«Өлүөнэ туруук хайалара» национальнай паарка – ЮНЕСКО аан дойду сүдү айылҕа нэһилиэстибэтин испииһэгэр киирбит, Сахабыт сирин биир саамай кэрэ айылҕалаах сирэ буолар. Мин бүгүн билиһиннэрэр киһим бу национальнай паарка дириэктэрэ Аркадий Анатольевич Семенов буолар.
Үс улуус кэрэтин түмэр паарка
— Сахабыт сирин национальнай паарката хас да улууһу хабан үлэлиирин билэбин. Тэрилтэҕит, хаһаайыстыбаннай баазаҕыт туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Биһиги пааркабыт Саха сирин киин улуустарыгар – Хаҥалас, Өлүөхүмэ уонна Алдан муниципальнай тэриллиилэр сирдэригэр-уоттарыгар 1 217 941 га иэннээх сиргэ тайаан сытар. Өлүөнэ туруук хайалара Эбэ кытылын устун 40 км диэри кэккэлэһэн тураллар. Очуостар үрдүктэрэ 180-200 миэтэрэҕэ тиийэр. Оттон тэрилтэбит туһунан сиһилии билиһиннэрэр буоллахха, «Өлүөнэ туруук хайалара» Национальнай паарка 1995 сылтан 2018 сылга диэри Айылҕа пааркатын быһыытынан үлэлии турбута. Онтон 2019 сылтан бу Ытык сир буоларын кэмигэр туруорсан, Национальнай паарка диэн саҥа үрдүк ааттанан көрүүтэ-истиитэ федеральнай таһымҥа тахсыбыта. Ону таһынан, 2020 сылга үрүҥ эһэни уонна кини олорор, үөскүүр сирдэрин харыстыыр сыаллаах дойду бырабыыталыстыбатын уурааҕынан “Медвежьи острова” диэн Судаарыстыбыннай айылҕа заповеднига Аллараа Халыма улууһугар тэриллибитэ. Бу 815 568,49 га иэннээх сиргэ биһиги тэрилтэбит иһинэн салаа быһыытынан киирбитэ. Саҥа таһымҥа тахсыы пааркаҕа кэскиллээхтик тэринэн үлэлииргэ улахан кыахтары арыйбыта, онон үлэһиппит ахсаана икки бүк элбээбитэ, үбүлээһин үс бүк улааппыта, ону кытта эппиэтинэспит, үлэбит-хамнаспыт үрдээн, кэҥээн, элбээн биэрбитэ.
Билигин тэрилтэбит 83 үлэһиттээх, үксүлэрэ – айылҕаны харыстыыр судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэр, административнай үлэһиттэр, айылҕаны үөрэтэр научнай үлэһиттэр.
2019-2021 сылларга национальнай паарка материальнай-тиэхиньиичэскэй баазатын бөҕөргөтүүгэ Арассыыйа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтиттэн 130,1 мөл. солк. суумалаах тус сыаллаах субсидия бэриллибитэ. Субсидия аҥаара (57,5 мөл. солк.) тырааныспары атыылаһыыга ыытыллыбыта: барыта 59 массыына, хаарга сылдьар уонна уу тырааныспара, 8 УАЗ, 2 ГАЗ-3221 массыына, 18 снегоход, «Буран», «Ямаха», «Стеллс», 20 мотуор оҥочото, МТЗ-82 тыраахтар, бульдозер, «Фантом» аэролодка, 3 снегоболотоход «ТРЭКОЛ» уонна «Сокол» диэн квадроцикллар. Сорох үлэһиттэрбит баазаларга олорон саҥа модульнай дьиэлэри, видео-хаартыска фиксациялыыр электроннай-тиэхиньиичэскэй үлэлэри тэрийэллэр.
Ойуур баһаарыгар төһө бэлэммитий?
— Ааспыт сайын өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаара хаһааҥҥытааҕар да күүстээхтик өрө турбута. Кэлэр сайын эмиэ кураан буолуо дииллэр. Ойуур баһаарыттан хайдах харыстанаҕыт?
