

Хаартыска интэриниэт ситимиттэн ылылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0