— Ааспыт сайын пааркаҕа айылҕа баһаарын ахсаана ордук куһаҕан рекорду көрдөрбүтэ. Ол курдук, паарка сиригэр-уотугар бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри 11 баһаар турбута. Уопсайа, уот ааспыт иэнэ 25 692 гаҕа тэҥнэннэ. Хоромньу уопсай суумата 14 274 925,92 солкуобай. Ойуур баһаарын умуруорарга 286 киһи сылдьыбыта. Онно биһиги үлэһиттэрбит эрэ буолбакка, нэһилиэнньэттэн мобилизацияламмыт, баҕа өттүнэн көмөлөһөр дьон, ЫБММ үлэһиттэрэ кыттыыны ылбыттара. Тыва, Чита, Хабаровскай, Йошкар-Ола, Свердловскай уобалас ойуур баһаарыттан харыстыыр авиационнай баазаларыттан уопсайа 161 киһи кэлэн баһаардары умуруорууга күүс-көмө буолбуттара. Онон быйылгы сайыҥҥа бэлэмнэнии үлэтэ күүстээхтик ыытылла турар. Ол курдук, сүрүн ыытыллыахтаах үлэлэрбит былааннарын билиһиннэрдэххэ, ойуур санитарнай рубкаларын, минерализованнай муосталары ыраастааһын ыытыллыахтаах.
Баһаары сэрэтэр тэрил уонна инвентарь, вездеходтар, мотопомпалар, уматар аппарааттар, салгынынан-пылесос, уу резервуардара, экипировка уонна да атын ылыллыахтаах.
Ойуур баһаарын умуруорууга үлэни толорооччуларга дьуһуурустубалары тэрийиэхтээхпит, паарка сиригэр-уотугар ойууру уонна гаардары чинчийии натуральнай лесоводственнай-геобиотаническай чинчийиилэри ыытыахтаахпыт, ойуур баһаардарын туһунан статистика дааннайдарын хомуйууну уонна ырытыы үлэтин тэрийиэхтээхпит, ойуурга баһаар куттала суоһуурун, ойуур баһаара куттала суох буолуутун каартатын уонна уматыгы чинчийэр учаастактар матырыйаалларын уо.д.а. сыаналааһын үлэтин тэрийии оҥоһулуннаҕына, кэлэр кураан сайыны көрсөргө бэлэммит диэхпитин сөп.
Дьаҥ кэмигэр айылҕа эрэ өрүһүйэр
— Үгүс дьон Өлүөнэ очуостара диэн сайыҥҥы өттүгэр эбэ устун айан, кэрэ айылҕаны көрүү диэн өйдөбүллээхтэрэ буолуо. Онон сайыҥҥы, кыһыҥҥы туурдар тустарынан сырдатыаҥ дуо? Кэнники икки сылга үлэҕитигэр-хамнаскытыгар дьаҥ хайдах дьайдай?
— Туризмы, дьон сиэрдээхтик сынньанарыгар усулуобуйаны тэрийии национальнай пааркабыт сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ буолар. Ол курдук, «Өлүөнэ туруук хайалара» Национальнай паарка кэлээччи ахсаанын үрдэтии эрэ сыаллаах буолбакка, уопсай суол-иис, дьиэ-уот инфраструктуратын сайыннарыы, айылҕа кэрэлэрин харыстыыр сыаллаах диэн этиэм этэ. Туризм пааркаҕа сезонунан арахсар. Кыһыҥҥы кэмҥэ Өлүөнэ очуостарыгар уонна «Уус-Буотама» бизонарийга сылдьыы буоллаҕына, сайыҥҥы өттүгэр пааркабытыгар сылдьар-сынньанар сир элбиир. Ол аҥаардас Өлүөнэ очуостарыгар эрэ буолбакка, ону таһынан, Тукулааҥҥа, Буотама үрэх төрдүгэр эбэтэр Буотама үрэх устун устан сынньаныахха сөп. Ол эрэн, статистика сыыппаратын көрдөххө, кыһыҥҥы туризмҥа туристар ахсааннара сайыҥҥытааҕар ордук элбэх эбит. 2021 сылга төһө да дьаҥ, бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри турбут ойуур баһаардара хааччах буолбуттарын үрдүнэн, биһиги пааркабытыгар 27 645 киһи кэлэн сынньанан ааста. Ити ааспыт сыллааҕы көрдөрүүттэн 2,2 төгүл уонна 2019 сыллаах көрдөрүүгэ тэҥнээтэххэ, 6 тыһыынча киһинэн элбэх. 2020 с. пандемия аан бастаан саҕаланыытыгар, биллэн турар, улаханнык охсубута. Билигин бу дьаҥы кытта олорорго, хайдах харыстанарга, тэрээһиннэри ыытарга арыый уопутурдахпыт дии. Онон туох баар санитарнай ирдэбили тутуһан туран, дьону-сэргэни сырытыннарабыт. Дьаҥ кэмигэр дьон айылҕаҕа сылдьан доруобуйатын тупсарыахтаах дии саныыбын.
Инники былааннарбыт
— Паарка үлэтигэр-хамнаһыгар ханнык саҥа соруктары туруораргытын, инники былааннаргытын сырдатыаҥ дуо?
— Инникигэ туризмы сайыннарар уонна хааччыйар үлэ хаачыстыбатын үрдэтэр сыалтан «Уус-Буотама» сиригэр саҥа мобильнай дьиэлэр, саҥа туристическэй-рекреационнай база бырайыага олоххо киирэрэ былааннанар. Ону кытары Экологическэй ыллыктары саҥардыы уонна ыраастааһын үлэлэрин тиһигин быспакка ыытыахтаахпыт. Сүрүн экологическэй ыллыкка, «Лабыйа» сиригэр Өлүөнэ туруук хайаларын үрдүгэр суоллуур ыллыгы уонна көрүү былаһааккатын саҥардыыны бырайыактааһын үлэтэ барар.
— Туристическэй-рекреационнай бааза бырайыагын кэпсиэҥ дуо.
— Буотама үрэҕин төрдүгэр бырайыактанар саҥа бааза 2019 с. Арассыыйа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин ведомственнай тэрилтэлэрин иһинэн туристическай инфраструктураны тэрийиигэ, сайыннарарга уонна реконструкциялааһыҥҥа сүүмэрдиир куонкуруска кыттыыны ылан, федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр быраабы ылбыта.
— Бырайыагы олоххо киллэрии икки түһүмэҕинэн былааннанар: бастакытынан, мобильнай дьиэлэри тутуу, иккиһинэн, инфраструктураны киллэрии. Билиҥҥи туругунан мобильнай дьиэлэри атыылаһыыга хантараак түһэрсиллэн, туруохтаах миэстэтигэр тиэрдилиннилэр, таҥыы уонна ис үлэлэрэ ыытылыннылар. Бырайыак 2-с түһүмэҕин олоххо киллэриигэ паарка 2021 сылга сүүмэрдиир куонкуруска кыттар. Бу бырайыагы олоххо киллэрии түмүгүнэн «Уус-Буотама» туристическэй базата бэйэтин сиригэр-уотугар 40 ыалдьыты уопсайа 14 дьиэҕэ ыларга бэлэм буолуоҕа. Дьиэлэр аныгы ирдэбилгэ эппиэттиэхтэрэ.
— Лабыйа сирэ ханнык улууска баарый?
— Хаҥалас улууһугар Дьокуускайтан 200 км ыраах сиргэ сытар. Бу манна дьон-сэргэ дьыл кэмиттэн тутулуга суох сөбүлээн сылдьар. Өлүөнэ туруук хайаларын саамай кэрэ көстүүтэ арыллар сирэ. Ону таһынан, саха киһитигэр Лабыйа сирэ сакральнай сир буолар. Манна этиллибит алгыс, баҕа санаа, сиэр-туом хайаан да туолар айылгылаах.
Лабыйа сиригэр 144 миэтэрэ үрдүктээх очуос хайаҕа өрө дабайар ыллык, Өлүөнэ өрүс хочотун бүтүннүү көрөр былаһаакка, ыллык хаамыытынан пааматынньыктар: былыргы кыыл – трилобит, хайаҕа суруктар ойууларын тохтобуллара, алгыс, сиэр-туом ыытыллар сирэ, сынньанар дьиэлэр, атыы-эргиэн баар мемориальнай табличкалаах остуол турар.
— Биэнсийэлээхтэр сынньаныахтарын баҕардахтарына ханнык чэпчэтиилэр баалларый?
— Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕынан биэнсийэлээхтэргэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, кыаммат араҥа ыалга, инбэлииттэргэ уо.д.а. чэпчэтиилээх өҥөнү туһанар араҥаҕа киирсээччилэргэ Национальнай паарка сиригэр-уотугар сылдьыыга чэпчэтии көрүллэн – уопсайа 200 солкуобай буолар. Оттон 7 диэри саастаах оҕолор, тыыл-үлэ, сэрии бэтэрээннэрэ, бастакы уонна иккис истиэпэннээх инбэлииттэр, Дьоруойдар киирэллэрэ босхо.
Ульяна ЗАХАРОВА.